Сахалыы саҥа ютуб-ханаал бастакы биэриитэ таҕыста
Үүммүт үөрэх дьылынан төрөппүттэргэ, ыччакка өбүгэ төрүт билиитин, үгэһин, норуот үөрэҕин кэпсиир саҥа “Саха суола” диэн сахалыы ютуб-ханаал баар буолла.
Ханаал ийэ сиргэ ытыктабылы, тапталы иҥэрэргэ туһуланар, саха сүтэн эрэр төрүт билиитин, духуобунай баайын чинчийэр, тилиннэрэр, сырдатар, сиэрин-туомун сөргүтэр, төрөөбүт дойдубут кэрэтин кэрэһэлиир, сахалыы тыын сылаас биһигэ буолар аналлаах. Бырайыак Ил Дархан Гранын өйөбүлүнэн тахсар. Бастакы биэрии ийэ тылбыт төрдүн туһунан кэпсиир. Биэрииттэн тылбыт үөскээбит устуоруйатын, атыттартан уратытын билиэххит. Тыл оонньуутун сэргии көрүөххүт. Оттон биэриилэри мэлдьи көрө сырыттахха, кэлин анал күрэстэргэ кыттан, бириистээх миэстэҕэ тиксиэххэ сөп. Саҥа ютуб-ханаал саха ыала оҕону иитиигэ сүбэлэриттэн үллэстиэҕэ. Көрүҥ, истиҥ, сэргээҥ, билиигитигэр билиитэ эбиниҥ! Саха сарсыҥҥылаах буоллун! Санаатын сайа эттин!