Саха тылын суох оҥорор сокуону сатаан утары барбаппыт
Оччоҕо тугу гынабыт?
2017 сыллаахха Арассыыйа үөрэхтээһинин эйгэтигэр улахан реформа буолбута. Москва курдук улахан куораттарга бу реформа олоххо киириитин билбэккэ да хаалбыт эбит буоллахтарына, биһиги курдук национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ бу реформа урусхаллаах дьайыыта сыллата биллэн иһэр.
Судургутук быһаардахха, оскуола оҕото төрөөбүт тылын уонна литературатын үөрэтэрин эбэтэр үөрэппэтин бэйэтэ талар буолбута.
Дьокуускайга 50-ча оскуола үлэлиириттэн 40-ча оскуолаҕа саха тыла үөрэтиллэр. Бу иһигэр саха тылын куруһуок курдук, уруок таһынааҕы дьарык быһыытынан ыытар оскуолалар ааҕыллаллар.
Урут, ФГОС стандартара киириэн иннинэ, олохтоох омуктар култуураларын уонна саха тылын кэпсэтии таһымыгар нуучча кылаастарыгар барыларыгар үөрэтэллэрэ. Саҥа ирдэбиллэргэ олоҕуран, оскуолалар ФГОС-таах кылаастарыгар саха тыла кылаас таһынааҕы үөрэтиигэ барбыта.
Билигин нуучча кылаастарыгар сүрүннээн олохтоох омуктар култуураларын билиһиннэрии эрэ курдук үөрэтэллэр. Оттон саха тылын кэпсэтии таһымыгар уруок быһыытынан аҕыйах оскуолаҕа үөрэтэллэр.
Саха тыла уонна литературата предмет быһыытынан суох буоларга барда. Кылаас таһынааҕы дьарыкка, биллэн турар, тарбахха баттанар аҕыйах оҕо дьарыктанар. Уруок курдук булгуччу ирдэммэт буолан, баҕалаах эрэ оҕо кэлэн үөрэнэр кыахтаах.
Хайа баҕарар норуот төрөөбүт тылын ытык өйдөбүл быһыытынан үрдүктүк өрө тутар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ чөл туруктаах хаалларар, салгыы сайыннарар, харыстыыр үлэни тиһиктээхтик тэрийэр буоллаҕына, кини омук быһыытынан уратыта симэлийбэт.
Биллэрин курдук, Арассыыйа Федерациятын үөрэхтээһинин сокуонун 14 ыстатыйатыгар хас биирдии киһи судаарыстыбаннай тылынан үөрэнэрэ, иитиллэрэ уонна үөрэх систиэмэтин кыаҕын иһинэн бэриллэр тылы талан ылара мэктиэлэнэр. Ол сокуону олоххо киллэрии араастык барар. Оскуолаҕа үөрэх эйгэтин салайар дьонтон, биирдиилээн дириэктэрдэртэн элбэх тутулуктаах.
Тулагылар саха тылын үөрэппэт буоллулар
Тулагы орто оскуолатыгар быйылгы үөрэх дьылыгар төрөөбүт тылы үөрэтэр чаас аҕыйаата, оскуола дьаһалтата төрөппүттэртэн саха тылын үөрэтэртэн аккаас сурук хомуйан эрэрин туһунан сурах түргэнник тарҕаммыта.
Бу соторутааҕыта Тулагы орто оскуолатыгар улахан кылаастарга саха тылын уонна литературатын уруогун суох гыннылар. Саха тылын уонна литературатын учуутала бу сотору бэлиэтэниэхтээх Учуутал күнүгэр хобдох бэлэҕи тутта – кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэн аҕалбыт 10-с кылаастарыттан кини предметтэрин олоччу сотон кэбистилэр.
25 сыл саха тылын уонна литературатын үөрэппит учууталга бу улахан охсуу:
– Саха тыла хайдах үөрэтиллиэ суоҕай? Саха литературатын оҕолорбор хайдах кэпсиэм суоҕай?! – диэн Августа Семеновна Сидорова мунаахсыйар. – Быйыл онус кылаастарга суох – кинилэр ФГОС оҕолоро, 11-тэр – урукку бырагырааманан баран иһэллэр, ол иһин кинилэргэ аҕыйах чаас баар.
9 кылаас кэннэ профильнай үөрэхтээһин диэн киирдэ, оҕолору математическай уонна гуманитарнай хайысхаларга араардылар. Ол иһин бу күһүҥҥүттэн чаастарбын, кылаастарбын ыйыталаһан барбытым. “Биллибэт” диэн буолан иһэрэ.
