Саха тылын үөрэтиигэ аныгы технологиялары туһанабыт
С.Н.Донской-II аатынан Үөрэх сайдыытын уонна квалификацияны үрдэтии института «Сахалыы сурук-бичик сайда турдун» диэн куйаар ситимин нөҥүө өрөспүүбүлүкэтээҕи интерактивнай оонньуулар, квест күрэхтэрин биллэрбитэ. Бэрт соторутааҕыта түмүгү таһаарбыттара, кыайыылаахтары быһаарбыттара.
Бүгүн бастакы уонна үһүс миэстэлэри ылбыт куорат оскуолаларын учууталларын уонна кинилэр туох үлэни оҥорбуттарын кэпсиибит.
«Айымньы кистэлэҥэ» квест
Киин куорат 36 №-дээх алын кылааһын оскуолатын учууталлара маҥнайгы миэстэни ыллылар. Бэлиэтээн эттэххэ, бу оскуолаҕа соҕотох саха тылын уонна литературатын үөрэтэр кылаас баар. Ол туһунан бырайыак биир тутаах ааптара Наталья Борисовна Дойдукова кэпсиир:
-Кылаас салайааччыта Сайаана Дмитриевна Федорова, оскуола библиотекара Людмила Николаевна Дьячковская уонна мин хамаанда тэринэн, бу күрэххэ ситиһиилээхтик кытынныбыт.
Тохсунньу ыйга саха норуодунай суруйааччыта Н.Е. Мординов - Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах "Тоҕус төгүл тоҕо" айымньытынан оҕолорго аналлаах иитэр-үөрэтэр суолталаах “Айымньы кистэлэҥэ” квест оонньуу оҥорбуппут.
-Сайаана Дмитриевна, быраабылатын туһунан сырдата түһэриҥ буоллар.
-Кэпсээннэринэн суолдьутунан сирдэтэн кэрэхсэбиллээх сорудахтары бөлөҕүнэн куолаан толоруу. Оонньуу хас да тохтобуллартан турар. Кыттааччылар хас бэлиэ тохтобул ахсын толкуйдатар, өйү-санааны сайыннарар, толкуйу эрчийэр сорудахтары толорон умсугутуулаах айаны ааһаллар. Кэлин оонньуу ис хоһооно уларыйыан син. Бу оонньууну төрөппүт оҕотун кытта дьарыктанарыгар эмиэ туһаныан сөп.
Квест-оонньуу аата: “Айымньы кистэлэҥэ”
Кыттааччылар: 9-10 саастаах оҕолор.
Бөлөххө оҕо ахсаана: 2-тэн 5-кэ диэри оҕо кыттара ордук, хас да бөлөх тэҥинэн оонньуон сөп.
Оонньуу сыала-соруга:
- уруокка ылбыт билиини сатаан туһанар сатабылы иҥэрии;
- булугас өйү, дьоҕуру сайыннарар;
- үтүө сиэргэ-майгыга иитэр.
Бу квест түмүгүнэн оҕобут сахалыы айымньылары ааҕар интэриэһэ көбүөхтээх, бөлөҕүнэн сатаан үлэлиир буолар уонна, биллэн турар, сиэр-майгы быраабылатыгар үтүө өрүттэрин тутуһарга иитиллэр.
Квест-оонньууга суольдут лииһэ, чаһы, уруучука, харандаас, мас арыыта, ыстакааннаах уу, көмпүүтэр ирдэнэр.
-Квест хайдах ыытылларый?
-Ыытааччы хас хамаанда баарынан суолдьут лиистэри бэлэмнээн түҥэтэр. Маҥнай тэҥ ахсааннаах хамаандаларга араартыыр. Бөлөҕүнэн үлэ быраабылатын санатар, оонньуу хаамыытын, усулуобуйатын билиһиннэрэр, сирдиир лииһи толоруу ирдэбилин өйдөтөр. Салгыы бөлөхтөр бэйэлэрэ ким туохха эппиэттиирин быһаарсаллар (салайааччы, көмпүүтэргэ толорооччу, бириэмэ көрөөччү, суолдьут лииһи толорооччу, о.д.а.), хамаандаларыгар аат толкуйдууллар, сирдиир лииһи болҕойон үөрэтэллэр.
Ол кэннэ ыытааччы оонньуу саҕаламмыт бириэмэтин лиискэ туруоралларыгар уонна оонньууну бастакы тохтобултан саҕалыылларыгар хамаанда биэрэр.
-Бу оонньууну ордук кимнээх интэриэһиргээтилэр?
-Оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар олус сэргээтилэр. Ийэ тылынан сурук-бичик сайдыытыгар оҕолору араас үөрэх ньымаларын туһанан сайыннарыахха сөп диэн түмүккэ кэллибит. Холобур, оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт төрүт тылын умсугуйан үөрэтэригэр куйаар ситимин таба туһаныахха, интерактивнай оонньууларынан интэриэһин тардыахха сөп эбит. Өссө да инникитин киэҥ эйгэҕэ сыһыарыы быһыытынан киллэрэргэ былаанныыбыт.
Билиҥҥи үйэ оҕолоро ордук куйаар ситиминэн: төлөпүөн, гаджет, ноутбук нөҥүө элбэҕи билэллэр-көрөллөр. Ол гынан баран, төрөөбүт тылбытынан ыраастык саҥарыы, сахалыы ааҕыы-суруйуу биллэрдик аҕыйаата. Ити барыта куйаар ситимин сабыдыала. Онон биһиги оскуолабыт аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир араас технологиялары туһанар сонун ньымалары тобулабыт.
