Саха тылыгар үөрэммиттэр киэҥ эйгэҕэ талаһаллар
Саха тылын салаатыгар туттарсааччы өрүү үгүс, куонкурус үрдүк. Ол эрээри каадыр боппуруоһа сытыытык турара кистэл буолбатах. Саха тылыгар биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэни туттарбыт оҕоҕо эбии баал эбиллэр дуо? Ийэ тылларын илдьэ сылдьар оҕолорго өйөбүл баар дуо?
БКЭ ТУҺУНАН
Ити ыйытыктарга хоруй ылаары, ХИФУ саха тылын кафедратын сэбиэдиссэйэ, тыл наукатын кандидата Д.И. Чиркоеваны кытта кэпсэттим.
— Дария Ивановна, дорообо! Саха тылын БКЭ-ин туһунан ааҕааччыларга сырдат эрэ.
— Саха тылыгар уонна литературатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэлим эксээмэн холбоhуктаах эксээмэн быhыытынан ыытыллар. Эксээмэҥҥэ кыттааччы тылга, литератураҕа билиитэ биир үлэ иhинэн толору сыаналанар. Эксээмэн өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар буолан, Υөрэх хаачыстыбатын киинигэр анал хамыыhыйа тэриллэр, бу хамыыhыйа үлэтигэр үѳрэх министиэристибэтэ, университет кыттыһар, анал идэлээх дьон уонна учууталлар эксээмэни сыаналыыллар.
Сорудахтары сыымайдааһын, уларытыы эбэтэр оҥоруу үлэтэ тиhигин быспакка ыытыллар. Бу үлэ ис хоһооно оскуоланы бүтэрээччи үөрэҕин устата – ордук орто кылаастартан саҕалаан, иҥэриммит билиитин тургутан көрөр соруктаах, үөрэнээччи XI кылааска диэри хаалбыт билиитин таһымын түмүгэ оҥоһуллар.
Оскуоланы бүтэрээччи саха тылыгар уонна литературатыгар анал эксээмэни туттарыыта оҕо кыаҕынан эбэтэр баҕатынан талар эксээмэнэ буолар.
Саха тылыгар уонна литературатыгар эксээмэн Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи олохтоох омуктарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүгэр киирии эксээмэн буолан, үөрэххэ ылыыга бу үнүстүүт идэлэригэр сүрүн тургутук быһыытынан көрүллэр.
Оскуоланы бүтэрээччи куонкурустаах үрдүк үѳрэххэ туттарыытыгар БКЭ-ни киирии эксээмэн быһыытынан талар. Бу эксээмэни саха тылын уонна литературатын идэлээҕэ буолуон баҕалаах, таһымнаах уонна бэлэмнээх оҕолор талан, оскуолаҕа эксээмэн кэмигэр эбэтэр үөрэххэ ылыы кэмигэр туттараллар.
— Статистика көрдөрүүтүнэн биирдиилээн кыттааччы таһыма төһө үрдээтэ?
— Бэлиэтээн эттэххэ, кэлиҥҥи сылга БКЭ-ҥэ биирдиилээн кыттааччы таһыма үрдээбитэ көстөр. Саха тылыгар уонна литературатыгар эксээмэни оскуоланы бүтэрээччи талан туттарар, онон үөрэнээччи үксүн анал бэлэмнээх буолар. Кэтээн-үөрэтэн көрүү түмүгэр манныгы бэлиэтиэххэ сөп. Өрөспүүбүлүкэҕэ саха тылын уонна литературатын идэ оҥостор баҕалаах үөрэнээччи орто кылаастартан саҕалаан, тылга, литератураҕа буолар олимпиадаларга, атын күрэстэргэ, конференцияҕа кыттар, кини бу эксээмэни таларыгар сөптөөх билиилээх, бэлэмнээх кэлэр. Маннык үөрэнээччилэр өрүү үрдүк баалы ситиһэллэр.
— Эксээмэни үөрэнээччи хас түһүмэҕинэн туттарарый?