Онтон төрөппүттэргэ сайабылыанньанан предметтэн аккаастаныаххытын сөп диэбиттэр. Сайабылыанньаларын көрдөрүҥ диэн көрдөстүм… Көрөөт, олус соһуйдум. Хайдах да оҕоҕо, төрөппүккэ маннык талларар сыыһа дии саныыбын. Дириэктэр Андрей Александрович Пуховка киирдим, чахчы сыыһа эбит, көннөрдүннэр диэн буолла. Ол тухары: “Онустарга хайыыгыт?” – диэн саабыс Лидия Григорьевна Илларионоваттан сураһабын…
Күһүнү быһа долгуйа кэтэспитим кэннэ, бу аҕыйах хонуктааҕыта 10-с кылаастартан саха тылын соттубут диэн эттилэр.
Биһиги оскуолабыт агро хайысхалаах. Ол иһин оҕолор хайаан да сахалыы билэр буолуохтаахтар диэн санаалаахпын. М.П. Обутова-Эверстова курдук суруйааччы анал истипиэндьийэтэ бэриллэр оскуолатыгар саха тылын үөрэтиини элбэтэрдээҕэр, төттөрүтүн аччатар, сотор олох сатаммат дии саныыбын. Үлэлээбитим тухары саха тылын, литературатын туруулаһан кэллим. Сахалыы буолла да, киирсиилээх буолуохтааҕын курдук.
Дьиҥэ, оҕону профильнай үөрэхтээһин оскуола икки бүтэһик сылыгар буолара тугу да биэрбэт. Оҕо үрдүкү кылаастарга идэтин чопчу талбат, олох кыра эрдэҕиттэн хайысхатын чопчулаатахха туһалаах буолуо этэ.
Саха тылын маннык “талларан” үөрэх бырагырааматыттан букатын сотон кэбиһэллэрэ чугаһаата.
Министиэристибэ “рекомендациялыан” наада
Вилюяна Никитина – “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта:
-“Саха тылын предмет быһыытынан үөрэтэр” уонна “сахалыы үөрэтэр кылаастар” диэни Үөрэх управлениета араарбакка сылдьар. Ол эбэтэр, саха тылын предмет быһыытынан үөрэтэр кылаастары сахалыы үөрэтэр кылаастарга киллэрэн сылдьаллар. Ити хайаан да араарыллыахтаах. “Саха тылын предмет быһыытынан үөрэтэр” кылаастары биһиги нууччалыы үөрэнэр кылаастар диибит. Саха тылын предмет быһыытынан эрэ үөрэттэххэ, чинчийиилэр да көрдөрөллөрүнэн, практика да көрдөрөрүнэн, тыл сүтэр, кэскилэ сарбыллар.
Үрдүкү кылаастарга баҕа өттүнэн, төрөппүт сайыбылыанньатынан тылы үөрэтии туһунан сокуон 2017 сыллаахха ылыллыбыта, ол күүстээхтик үлэҕэ киирэн эрэр. Биһиги ити сокуону кыахпыт баарынан утарсыбыппыт, сурук бөҕөтө суруллубута, миитиннээбиппит. Мин ООН мунньаҕар тиийэ баран тыл эппитим. Сокуон киирбитэ, биһиги хайыыр да кыахпыт суох...
Ол эрэн, төрөппүттэр билигин “саха тыла наадата суох” диэн сыыһа санааны ылынан аккаастаналларын билэбит. Төрөппүт оҕо бэйэтин тылын билэрэ туһалаах буоларын өйдөөбөт. Төрөөбүт тылын билэр оҕо хайаан даҕаны икки тылынан саҥарар буолар – сахалыы уонна нууччалыы. Икки тылынан ыраастык саҥарар киһи хаһан баҕарар сайдыылаах. Үһүс тыл холбостоҕуна өссө киэҥ билиилээх буолар. Ханна баҕарар аан дойдуга төрөөбүт тылын билэр киһи үрдүктүк сыаналанар. Төрөөбүт тылын билбэт киһини сэнииллэр. Ону төрөппүттэр өйдүөхтэрин наада. Ити бастатан туран.
Оттон иккиһинэн, саха тыла биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр – судаарыстыбаннай тыл. Судаарыстыбаннай тыл хайаан да үөрэтиллиэхтээх дии саныыбыт. Бу санааны тиэрдэ сатааһыны шовинизмҥа күтүрүөхтэрин сөп, ол иһин кутталлаах өйдөбүл буолар.
Мин көрүүм маннык: саха тыла өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай тыла буоларынан ситимнээн, Үөрэх министиэристибэтэ бэйэтин докумуонун оҥороругар туруорсуохха. “Саха тылын үөрэтиини бары кылаастарга үөрэтэри сүбэлиибит (рекомендациялыыбыт)” диэн сокуон аннынааҕы аакта баар буолуон наада. Биир өттүнэн министиэристибэ тылын аҕытаассыйалыыр, иккис өттүнэн кими да күһэйбэт. “Министиэристибэ рекомендацията” диэн баран оскуолаларга ыыталаатахха ыйааһыннаах буолуо этэ. Инникитин биһиги ону туруорсуохпут.