Саханы аатырдар дьон
Мүрү-Мүрү барахсан,
Мүөттээх сыта дыргыйан,
Маннык үтүө дойдуга
Үөскээбитим күндүтүн...
Тойон Мүрү, оо, уҥуора-маҥаара көстүбэт улуугун даҕаны! Кэрэҕин даҕаны!
Арай Бороҕоҥҥо хоммут дьиэбит хаһаайката кэпсээтэ: “Манна сарсыарда аайы биир оҕонньор түөрэҥкэй тыынан туран эрэ эрдэн киирэр. Балык бөҕөнү хостуур”.
Ээ, мин тута биллим – ити Борис Иванов.
* * *
Бористыын Иван Ушницкай диэн биир эһэлээхпит. Ок-сиэ, наһаа да холку, наҕыл, көрсүө киһи. Мин бу Тойон Мүрүгэ биэс саастаахпар кэлэн сайылаабытым. Убай Колям, убай Гаанньа (Чэриктэй Биэрэтин уола) кэрэ да дьоннор этэ, миигин бүөбэйдээн ииппиттэр да эбит. Ити Мигалкин уулуссатыгар олорбутум. Кэлбит күммэр миэхэ саллаат таҥаһын тигэн биэрбиттэрэ уонна Эдьиий Биэрэттэн Булчут диэн ыт бэлэхтээбиттэрэ. Бороҕоҥҥо олохтоох уолаттар саҥа кэлбит киһини кырбыыр идэлээхтэрэ. Ол иһин миигин бэлэмнээн баран таһаарбыттара. Саҥаһым Маша барахсан таптыыр да этэ. Кини ийэтэ Сөдүөрэ ол таҥаһы тикпитэ. Дьиҥнээх убайым Коля уонна «виртуальнай” убайым Гаанньа идея биэриилэрэ. Сарсыарда аайы Мүрү сыырын үрдүгэр пограничнbк таҥастаах, ыттаах уол тахсарым. Үөһээттэн көрдөххө, Мүрү киэҥин сөҕөрүм, ол ырыых-ыраах сирдэргэ тиийбит киһи диэн аан бастаан санаа киирбитэ. Бэйэлэрэ матасыыкылынан сырыы бөҕө. Хас бардахтарын аайы миигин тиэйэ сылдьаллара. Ити кэмҥэ миигин киһи бөҕөнү кытта билиһиннэрбиттэрэ.
* * *
Ол дьиэм көтүллүбүт кинотеатр оннугар турара. Сарсыардаттан оҕолор чыычаах курдук айманан уһуктан кэлэллэрэ. Убайым ханна эрэ барар буоллаҕына, миигин Бористаахха илдьэн кэбиһэрэ. Бу барахсаттар аймаҕымсахтарын, ыалдьытымсахтарын – биэстээх уолу ытыс үрдүгэр түһэрэн көрсөллөрө. Уоллара Борис миигиттэн биир сыл аҕа, кыыстара Наташалыын эт саастыыбыт. Наташа олбуорга бадараанынан ас астыы сылдьар буолара. Дьиэҕэ туох да ас буолунай, оттон таһырдьа биһиги, оҕолор, “ас астыыбыт”. Наташа кыраһыабайа, чаҕылхайа диэн, улахан спортсменка буолара хааллаҕа... Саҥаһым Таня улуу спортсменка, бииргэ төрөөбүт быраата Семен Черноградскай – сахаҕа бастакы хайыһарга маастар. Өссө тахсыах киһи, оһоллонон хаалбыта. Онто суох сахалары албан аатырдыахтааҕа. Билигин Дуолан олоҥхоһут. Абаҕам Борис сэттэ көрүҥҥэ разрядтаах эрээри, олус холку. Оҕунан ытыыга спорт маастарын үстэ толорон баран, биирдэ да иҥэрбэтэхтэр. Саха бастакы биатлониһа.
* * *
Миигин “Баанньыска, тукаам” диэн ааттыыра. “Биатлонист буоларга эн эһэҥ Уйбаан Уһунуускай үөрэппитэ ээ. Улуу булчут, сэрии кэмигэр бултаан, балыктаан, киһи бөҕөнү быыһаабыт киһи. Кини иккис оҕотун уола эн буоллаҕыҥ. Дьэ, ол оҕонньор миигин батыһыннара сылдьан үөрэппитэ. Миигин байанайдаах булчут буоларга кини бэриһиннэрбитэ, бэлэхтээбитэ. Туут хайыһарынан Наара үрдүк сыырын үрдүттэн ыстанан, олбуорун ортотугар биирдэ баар буолара үһү. Сэттэ уончалаах оҕонньор итинник ыстанара, бу санаатахха, кыахтаах да эбит. Ол, Баанньыска, тукаам, эн эһэҥ этэ. Киниттэн хайыһардыырга, биатлоҥҥа үөрэммитим. Таах хайыһардаах сүүрэн иһэн, тайахтары, эһэлэры ытан ааһара. Оттон эн аҕаҥ Түспүт Бүөтүкэтэ алдьархайдаах кыах киһи этэ”, - кэпсиирэ.
