12.11.2020 | 07:49

Сахалыы саҥа сайт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күндү Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ! «Саха этигэн тыла» http://sakhaetigentyla.ru/ диэн ийэ тылбыт эйгэтин кэҥэтэр, сайыннарар сыаллаах, сахалыы хомоҕойдук саҥарарга, уус-ураннык уонна таба суруйарга үөрэтэр, сырдатар аан ситим баар буолбутун иһитиннэрэбит. Бырайыак Ил Дархан Гранын өйөбүлүнэн тахсар.

Сайт саха тылын-өһүн бары дэгэтин туһунан кэпсиир, анаарар аналлаах. Төрөөбүт тылбытынан сөпкө саҥарарга, суруйарга үөрэтэр уруоктартан сахалыы сурук-бичик үөскээһинин, сайдан кэлбит кэрдиис кэмнэрин, бэчээккэ уонна аан ситимҥэ ийэ тылынан ыстатыйаны суруйуу тутулун, ньымаларын, сатабылларын билиэххит. Онуоха ханнык алҕастар баалларын, тылы сыыһа туттуу, үйэлээх үгэс, таба суруйуу быраабылата кэһиллиитин чопчу холобурдарга олоҕуран быһаарыахпыт. Киэҥ эйгэҕэ тахсар суруйуу  өйгө-санааҕа тиийимтиэ буоларыгар ханнык ирдэбиллэр баалларын анаарыы, чопчу сүбэлэр, сорудахтар туһалаах буолуохтара.

Ханнык да идэлээх буолбутуҥ иһин, дьоҥҥо-сэргэҕэ ыллыктаах тылгын ылыннарар эбэтэр оҕоҕор маннык дьоҕуру сайыннарыаххын баҕарар буоллаххына, саайт уруоктарын көрөн анаан дьарыктаныаххытын сөп. Ол түмүгэр санааны сааһылаан этэргэ үөрэниэххит. Сааһынан хааччаҕа суох, ийэ тылбыт кэскилин өйдүүр, ол туһугар туруулаһар,  киэҥ эйгэҕэ санааны сайа этэ-тыына үөрэниэн, суруйуон, сайдыан баҕалаахтарга ананар. Дьарыктар түмүктэринэн үөрэнэргэ көмө кинигэ тахсара былааннанар.

Ону таһынан манна сахалыы саҥарарга, таба суруйарга үөрэтэр, сүбэлиир  ыстатыйалар, саха фольклорун анаарыылар, суруйааччылар, чинчийээччилэр олохторун, айар үлэлэрин, айымньы тылын-өһүн, айар ньыма дэгэттэрин ырытыылар, тылы сайыннарыыга, үйэтитиигэ туох үлэ, тэрээһин буола турарын сырдатар  суруйуулар  тахсаллар. Сахалыы айымньылары сыта-тура наллаан истиэххэ эмиэ сөп.

Бэйэтин норуотун тылын билэр, уус-уран айымньытын, устуоруйатын, олоҕун-дьаһаҕын туһунан ааҕар, үөрэтэр ыччат, бастакытынан, билиитэ хаҥыыр, олоҕу көрүүтэ киэҥ буолар. Иккиһинэн, өйө-санаата уһуктар, ийэ тылынан иитиллэр, төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин дьылҕатыгар ис сүрэҕиттэн кыһанар. Үсүһүнэн, өйө-санаата уһуктубут ыччат олоххо ордук тардыһыылаах, тобуллаҕас буола сайдар. Оччоҕо норуот бүттүүнэ сарсыҥҥыта саргыланар, кэнэҕэскитэ кэскиллэнэр! Күндү доҕоттор, ааҕыҥ, истиҥ, үөрэниҥ, кыттыһыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....