«Sakhalifting» тардынааччылара сөхтөрөллөр
Ханна да тиийдэххэ, физкультуранан уонна спордунан утумнаахтык дьарыктанааччылар бааллар. Хамсык ыарыы өрө турбут кэмигэр дьарыктанааччылар ахсааннара эбиллэ турара үөрдэр. Онлайн ситимин нөҥүө көхтөөхтүк дьарыктыыллар.
Балтараа сыллааҕыта тэриллибит “Финанс” РИК гендириэктэрэ Дмитрий Захаров салайааччылаах “Sakhalifting”-турникка тардыныы бассаап-бөлөх ааспыт сылы дьоһуннук түмүктээтэ.
Кэккэлэрэ да хаҥаан иһэр, көрдөрүүлэр да тупсаллар. 13 саастаах оҕотуттан 76 саастаах аҕам дьон, спордунан дьарыктанааччылар, тренердэр, илии “хара” үлэһиттэрэ, урбаанньыттар, учуонайдар, тэрилтэлэр, өрөспүүбүлүкэ салайааччылара, дьокутааттар, араас салаа үлэһиттэрэ бары бааллар. Сүрүн сыал-сорук – чэгиэн-чэбдик, чиргэл, тэтиэнэх туругу үөскэтии. Ый аайы бэйэни хонтуруолланар тардыныылар буолаллар. Ким хайдаҕа, төһө эбиллэрэ ырылыччы көстөн иһэр. Биирдэ да тардымматтартан саҕалаан, биирдиитэ, үстүүтэ, уончалыыта, отуччалыыта тардынааччылар бааллар. Киһи санаатын, кыаҕын көтөҕөр этиилэр, сүбэлэр-амалар бэриллэллэр. Аныгы сибээс сайдыылаах үйэтигэр олорор буолан, билэ-көрө, инники диэки бара, сайда сатааһын тутуһуллаллар. Барыта киһи үчүгэй буоларын туһугар оҥоһуллар буолан, интэриэс баар. Кыаммат киһи кыанар буоларга дьулуһара үчүгэйтэн атыны аҕалбат. Доруобуйаҕа туһалаах хамсаныы бары көрүҥнэрэ уруйданаллар. Тардыныы, анньыныы, тренажердарга дьарыктаныы, салгыҥҥа сылдьыы, хаамыы, сүүрүү уо.д.а. Сатабыл, ньыма быһаарар оруоллаахтар.
“Sakhalifting” тардыныы бөлөҕүн практиката көрдөрөрүнэн, холобур, кыайан тардыммат киһи, тардыныы техникатын үөрэттэҕинэ, баһылаатаҕына, биирдэ да буоллар, тардынар буолар. Онтон биирдэ тардыннаххына, иккитэ, онтон үстэ тардынар буолаҕын. Сыыйа, итинник салгыы эбиллэн бара турар. Биллэн турар, улахан ыйааһын мэһэйдиир, ону түһэрэр эмиэ сыраны эрэйэр. Сыралаһар киһи дьарыктанар, үлэлиир. Бэйэҥ тускар кыһаллыбатаххына, туора киһи ким эйиэхэ кыһаллыаҕай.
Батыһыахха айылаах үтүө дьон сүбэлэрэ, холобурдара элбэх. Ол туһунан тардыныы бөлөх бассаабыгар күннэтэ кэлэ турар. Киһи аймах историята көрдөрөрүнэн, үйэлэр тухары киһи бастыҥнартан үөрэнэр. Көҥүл тустууга Олимпийскай оонньуулар үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Бувайсар Сайтиев перекладинаҕа анньынарын аттыгар турар уһуйаан саастаах уола сөҕө-махтайа көрөр видеоролига иитэр-өйдөтөр суолтата сүдү.