* * *
Абаҕам биирдэ бэлэсипиэтин оҥоро олороро. Куруутун буоларын курдук, холку. “Бу Дальнай Восток күрэхтэһиитигэр бараары олоробун”, – диэбитэ. Онно мин убайбын Аптамаат Өндөрөйү илдьэ барбыта. Син си-дьүгээр сылдьыбатахтар. Борис инники, Өндөрөй ортоку соҕус сылдьыбыттар. Дьэ, онтон ыла бэлэсэпиэт муодата буолбута. Биһиги оннук күрэхтэһиигэ бараары сырсыы да сырсыы буоларбыт.
* * *
Биирдэ хара “Волга” кэлэн тохтоото. Оччолорго хара “Волга” оройуоҥҥа биир эрэ баар буолара. “Тос” курдук тойон тахсан кэлэрэ буолуо дии
санаабыппыт. Ол иһиттэн Борис бииргэ төрөөбүт убайа Николай, обком бастакы сэкэритээрин Г.О. Чиряев суоппара тахсан кэллэ. Бу барахсан наһаа да холкутун, наҕылын. Өссө: “Ии, оҕом Баанньыска баар эбит”, – диэтэ.
* * *
1980 сыл. Мин Москва олимпиадатыттан кэллим. Ийэбин ытык буоругар киллэрэн баран, Дүпсүҥҥэ баран иһэн кинилэргэ сылдьыбытым. Уоскуйааары. Оо, барахсаттар, үтүөтүк да көрсүбүттэрэ. Мин хайа да ыалга сырыттахпына, кинигэлэрин сэҥээрэ көрөөчүбүн. Ол ымсыырбыт харахтарбын таба көрөн, саҥаһым Таанньа: “Бу наада дуо, бу дуо?” - диэтэ, онон Давид Ригерт, Юрик Варданян туһунан кинигэлэри, уопсайынан уончаны бэлэхтээбитэ. Ол аайы убайым Борис мин бырааппын сөбүлээтэ диэн үөрэрэ. Оо, остуол хотойорунан ас. Кинилэргэ кэллэҕим аайы ыалдьыт-хоноһо бөҕө баар буолара. Роман Дмитриев, Пинигин, Иванов кэлэн барбыттара дииллэрэ.
***
Мин аҕам быраатын таптыыр да этэ. Бороҕону быһа ааспат. Эгэ, Бориһыгар сылдьыбат буолуо дуо? Мин эмиэ Бороҕоммун наһаа таптыыбын. Убай Колям, Аптаах Гаанньам өлбүттэрин кэннэ эдьиий Ааныһым үөрэ көрсөр. Биэстээхпэр Бороҕоҥҥо уулуссаҕа кинини көрөөт саллаат курдук хааман тиийэн чиэс биэрэбин. Биһиги дэриэбинэбитигэр тротуар диэн суох. Тыһырҕаччы хааман тиийбиппэр, эдьиийим үөрдэ аҕай. Коля хаһыакка кутуллубут кэмпиэт биэрбитин киниэхэ ууннум. Онтон Бористаахха тиийбиппит.
***
Эмискэ үлүгэр сарсыарда Бороҕоҥҥо телефон тыаһаабыта. Олимпийскай чемпионнар Алевтина, Павел Колчиннар кэлэр буоллулар, күрэхтэһиигэ кытталлар, онно хайыһар суолун оҥоруҥ диэбиттэр. Онуоха абаҕам аах суһалынан суол тэлэ охсон биэрбиттэр. Онно күндү ыалдьыттарбыт: “Сахалар күрэхтэһиигэ ситиһиилэниэххитин сөп эбит”, – диэн барбыттар. Биатлоҥҥа Семен, хайыһарга Татьяна, абаҕам Борис оххо (олимпийскай көрүҥнэргэ) бастакы олуктары ууруохтарын сөп этэ.
***
Биир киһи хаар күрдьэ сылдьар. Кимий? Оо, хамсаныытыттан көрдөххө, эдэр киһи курдук. 80-тан тахсыбыт саастаах оҕонньор Борис Иванов. Тугу гынарый? Сэрэйэбин, дьонугар-норуотугар үчүгэйи оҥоро сылдьар. Туора киһи үчүгэйи оҥордоҕуна киһи үөрэр, оттон мин абаҕам бу кырдьыар диэри дьон хатааһылаатыннар, ыраас салгынынан тыыннынар диэн, мууска каток күрдьэ сылдьар эбит. Тиһэх күнүгэр диэри дьоммор-норуоппар үчүгэйи оҥордорбун дии сылдьан олохтон барбыта.