— Саха тылыгар уонна литературатыгар эксээмэни туттарыы икки түһүмэҕинэн ыытыллар. Сүрүн түһүмэҕэ – оскуолаҕа, эксээмэн кэмигэр. Оттон иккис түһүмэҕэ – университекка.
Уопсайынан, саха тылыгар уонна литературатыгар эксээмэн төрөөбүт тылы сайыннарыыга оруола уонна сабыдыала баарын уонна улаханын бэлиэтиибит. Эксээмэн ис хоһооно сайдан, төрөөбүт тыл үѳрэҕэр киириэн баҕалаах оҕолору сүүмэрдээн ыларга олук буолар, ол БКЭ таһымын биллэрдик өрө таһаарар.
— Саха тылын БКЭ-тин туттарбыт оҕоҕо үөрэххэ киириигэ эбии баал тоҕо аахпаттарый? Бу олус сытыы кыһалҕа буолан турар.
— Эбии баал ааҕыллыыта былырыын баара, быйыл үөрэххэ киириигэ уопсай быраабылаҕа уларыйыылар киирбиттэринэн көрүллүбэт буолла. Ити биһигиттэн тутулуга суох, ол эрээри маны быһаара сатыырга үлэлэһэбит, туруорсабыт, онон эһиилгиттэн баар буолуон сөп диэн эрэнэбит.
— Каадыр туһунан кэпсэтиэххэ... Саха тылын бүтэрбит оҕо идэтинэн үлэ булара олус уустук. Ыччат, үөрэҕи бүтэрээччи киин диэки талаһар. Хомойуох иһин, чугас улуустар, нэһилиэктэр бары хааччыллан олороллор.
— Үөрэх систиэмэтэ биир сиргэ турбат, уларыйар, сайдар, билигин бакалавриат-магистратура таһымынан киэҥ эйгэҕэ бэйэлэрин булунар кыахтаах дьон бэлэмнэнэн, үүнэн-сайдан тахсалларын ситиһэр соруктаах үлэлиибит. Биир идэнэн муҥурданан хаалбатын туһугар диэн санааны тутуһабыт. Холобур, тыл үөрэхтээҕэ наукаттан саҕалаан, сурук-бичик бары хайысхатыгар, эбэтэр үөрэх эйгэтин бары таһымыгар үлэ буларын курдук үөрэтэбит, салайабыт. Аныгы үйэ эдэр киһитэ хаайтарыыта суох үлэ булар суолун тобулар сорук эмиэ баар, эргиччи сайдыылаах, билиитэ-көрүүтэ муҥура суох буоллаҕына, ханнык баҕарар эйгэҕэ үлэлээх буолуон сөп дии саныыбын.
— Тылбыт сүтэн эрэр диэн санаа баар. Ыччаты тоҕо өйөөбөттөр?
— Тыл сүппэт диэн эрэллээхпин, онуоха туоһу үгүс курдук көрөбүн. Эдэр дьон кэлиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт тылыгар сыһыана уларыйда, тубуста, хардыы үксэ үчүгэй өттүгэр курдук. Биллэн турар, сэрэхэчийэр түгэннэр баалларын утарар табыллыбат, холобур, оҕо саҥата, дьиэ кэргэҥҥэ иитии, саҥа эйгэтэ кэҥээн испэтэ курдук түгэннэри көрөбүт, билэбит. Ол эрээри ким да олорон биэрбэт, тугу эмэ туһалыыры тобула сатыыбыт, төрөөбүт тыл туһунан кэпсэтии өрүү бара турар. Ол быыһыгар мөккүөр, кыйаханыы, астыммат санаа, сэмэ эмиэ баар. Онтон толлор эбэтэр олус санааргыыр туһаны аҕалбат, олох баран иһэрин курдук тылга баар кыһалҕалар эмиэ быһаарыллан иһэллэр. Табыллыбыт, сатаммыт түгэннэри эмиэ бэлиэтии көрүөхтээхпит. Төрөөбүт тылларын үөрэтэр, чинчийэр, сайыннарар санаалаах эдэр дьон бааллар, онон тыл сүтүөн сөп диэн оруна суох. Холобур, оннук оҕолор биһиги үнүстүүппүтүгэр үгүстэр, университекка бары түгэннэргэ – үөрэххэ, билимҥэ, култуура салаатыгар, салалта эйгэтигэр инники күөҥҥэ сылдьаллар.
