Саха ыалыгар – саха оонньуура
Тапталлаах ааҕааччыларбытыгар талааннаах, айымньылаах уонна бэйэ суолун булбут интэриэһинэй дьон туһунан тиһигин быспакка сырдатабыт. Бүгүн сахалыы остуол оонньууларын оҥорор Кэскил Прудецкай туһунан кэпсиибит.
— Кэскил, хантан сылдьаҕын, туох идэлээх киһи буолаҕын?
—Уус Алдан Хоноҕоругар төрөөбүтүм. М.К. Аммосов аатынан СГУ педагогическай институтун бүтэрбитим. Идэбинэн үлэ уруогун учууталынан, дойдубар хас да сыл учууталлаабытым. Кэргэннээхпин, икки оҕолоохпун.
—Оҕо оонньуурун оҥорор санаа хайдах кэлбитэй?
—Оҕо сырыттахпына оонньуурум аҕыйах этэ. Былыр харчы да кырыымчык буолара, маҕаһыыҥҥа табаар да суоҕа. Уолаттар сүрүннээн пластилинынан кыыллары, дьоннору, дьиэни-уоту оҥорон оонньуурбут. Ол сылдьан бэйэм араас оонньуулары толкуйдуу-толкуйдуу, аттынааҕы ыалларым оҕолоругар оонньоторум. Устудьуоннуур да сылларбар маспын, уруһуйбун илиибиттэн араарбатаҕым. Сахалар остуолларын оонньуута оҕо айар дьоҕурун сайыннарар, толкуйга уһуйар буолан уонна ыал аҕата буоламмын, бу оонньуурдары оҥорон саҕалаабытым.
- Урбаан эйгэтигэр үктэнэргэр туох ыарахаттары көрүстүҥ?
- Аан бастаан бэйэм бэйэбэр үлэлээн саҕалаабытым. Оонньуурдарбын барытын илиибинэн оҥорорум. Сөптөөх матырыйаал да көстөрө уустук. Ол эрээри ардыгар, төһө даҕаны туора дьон сөҕүү-махтайыы буоллаллар, бэйэм оҥоһуктарбынан астыммат түгэннэрим баар буолан испиттэрэ. Саҥа быһаарыылары көрдөөн, интэриниэти кытта доҕордоспутум. Ол сылдьан сыыйа тэрилтэ арынарга санаммытым. Бастакы ыараханым – сөптөөх станок көстөн биэрбэтэҕэ, манна балайда бириэмэбин анаабытым. Билигин аныгылыы типтээх, анал бырагырааманан үлэлиир станоктаахпын. Бу сылтан саҕалаан куораттааҕы бизнес-инкубатор резиденэ буолан үлэлии-хамсыы сылдьабын. Бэйэбит офиспытыгар саҥа станок атыылаһан, хос куортамнаан, ситиһиилээхтик саҕалаатыбыт.
- Тэрилтэҕэр хас үлэһиттээххиний?
- Биир устудьуон уол көмөлөһөр. Үөрэҕин кэннэ кэлэн илии-атах буолар. Сүрүннээн бэйэм үлэлиибин эрээри, инникитин хас даҕаны үлэһити ылар баҕалаахпын.
Фото 3
- Остуол оонньуута туох туһалааҕый?
- Мин оонньуурдарым моториканы, оҕо логическай уонна математическай толкуйун сайыннарар аналлаахтар. Аныгы оҕолор бары күнү-күннүктээн YouTub-ка олороллоро кистэл буолбатах. Мин санаабар, интиэриэһинэй оонньуу суоҕуттан буолуо. Биһиги оонньуурдарбыт оҕолор сынньалаҥ кэмнэрин туһалаахтык атааралларыгар, өбугэлэрин оонньууларын утумнуулларыгар туһуланаллар. Ону таһынан былыргы өбүгэлэрбит уһун кыһыннарга оонньообут оонньуулара умнуллан эрэрин сөргүтэбит, норуот үгэһин туһанан, билиҥҥи оҕо хамсаммат буолбутун көннөрөбүт диэххэ сөп.
- Оҥоһуктаргыт олус интэриэһинэйдэр эбит. Төрөппүт оҕону кытта ситимин кытта сайыннараллар. Сааһынан хааччахтанар дуо?
