17.02.2022 | 14:30

Саха тылын үөрэтэр сыһыарыы оҥоһуллар

Саха тылын үөрэтэр сыһыарыы оҥоһуллар
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Сыһыарыы ааптардарынан урбаанныт Лилия Газизова уонна артыыс, саха араадьыйатын ыытааччыта Ньургун Бэчигэн буолаллар. 
Бу сыһыарыы оҥоһуллубута номнуо сыл аҥаара буолла. Оонньуу халыыбынан таҥыллыбыт буолан, тылы үөрэтиигэ олус судургу үһү. Төрөөбүт тылбытын киэҥ аартыкка таһаарар аналлаах саҥа сыһыарыы атын омук тылларын үөрэтэр сыһыарыылартан итэҕэһэ суох буоларыгар эрэнэбит. 
Сыһыарыыны таҥыыга саха тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, саха тылыгар үөрэх босуобуйаларын ааптара Марианна Федорова салайааччылаах хамаанда үлэлиир эбит.
Бүгүҥҥү күҥҥэ сыһыарыыга бонус уонна рейтинг систиэмэтин кытта оонньуу методиката, тутула уонна 90 уруок бастакы баһа оҥоһуллубут, сыһыарыылары, анимированнай персонаһы оҥоруу, бырайыак уопсай сметатын уонна бырайыагы олоххо киллэрии уонна сайыннарыы былаана ситэриллэн биэрбит. Оробуочай аата – «Саха тылын үөрэтэр сыһыарыы». 
Сыһыарыы толору социальнай хайысхалаах буолан, төлөбүрэ суох буолар. Онон тылы үөрэтэр кыах хас биирдии киһиэхэ баар буолуоҕа. Ааптардар бэлиэтииллэринэн, хамаанда Саха сирин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстааһын уонна сайыннарыы бырагырааматыгар кыттар былааннаах. 

Таатталар «Mandar.shop» саайты арыйдылар

Таатта улууһун IT киинин үлэһиттэрэ «Mandar.shop” диэн сонун саайтара дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылбыт. Сайт туһунан киин салайааччыта Анфиса Слепцова маннык кэпсиир:

— Таатта улууһун маастардарыгар анал интэриниэт балаһаакканы тэрийэр санаа былырыын лицей үөрэнээччилэригэр хакатон кэмигэр киирбитэ. Билигин бырайыак географиятын кэҥэтэн, Саха сирин бүттүүнүн хабарга быһаарынныбыт. Сайт биллиилээх маастарбыт Мандар Уус аатынан сүрэхтэннэ. Уран маастарбыт Мандар Уус саайт барылын, дизайнын уонна  концепциятын оҥорууга акылаат уурда. Манна өрөспүүбүлүкэ маастардарын үлэлэрин көрүөххэ, билсиэххэ, оҥоһуктарын атыылаһыахха, эрдэттэн үлэһиэххэ сөп. Хас биирдии маастар галереяҕа бэйэтин үлэлэрин, быыстапкаларын сырдатар кыахтаах. Бу бырайыак сотору Москваҕа «Уникальная Россия”  быыстапкаҕа кыттарга бэлэмнэнэр.

 

3500-тэн тахса киһи IT-эйгэтигэр үлэлиир

Саха сирэ Уһук Илин регионугар IT-өҥөтүгэр экспорка бастакы миэстэни ылар. Ол төрүөтүнэн билигин IT бары салааларыгар 3500-тан тахса киһи үлэлиирэ буолуон сөп.

Улуустарга тэриллибит IT-кииннэрин киллэрэн туран, бу көрдөрүүлэри улаатыннарар сорук турарын өрөспүүбүлүкэ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна информационнай технологияҕа миниистэрэ Анатолий Семенов Үөһээ Бүлүү оройуонун нэһилиэнньэтин иннигэр отчуот кэмигэр иһитиннэрдэ.

«Экспорка барар IT-өҥөтүн 85% биһиги тэрилтэлэрбит, хампаанньаларбыт  хааччыйан олороллор.  Улуустарга хайыы-үйэ 15 киин үлэлиир. Былырыын Дьааҥыга, Горнайга, Кэбээйигэ, Өлүөхүмэҕэ уонна Тааттаҕа  аһыллыбыттара», — диэн турар Анатолий Семенов.

IT-бырайыактары олоххо киллэриигэ муниципалитеттар уонна чааһынай бизнес сүҥкэн кылааттаахтар. 2024 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар 17 IT-киин аһыллара былааннанар.

Бүөр. Саха IT-ырысыаба

Саха сирин үөрэнээччилэрэ KidneyHealth​ диэн ааттаах мобильнай сыһыарыыны оҥорбуттар. Сыһыарыы бүөр ыарыһахтар астарын хонтуруоллуулларыгар ананар.

Чуолаан көһөрүллүбүт бүөрдээх дьоҥҥо туһалаах эбит. Быраас анаабыт диетатын, эмин-томун, ас тиһилигин, уу нуорматын ааҕарга көмөлөһөр.