— Дария Ивановна, кэпсэтииҥ иһин махтанабын!
ЫЧЧАТ ИДЭТИНЭН ҮЛЭЛИИР ДУО?
— Марина Васильева, 2010 сыллаахха саха уонна англия учууталын идэтин баһылаабыт:
— Үөрэхпин бүтэрбитим номнуо 11 сыл буолла. Бастаан Дьокуускай куорат 3 №-дээх оскуолатыгар алын кылаастарга «Разговорный якутский язык” диэн предмети үөрэппитим. Биир сылынан декреккэ барбытым уонна устунан уурайбытым.
— Тоҕо уурайдыҥ?
— Дьиҥэр, олус үчүгэйдик үлэлии сылдьыбытым. Ол эрээри, оҕо эрдэхпиттэн хас биирдии киһи өрөспүүбүлүкэ сайдарыгар бэйэтин туспа кылаатын киллэриэхтээх диэн өйдөбүллээх улааппытым. Ону олоххо киллэрээри, идэбин төрдүттэн уларыппытым. Иитээччи үөрэҕин ыламмын, оҕо уһуйааныгар 2017 сылга диэри үлэлээбитим.
— Билигин тугунан дьарыктанаҕын?
— “Самозанятай” быһыытынан үлэлиибин, араас тэрилтэлэргэ фрилансердыыбын. Баараҕай бырайыактары көҕүлээн олоххо киллэрэбин, хамсаабат баай-дуол, инвестиция өттүгэр эмиэ үлэлиибин. Сүрүн дьарыгым атыы-эргиэн өттүнэн буолар.
— Бииргэ үөрэммит оҕолоруҥ учууталлыы сылдьаллар дуо?
— Биһиги сэттиэ этибит. Үөрэхтээһиҥҥэ, сурук-бичик эйгэтигэр үлэлииллэр. Бу идэҕэ үөрэммиппин олох кэмсиммэппин.
Ньургустаан Николаев, 2016 сыллаахха саха тылын учууталын үөрэҕин бүтэрбит:
— ХИФУ-га үөрэххэ туттарсан киирэрбэр икки үөрэххэ киирэ сатаабытым. Бастакым ИЯКН саха тылын учууталын үөрэҕэ, иккиһим – ФЭИ “Менеджмент” хайысхатыгар. Онтон учуутал идэтин талбытым. Чиэһинэйдик эттэххэ, үөрэхпэр наһаа үчүгэй буолбатах этим, хаста даҕаны элбэх “кутуруктаммытым”. Ол эрээри этэҥҥэ үөрэнэн бүтэрбитим уонна үлэ көрдүүр түбүккэ түспүтүм.
— Үлэ баар эбит дуо?
— Элбэх сиргэ үлэ көрдүү сатаабытым. Ол эрээри саха тылын учуутала буолуохпун баҕарбат этим. Саха тылын учууталын миэстэтин көрдүү сорумматаҕым даҕаны.
Тыл үөрэхтээхпин диэммин, бэйэбин тэлэбиидэнньэҕэ холонон көрбүтүм. Устудьуон эрдэхтэн КВН хамаандатыгар оонньуурум, сыанаҕа талаһарым, оннук эйгэҕэ үөрэнэн хаалбытым. Олохпун саҥа-иҥэ идэтин кытта дьүөрэлиэхпин баҕарбытым, билигин кэрэспэдьиэн, ыытааччы быһыытынан “Россия 1” телеханаалга үлэлии сылдьабын.
— Бииргэ үөрэммит оҕолоруҥ үлэлии сылдьаллар дуо?
— Арба, бөлөхпөр 17 кыыһы кытта соҕотох уол этим, бастаан киирэрбитигэр икки уол баара даҕаны, кэлин сыыйыллан тохтообуттара. Кыргыттарым үксэ араас улууска учууталлыы сылдьаллар. Талбыт идэлэринэн үлэлии сылдьаллара хайҕаллаах диэхпин баҕарабын.