- Идэбинэн аҕыйаҕа суох маастар-кылаастары тэрийэн оҥордум уонна оҕо сааһыттан тутулуктанара хааччахтаммат. Манна кыра оҕо, улахан да киһи оонньуур кыахтаах. Хас биирдии оҕо туһунан эйгэлээх, иэйиилээх, сайдыылаах. Хас биирдии оҕо син биир бастакы тахсыан эбэтэр кыайыан баҕар, куруутун инники сылдьарга дьулуһар. Оттон маннык оонньуу оҕо бу дьоҕурун көҕүлүүр, толкуйдуур, туттар-хаптар дьоҕурун сайыннарар.
- Бизнес эйгэтигэр үлэлиэн баҕарар дьоҥҥо тугу сүбэлиигин?
- Киһи бизнескэ бэлэм буолуохтаах. Манна тэрилтэҕэ үлэлиир курдук буолбатах, барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Атыннык эттэххэ, тэрилтэҕинэн эрэ тыынар, аһыыр буолуохтааххын. Билсиим, өйөбүлүм суох диэн баран олордоххо, олорон хаалыахха сөп. Билигин олохпут балысханнык сайынна, тубуста, саҥа идиэйэлэр кутулла турар кэмнэрэ үүннэ. Манна эн сөптөөх хамсаныыны, хамсааһыны таһаарар уонна баҕалаах буоллаххына, бизнес тэринэргэ эрэл уота умайыахтаах. Саамай сүрүн хаачыстыба – мин маны барытын кыайыам, ситиһиэм диэн бигэ эрэллээх буолуохтааххын.
- Бизнескэ былаан улахан суолталаах диэн бэлиэтииллэр. Тугу хайдах оҥоруохтааххын, хаһан толоруохтааххын былааннанаҕын дуо?
- Биллэн турар, баҕа санаам баһаам буоллаҕа дии. Санаабыппын тута толорон иһэр киһи буоламмын, долоҕойбор көтөн түспүтү барытын олоххо киллэрэ сатыыбын. Билигин, бастаан саҕалыырбар тэҥнээтэххэ, бэйэм санаабын барытын ымпыктаан-чымпыктаан көрөн баран оҥоробун.
- Фото5
- Дьарыгыҥ төһө барыстааҕый?
- Ханнык баҕарар бизнес барыстаах дии саныыбын. Биһиэхэ, саҥа саҕалаан эрэ дьоҥҥо, улахан барыс киирэр диир кыахпыт суох. Аны аҕыйах сылынан сакаас хоточчу киирэн бардаҕына, билиэхпит.
- Бириэмэни хайдах сөпкө аттараҕыный?
- Билиҥҥи кэмҥэ бириэмэ олох тиийбэт. Сарсыардаттан оҕолорбун оскуолаҕа таһабын, эбиэт кэннэ саха оскуолатыгар эбии дьарык куруһуогун ыытабын, киэһэ дьэ бэйэбэр үлэлиибин. Күннээҕинэн хаһан даҕаны олорбоппун. Иллэҥ бириэмэ таҕыста эрэ, үлэбэр умса түһэбин, сакаастарбын оҥоробун.
- Кэскил, инникитин туох былааннар күүтэллэр?
- Инники былаан элбэх. Сайдыылах куораттарга тахсыахпытын баҕарабыт. Ол курдук Москва, Питер курдук куораттарга талааннаах дьоннор баалларын билэбин. Кинилэри кытары көрсөн, санаа атастаһан, саҥа идиэйэ эбиниэхпин баҕарабын. Сыыйа барыта олоххо киирэн иһиэҕэ димэн эрэнэбин.
Аҥардас дохуот эрэ иннигэр үлэлиир киһи түргэнник салҕар, сылайар диэччилэр. Үлэ үөрүүнү аҕалыахтаах. Биллэн турар, билиҥҥи ырыынак үйэтигэр харчы боппуруоһа эмиэ инники күөҥҥэ турар. Ол эрээри ити икки өйдөбүл силбэстэхтэринэ, сөптөөхтүк аттарылыннахтарына, кыайыы, ситиһии, олохтон астыныы кэлиэн сөп.
Кэскил Прудецкай саҕалаабыт дьыалата инникиллээх дии саныыбын. Саха оонньуурдара хас биирдии саха ыалын таптыыр дьарыга буоларыгар олус күүскэ баҕарабын.