02.03.2023 | 01:00

Сахалыы кылааска хайдах киирэбит?

Дьокуускайга сахалыы кылааска тиксии – таҥараттан тиксэр улахан дьол курдук ылыныллар буолбута ыраатта.
Сахалыы кылааска хайдах киирэбит?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьиҥэ, ирдэбиллэргэ олоҕурдахха, оскуола докумуон ыларыгар төрөппүттэртэн киирбит сайабылыанньалары көрөн кылаастарын таҥыахтаах. Эрдэттэн хас кылаас ханнык тылынан үөрэтэллэрин быһааран кэбиһиэ суохтаах... Ол эрэн дьиҥ оллоххо атын хартыына.

Дьокуускай куоракка сахалыы кылааска хайдах киириэххэ сөбүй?

“Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Вилюяна Никитина төрөппүттэргэ сүбэлиир:

- Билиҥҥи сокуон ирдэбилинэн төрөппүт сайабылыанньатынан көрөн “сахалыы үөрэтэр” уонна “саха тылын үөрэтэр” кылаастар ханнык баҕарар оскуолаҕа арыллыахтаахтар. Ол эбэтэр, төрөппүт бэйэтэ олорор оройуонугар турар оскуолаҕа тиийэн, оҕобун 1-кы сахалыы үөрэтэр кылааска ылыҥ диэн сайабылыанньа суруйдаҕына, ол төһө кыалларынан хааччыллыахтаах.

Бу оскуолаҕа сахалыы кылаас арыллыбат, ол иһин инник сайабылыанньаны ылбаппыт диэтэхтэринэ, ол төрөппүт уонна оҕо быраабын кэһии буолар. Онон оҕоҕут инникитин быһаарар, кыһаллар дьон буоларгыт быһыытынан, төрөппүттэр, хайаан да быраапкытын тиһэҕэр диэри туруорсуохтааххыт.

Арай сахалыы кылааска сайабылыанньа аҕыйах, ол иһин кылаас арыллара кыаллыбат диир түгэннэригэр, атын чугас оскуола сахалыы кылааһыгар киллэрэргэ дьулуһуоххутун сөп.

 Эбэтэр маннык гынааччыбыт: ол оскуолаҕа сахалыы кылааска киириэн баҕалаах төрөппүттэри мунньан уопсай сурук суруйан, куорат үөрэҕин салалтатыгар илдьэн, бырааппытын туруорсан ситиһээччибит.

Оҕотун сахалыы үөрэтиэн баҕарар төрөппүт  санаатын уурдаҕына, быраабын сөпкө уонна сатаан туруорустаҕына барыта табыллар. Түмсүүлээх буоллахха элбэҕи ситиһиэххэ сөп. Эбии да кылаас арыттарбыппыт баар суол. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...