27.09.2021 | 18:22

Сахалыы чэй арааһа

Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Кэнники сылларга, ордук дьаҥ-дьаһах, пандемия кэмигэр дьон ордук сахалыы-махалыы, бэйэ аһын аһыыр, чэйин иһэр буоллулар. Кырдьыга даҕаны, хомуйан, хатаран хаһааммыт чэйиҥ ордук туһалааҕа биллэр. Буолаары буолан төрөөбүт дойдугуттан хомуллубут от-мас ордук эккэр-хааҥҥар, туруккар үчүгэйи, туһалааҕы оҥорор, доруобуйаҕын тупсарар.
Сорохтор “ассорти” чэй оҥорор буолбуттар. Ол курдук биир дьүөгэм отонноох үүнээйи сэбирдэхтэриттэн саҕалаан хонууга, алааска үүнэр эмтээх оттору, кучу чэйи хомуйан, хатаран булкадаһык чэй оҥороро олус минньигэс буолар. Онно эбии дьиэтин таһыгар күөх чэйи, мятаны, бергамоту үүннэрэр уонна кыра-кыралаан эбэр-сабар. Бэртээхэй амтаннаах чэй бэлэм буола түһэр. 
Сахалыы чэйдэ элбэхтик иһиҥ. Эккэ-сииҥҥэ, искэ-үөскэ туһалаах. Чэйдии олорон эмтэниҥ. 
1. Тиит мас хатырыгын (пилораматтан ылан) чаанньыкка хаалаан, күн аайы оргутан иһэ сылдьыҥ. Хааны ыраастыыр, уҥуоҕу кытаатыннарар, мэйиини бөҕөргөтөр, куту-сүрү күүһүрдэр. Сүрдээх үчүгэйдик барар. Биир кутуу элбэхтэ оргутуллар. Амтана астык! Тиит мас элбэххэ туһалыырын бэйэҕит да билэҕит. 
2. Кыа ото эмиэ бэрт хойуу, үтүө амтаннаах чэй бэрдэ. Уоскутар, сылаанньытар, утутар. 
3. Бэс иннэтэ, хатырыга бэртээхэй "күөх чэй". Сырдык дьүһүннээх чэй. Төбөҕө, мэйиигэ, умнубат буолууга туһалаах. 
4. Дөлүһүөн чэйи бары бэркэ билэҕит. 
5. От сыата – бэрт бардарыылаах чэй ааттааҕа. Оһоҕоско, хаайтарыыга, ис ыарыытыгар туһалаах. 
6. Хаптаҕас, моонньоҕон, дьордьомо, хатыҥ сэбирдэхтэрэ хатарыллыбакка сырдык дьүһүннээх, минньигэс амтаннаах чэйдэр. Туга-ханныга биллибэт, туохтан оҥоһуллубуттара көстүбэт, атын дойду бакыат чэйдэриттэн туттунуҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...