Маннык тыын суолталаах толкуй, киһи сөҕүөх, оскуола оҕолоругар киирбит. Хорсун санаа Саха өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академиятын иһинэн  ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы чинчийэр оскуола кэмигэр саҕыллыбыт. Маҥнай сыһыарыыны бэйэтин оҥорбуттар. Сыыйа саахардаах, анемиялаах, панкреатиттаах дьоҥҥо диэн тус-туһунан оҥорорго быһаарбыттар. Кэлин, үлэ хаамыыта силигин ситэн истэҕин ахсын, бүөрдэрэ аккаастаабыт эбэтэр ыалдьар дьоҥҥо диэн чопчулаабыттар. Билигин хамаанда «Б8» диэн саха акселераторыгар «24 шага» бырагыраамаҕа кытта сылдьар.

Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктическай оскуола 8-с кылааһын  үөрэнээччитэ Милана Лаптева бырайыак балайда уустук эйгэни талбытын өйдүүр, ол эрээри үлэ нефролог быраастары кытта барарын бэлиэтиир.

«Диетаны тутуһар ханнык баҕарар киһиэхэ олус ыарахан. Санаан көрүҥ, бүөр ыарыһах дьон диеталарын тутуспатахтарына, үйэлэрэ кылгыыр, оттон иһиллиэхтээх эмп дозата организмы буортулуур. Диализтаах киһи ый аайы биохимияҕа уонна хааҥҥа анаалыс туттарыахтаах уонна быраас анаабыт эмин иһиэхтээх, диетаны тутуһуохтаах. Аһы сөпкө аһааһын, ас састаабын сөпкө наардааһын уонна диетаны сөптөөхтүк тутуһуу болҕомтону эрэйэр. Мин санаабар, биһиги сыһыарыыбыт өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар туһалаах бырайыактар кэккэлэригэр киириэҕэ. Урут биһиги атын үлэлээх этибит – YaDiet бырайыак. Араас ыарыылаах дьоҥҥо сөптөөх аһы-үөлү ыйар-кэрдэр сыһыарыы. Бу сырыыга чопчу бүөрдэрэ ыалдьар дьоҥҥо болҕомтобутун уурдубут. Үлэбит бүтэрэ билигин даҕаны ыраах».

Биллэрин курдук, бүөр ыарыһахтарга аналлаах мобильнай сыһыарыы элбэх. Ол гынан баран Арассыыйа ыарыһахтарыгар адаптацияламматахтар эбэтэр туһанарга уустук оҥоһуулаахтар. KidneyHealth сыһыарыы ааптардара табыгастаах уонна дьоҥҥо өйдөнүмтүө буоларыгар кыһамньыларын уураллар. Ол эрээри сыһыарыы олоххо киирэр болдьоҕун туһунан этэр эрдэ, сотору эдэр айтишниктарга Биир кэлим эксээмэннэрэ саҕаланыаҕа.

«Ыарыһахтар сыһыарыыны хачайдаан ылаллара уустук дьыала эбит. Бу кыһалҕаны быһаарарга, бастакы түһүмэххэ WhatsApp эбэтэр Telegram балаһааккаларга чат-боттары киллэрэр сорук туруордубут. Чат-бот сыһыарыы хайдах хабааннаахтык үлэлиирин, ыарыһах туох-ханнык диагностааҕын, төһө ыйааһыннааҕын быһаарыахтаах» - диир бырайыак сүбэһитэ ХИФУ устудьуона Валерия Ефимова. Оттон хамаанда диализ кииннэрин, исписэлиистэри уонна тус сыаллаах аудиторияны кытта бииргэ үлэлиир.

Бэлиэтээн эттэххэ, AccelProIT акселератор 2021 сылтан 7-11 кылаас үөрэнээччилэрин хамаандаларыгар дьиҥнээх стартапка тиийиэхтэригэр диэри көмөлөһөр, үөрэх бырайыагын оҥорорго уонна инвестицияны тардарга үөрэтэр. Оскуола оҕолоро босхо кыттар бырааптаахтар. KidneyHealth сыһыарыы ааптардара акселератор призердара буолаллар.

AccelProIT акселератор салаайааччыта Мичил Стручков этэринэн, сүрүн сорук – оҕолору хамаандаҕа үлэлииргэ, бородууксуйаны оҥорон таһаарарга уонна ону киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэргэ үөрэтэр.

«Былырыын сайын хамаанда “Моя профессия — IT” күрэх түмүгүнэн ыҥырыы ылбыта. Уон хонуктаах симиэнэҕэ оҕолору кытта уопуттаах исписэлиистэр үлэлээн, хамаанда 50 тыһ. солк. суумалаах бириистээх иккис миэстэни ылан турар.

Бэлиэтээн эттэххэ, доруобуйа харыстабылын кытта сибээстээх ханнык баҕарар бырайыак лицензияны эрэйэр. Онон сыһыарыы бэлэм буоллаҕына бастаан пилотнай бырайыак быһыытынын киириэхтээх.

Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ Саха сиригэр сыл аайы “Моя профессия — IT” куонкурус ыытыллар, 13 оҕо технопаарката үлэлиир, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ хас да муннугар араас хабааннаах акселератордар, 50-тан тахса IT чааһынай оскуолалара үлэлииллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....