«Learnis.ru» платформаны таба тайанан
Нам улууһун саха тылын уонна литературатын учуутала Аграфена Афанасьевна Матвеева күрэххэ иккис миэстэ буолбут. Кини “Тал уонна таай” оонньууну оҥорбут.
Үһүс миэстэни «Выберись из комнаты» оонньууну толкуйдаабыт Дьокуускай куорат 20 №-дээх орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Марианна Макаровна Федорова ылла.
Бу оскуолаҕа билигин 1-9 кылааска диэри биирдии сахалыы кылаастар бааллар.
Марианна Макаровна, ситиһиигинэн эҕэрдэ! Эн элбэх уопуттаах учууталгын, ол иһин эйигиттэн маннык ыйытыым: куорат оскуолатын оҕолоро саха тылын сэнээн үөрэппэт, наадыйбат буоллулар дуо?
Кистэл буолбатах, куорат оҕолоро нууччалыы эйгэҕэ улаатаннар сахалыы саҥалара, толкуйдара уларыйда. Холобур, мин кэтээн көрөрбүнэн, сахалыы кылааһым оҕолоро 9-тар уонна 8-тар бэйэ-бэйэлэрин кытта төрөөбүт тылларынан үчүгэйдик кэпсэтэллэр, оттон 6 -7 кылаас оҕолоро күһэйии көмөтүнэн сахалыы саҥараллар, билэллэр. Нууччалыы быдан түргэнник өйдүүллэр, саҥараллар.
Быйыл 5 кылааска тахсыбыт, алын кылаастан кэлбит оҕолору ылбытым, кинилэр уруокка да, көрүдүөргэ да нууччалыы эрэ чобугураһаллар.
Саха сиригэр интэриниэт күүскэ киирбитэ 6-7 сыл буолла. Хомойуох иһин, саха оҕолоро нууччалыы эйгэҕэ түргэнник убаннылар, сахалыы саҥаларын сүтэрдилэр.
1992 с. муус устар 4 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Төрүт сокуона ылыллыбыта. Ол 46-c ыстатыйатыгар олоҕуран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай тылларынан саха уонна нуучча тыла буолаллар. Онон сиэттэрэн, биһиги сахалыы сурукпутун-бичикпитин, саха тылын уонна литературатын уруогун ханна да ылан бырахпакка, сиргэ-буорга тэпсибэккэ, халтайга хаалларбакка үөрэтиэхтээхпит дии саныыбын.
-Оҕо төрөөбүт тылын үөрэтэригэр хайдах интэриэһиргэтиэххэ сөп дии саныыгын?
-Сонун ньымалары, технологиялары туһанан олоҕу кытта тэбис-тэҥҥэ хардыылаан иһиэхтээхпит. Саҥа учебниктар, үөрэх босуобуйалара, үлэлиир тэтэрээттэр, диискэлэр, платформалар элбии туруохтаахтар. Сүрүнэ, Конституциябыт ыстатыйатынан туһанан, саха тылын үөрэтиини булгуччулаах гыныахпытын наада.
-Эн санааҕар, саха тыла атын тыллартан, уруоктартан хаалан иһэрэ баар көстүү дуо?
-Саха тыла уонна литературата предмет быһыытынан атын предметтэртэн хаалан иһэрэ баар этэ. Хара маҥнайгыттан үлэлии киириэхпиттэн саҥа сүүрээни киллэрбит киһи диэн өй-санаа үүйэ-хаайа тутара.
Нуучча тылын, математика, биология да учууталлара буоллун, интэриниэти арыйдылар эрэ, үчүгэй матырыйаалы тута булаллар. Мин онно наһаа ымсыырааччыбын. 2017-2018 сылтан саха тылын интэриниэккэ уган үөрэтии, туһаныы ньыматын интэриэһиргээбитим. Ол курдук бэйэбэр быдан сөптөөх, табыгастаах Google платформаларын таба туһанар, Google Classroom иһигэр оҕолорго аналлаах тургутуктары оҥорор буолбутум. Онтон learningapps.org диэн платформаны булбутум. Манна оҕо оонньуу, викторина көмөтүнэн тыллары үөрэтиэн, наардыан сөп. Бу икки платформа көмөтүнэн бэйэбэр цифровой контент оҥостубутум. Ону Үөрэх сайдыытын уонна квалификацияны үрдэтии институтун нуучча уонна саха тылын үөрэтэр кафедрата уонна СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ таба көрбүттэрэ, 2019 с. биэс киһини Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы конференцияҕа ыыппыттара. Мин кинилэр ахсааннарыгар киирэн, бэйэм бырайыакпын көрдөрөн, кэпсээн кэлбитим.
-«Выберись из комнаты» квест туһунан кылгастык билиһиннэр эрэ.
-«Learnis.ru» платформа үөрэх иһинэн эбэтэр кылаас таһынан тэрээһиннэри ыытарга көмөлөһөр. Маны туһанарга анал программнай үөрүйэхтэри баһылыыр наадата суох. Бэлэм квестэри каталогтан ылан туруоран биэрэбит.
Мин «Выход из комнаты” оонньуубар кыттааччылар араас предметтэри туһанан, логическай соруктары быһааран, сыал-сорук туруоран хос иһиттэн тахсыахтаахтар. Тылы үөрэтиигэ, билиигэ сүрдээх судургу оонньуу.
Оонньуу көмөтүнэн бүгүн тылы-өһү, быраабылалары, литература историятын кытта сөптөөхтүк үөрэтиэххэ сөп. Куорат оскуолаларын учууталларын айбыт оонньууларын http://iroipk-sakha.ru/квиз-2021/ сигэнэн киирэн көрүөххүтүн, оҕолоргутун эрчийиэххитин сөп.