27.12.2023 | 14:45

Сахабыт сирин үтүөнэн ааттата турдуннар

Саха дьоно-сэргэтэ былыргыттан ийэ айылҕаҕа чугас, ураты норуот. Төрөөбүт ийэ тылтан саҕалаан сүдү суолталаах эйгэнэн этитэр үлэлэргэ ылсаллар.
Сахабыт сирин үтүөнэн ааттата турдуннар
Ааптар: Ньургуйаана Скрябина
Бөлөххө киир

Бу ылбычча киһи дэбигис өйдөөбөт чараас, ураты көстүбэт айдарыылаахтар эйгэлэрин киһи мээнэ ылан ыһа-тоҕо кэпсээбэт. Ол курдук, Айыҥа киин туллар тутааҕын аҕыс сааһыттан кута иитиллибит, Кузьма Апполонович, Андрей Иванович үөрэнээччилэрин, Федорова Ньургууна Ариановна – норуокка биллэр аата Мэҥэ Ньургуунатын үлэтин, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөтүн, эмтиир, үөрэтэр ньыматын, уурунуу суругу ааҕыытын сэргээбит киһинэн 2009 сыллаахха Тыва итэҕэлин үрдүк ойуунунан талыллыбыт, онтон 2018 сылтан ыла Россия үрдүкү ойууна Допчун-оола Кара-оола Тюлюшевич бу күннэргэ Ньургуунаны бэйэтигэр ыҥыран,    Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү ойуунун аатын уонна Арассыыйа үрдүкү ойуунун солбуйааччыта буолбутун туоһулуур сертификатын уонна дастабырыанньатын туттарда. 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү ойуунун солбуйааччытынан Эмэгэттээх Өлөөнөнү – Аммосова Лена Владимировнаны оҥордо. Кинилэри арыаллаан көмөлөһөөччүлэрэ Чөмчүүк тэҥҥэ сылдьыһан, этэҥҥэ дойдуларыгар кэллилэр, кинилэргэ ситиһиини баҕарыаҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...