05.03.2021 | 04:45

Сахалыы ырыаны киэҥ эйгэҕэ таһаарабыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Покровскай куорат IT-киинин резиденнэрэ, саха уолаттара  төрөөбүт тылларын киэҥ эйгэҕэ тарҕатар сыаллаахтар. Ол курдук, кинилэр сахалыы ырыалары түмэн Skylark Music (Күөрэгэй ырыата) диэн ааттаах сыһыарыы айбыттар.

Музыкальнай сыһыарыы сахалыы ырыаны толорооччулары барытын хабан киллэрдэ. Итиэннэ олохтоох араадьыйа долгуннара эмиэ бааллар, астына-дуоһуйа истиэххэ сөп.  

Сыһыарыыны оҥорон таһаарааччылар иһитиннэрбиттэринэн, сыһыарыы Play Market эрэ баар, бэрт сотору AppStore платформатыгар тахсара күүтүллэр.

«Цифровой технологиялар үйэлэригэр дьон үксэ мобильнай сыһыарыылары ордорор. Кистэл буолбатах, уруучуканы уонна лииһи ылан сурумматахпыт ыраатта. Биллэн турар, киһи өйүгэр-санаатыгар уларыйыылары иҥэрии сыһыарыылар ырыынактарыттан тахсар, сайдыыга көҕүлүүр. Биһиги идиэйэбит саха ылбаҕай ырыатыгар олоҕурда. Саҥа тахсар ырыалары, урукку да буоллун, музыкальнай платформаҕа барытын тиһиэхтээхпит. Маннык гынан төрөөбүт тылбытын тарҕатабыт”,  – диэн стартап тэрийээччилэрэ бэлиэтииллэр.

Мирослав Егоров, ыытааччы:

- Skylark Music сыһыарыыны хачайдаан, бэйэм ырыам киирбитин суоҕун көрдүм, баар эбит, үөрдүм аҕай! Сахалыы ырыаны таптааччылар, истээччилэр, бу сыһыарыыны төлөпүөҥҥүтүгэр хайаан да туруоруҥ. Сахалыы ырыалары интэриниэт хабар сиригэр истэҕит, ютубка да суох мелодистар ырыалара кытта киирбиттэр.

Дмитрий Ядрихинскай, тамада, шоумен:

- Миигиттэн куруутун бу ырыаны хантан булабын, ити музыканы хантан хайчайдыыбын диэн элбэхтэ ыйыталлар. Ону баара, саҥа сахалыы ырыалары барытын түмпүт сыһыарыы баар эбит. Үчүгэйэ диэн, төлөпүөҥҥэ 40 Mbyte эрэ ылар эбит уонна ханнык баҕарар сахалыы ырыаны истэҕит. Номнуо 5000 ырыаны уга охсубуттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....