Биһиэхэ, Сахабыт сиригэр, дьиэ кэргэнинэн ылсан эрэллэр. Дьиэлэрин тэлгэһэтигэр турниктары туруораллар, хосторугар эмиэ туруораллар, бэйэлэригэр сөптөөх тренажердары атыылаһаллар. Эттэрин-сииннэрин дьарыктыыллар. Ыал аҕалара уолаттарын, эһээлэр сиэннэрин уһуйаллар. Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээт дириэктэрэ Николай Гуляев иитиллээччилэрэ сарсыардааҥҥы сэрээккэлэригэр тардынар, анньынар хамсаныылардаахтар. Бэйэтин уолаттарын сэрээккэ оҥороллорун ситиспитэ үтүө түмүктэрдээх. Саҥа Дьылы көрсө армияттан кэлбит улахан уолун кытта турникка тэбис-тэҥҥэ “выход силой” оҥоро-оҥоро уоннуута тардыннылар, “Уолум дьарыга үчүгэй эбит!”- диэн сыаналаата.
Ааспыт Оҕус сыла үлэни өрө тутар тардынааччыларга ситиһиилэри аҕалла. Хаҥалас Үөдэйин ыччата, ушу салайааччыта Евгений Самсонов стритлифтиҥҥэ уонна пауэрлифтиҥҥэ буолбут Арассыыйа чемпионаттарыгар эр-биир кыһыл көмүс мэтээллэри ылаттаата. Үөһээ Бүлүү бухатыыр ыччата Богдан Прокопьев пауэрлифтиҥҥэ саамай ыарахан ыйааһыннаахтарга Арассыыйа абсолютнай чөмпүйүөнүнэн буолбутун таһынан, рекордун оҥордо, итиэннэ Европа 23-р диэри саастаах ыччаттарын чемпионатыгар боруонса мэтээлгэ тигистэ.
“Sakhalifting” лидердэрэ үрдүк көрдөрүүлэринэн үөрдэллэр. “Сахатранснефтегаз” гендириэктэрэ Алексей Колодезников тардыныынан умсугуйан дьарыктанан, 9 тардыныыга тиэрпитэ, бөдөҥ салайааччыга ураты ситиһии. Үөһээ Бүлүү Тамалакааныгар Федор Иванов уонча миэтэрэ үрдүктээх арочнай спортсаала арматуратыттан тутуһан үөһээнэн эргийэр. 55 саастаах Николай Федоров 50 төгүл тардынар. Сүүстэн тахса киилэни үктүүр ыйааһыннаах салайааччыбыт Дмитрий Захаров, мас тардыһыытыгар аан дойду чөмпүйүөннэрэ Василий Алексеев, Сергей Фролкин 17-21 тардыналлар. 85 киилэ ыйааһыннаах Семен Яковлев 23, Ян Алексеев 16, 80 киилэ ыйааһыннаах хирург-быраас, Ил Түмэн дьокутааттара Владимир Чичигинаров 16, Леонид Александров 34 тардыналлар. Бу саҥа Баабыр сылыгар киирэн баран дэгиттэр сайдыылаах Виталий Никифоров 50-ҥа тиэртэ! Марафоҥҥа Арассыыйа сүүрэр суолларын кыайыылааҕа Сунтаартан 73 саастаах Иван Архипов 16 тардынар. Көҥүл тустууга бэтэрээннэргэ аан дойду чөмпүйүөнэ, 73 саастаах Иннокентий Кочкин ый аайы сааһыгар холооно суох элбэхтик – 31 тардынар! Бөлөх 76 саамай аҕам саастаах кыттыылааҕа, хары баттаһыытыгар аан дойду чөмпүйүөнэ, билигин эдэрдэри кытта тэҥҥэ күүһүргэһэр Петр Наумов хойуу былчыҥнарынан кылапачыта оонньуура көрүөхтэн эриэккэс көстүү!
Дьэ, күүс-сэниэ баар уолаттара!
Саҥа Дьылынан эҕэрдэлиибит!