Саха тустуута сайдыытыгар бастакы кэккэҕэ турар бөҕөс
Саха сирин маҥнайгы көлүөнэ бөҕөһө, ССРС спордун бастакы маастардарыттан биирдэстэрэ, Москва куорат бастакы чөмпүйүөнэ, ССРС устудьуоннарын боруонса медалиһа, Саха АССР үтүөлээх тренерэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, улуу тренер Д.П. Коркин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, сэрии уонна тыыл бочуоттаах бэтэрээнэ Владимир Прокопьевич Корякин ытык 90 сааһын томточчу туолла.
БУРУЙУ ОҤОРУУНУ УТАРЫ ОХСУҺУУГА
Владимир Прокопьевич Корякин Бүлүү оройуонун Уотту нэһилиэгэр Ынах көлүйэ диэн алааска 1930 сыллаахха сэтинньи 10 күнүгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Букатын оҕо эрдэҕиттэн тыа сирин кыһыннары-сайыннары бүтэн биэрбэт ыарахан, түбүктээх үлэтигэр миккиллэн, чороччу улаатан эрэр уол сэрии, сут-кураан, аччыктааһын, өлүү-сүтүү ыар сылларын этинэн-хаанынан толору билбитэ. Сэрии бүппүтүн кэнниттэн Сталин аатынан холкуоска от-мас үлэтин толорбута, тастыҥ убайын кытта түүлээххэ бултаспыта.
1950-1952 сс. Болуодьа Южно-Сахалинскайга десантнай чааска минометчигынан сулууспалаабыта. Ол кэмҥэ АХШ уонна Корея икки ардыларыгар сэрии оргуйа турара, доброволеһынан бараары сырыттаҕына балаһыанньа уларыйан тохтотуллубута. Үс аҥаар сыл аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит эдэр, эрчимнээх уолу бэлиэтии көрөннөр, Дьокуускай куоракка милииссийэҕэ үлэҕэ ылбыттара. Залог оройуонугар лейтенант званиелаах участковайдаабыта. Ити 50-с сыллар саҕаланыыларыгар Берия дьаһалынан Халыма хаайыылаахтарын амнистиялааһын, босхолооһун хампаанньата саҕаламмыта. Холуобунай буруйу оҥорбуттар элбэх этилэр. Үксүлэрэ Дьокуускайынан кэлэн соҕуруу дойдуларыгар ааһаллара. Саха сиригэр хаалааччылар да эмиэ бааллара. Сир ахсын буруйу оҥоруу элбээбитэ. Хаайыыттан босхоломмут көкөттөр көннөрү дьону халыыллара, өлөртүүр да түбэлтэлэрэ тахсара. Бэстилиэт былдьаары формалаах милииссийэлэргэ эмиэ саба түһэллэрэ. Кутталлаах, ыарахан балаһыанньа этэ. Милииссийэ үлэһитэ Владимир Корякин икки төгүл соҕотоҕун бөлөҕүнэн буруйу оҥорооччулары уодьуганнаабытын иһин грамотанан наҕараадаламмыта. Милииссийэлии сылдьан кэтэхтэн үөрэнэн орто оскуоланы бүтэрбитэ.
1956 с. өрөспүүбүлүкэ спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Тарскай көҥүл тустууну сайыннараары, кыһын Дьокуускайга Саха сирин бастакы чемпионатын көҕүлээн, тэрийэн ыыппыта. Милииссийэлии сылдьар эдэр киһи ол чемпионаты тиийэн көрбүтэ. Тустууну ыйааһыннарынан араарбыттарын улаханнык сэҥээрбитэ, сөбүлээбитэ. “Мин да тэҥнээхтэрбин кытта тустуохпун сөп эбит!”, – диэн бэйэтигэр бөҕөх санааламмыта. Өр уһаппакка, милииссийэлэр спортивнай кулууптарыгар “Динамоҕа” тиийэн тустар баҕалааҕын биллэрэн, тренер Иван Малыгин эрчийэр көҥүл тустуутугар дьарыгын саҕалаабыта.
ТУСТУУ АБЫЛАҤАР ЫЛЛАРЫЫ
Ол сыл Тарскай ыҥырыытынан Москваттан спорт маастара Иван Морозов Дьокуускайга кэлбитэ. Морозов тэрийбит сбордарыгар, семинардарыгар көтүппэккэ кыттыбыта. Морозов бэйэтэ сөбүлээн туттар албаһын “вертушканы” хото үөрэтэрэ. Ыарахан ыйааһыҥҥа тустар, кими да тулуппат классическай тустуу маастара киһи сөҕөр күүстээҕэ-уохтааҕа. Болуодьа Чурапчыттан сылдьар Дмитрий Коркины кытта билсибитэ, тэҥ ыйааһыннаах буоланнар пааралаһан, спарриннаһаннар, олуһун тапсыбыттара. Университет уонна “Динамо” күрэхтэһиилэригэр кыттара. Оннооҕор биирдэ устудьуоннуу сылдьар, эмиэ тустуунан саҥа эрчиллэр Николай Гоголевы очукуонан баһыйбыта.
1958 с. “Спартак” стадиоҥҥа буолбут ыччат бэстибээлигэр тэлгэммит көбүөргэ Болуодьа 52 кг тахсыылаахтык тустубута. Ленинград институтугар үөрэнэ сылдьан кэлбит, үчүгэй дьарыктаах, албастардаах, күүстээх бөҕөс Петр Гаврильевы үлүһүйэн киирэн биэрбитин, ыраастык быраҕан хоппутун, улахан мөккүөр кэнниттэн “көбүөр таһа” диэннэр аахпатахтара. Хаттаан туһуннарбыттарыгар уопуттаах бөҕөскө очукуонан баһыйтаран, иккис миэстэлэммитэ.
Н.Н. Тарскай спорка бэрэссэдээтэллии олорон тустуу күрэхтэһиилэригэр куруук судьуйалыыра. Биирдэ Владимир Корякины кэбиниэтигэр ыҥыран ылан: “Тустууну сайыннарыахпын баҕарабын, специалистар наадалар, Москваҕа баран үөрэн”, – диэбитин үөрүүнэн ылыммыта. Инньэ гынан, төрдүө буолан – Майаттан сүүрүк-быһый Аркадий Алексеев чэпчэки атлетикаҕа, тустуук, штангист Анатолий Габышев, Бороҕонтон кылыыһыт Петр Местников уонна Владимир Корякин буоланнар 1959 с. дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа физкултуура институтугар үөрэххэ киирбиттэрэ.
Ити курдук тустуу кистэлэҥнэрин баһылыыр сыаллаах-соруктаах отутун туолаары сылдьар устудьуон институтун тренеригэр Александр Михайлович Дядиҥҥа дьарыктанан барбыта. Тустууну баһылыыр баҕалаах саха бөҕөстөрө уонна тустар дьоҕурдаах да буоланнар, 1960 с. Москва куорат чемпионатыгар Владимир Корякин 52 кг, Анатолий Габышев 62 кг, иккиэн эр-биир бастаабыттара уонна ССРС спордун маастарын үрдүк аатын ылбыттара. Ити көрдөрүүтүнэн Владимир Корякин Бүлүү бөлөх тустууктарыттан бастакынан маастары толорбутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Оннооҕор күрэхтэһиини кэлэн көрө, ыалдьа олорор биир дойдулаахтара Аркадий Алексеев: “Тоҕо түргэнэй, хайдах кэллэ-кэлээт, маастары толоро оҕустугут?” – диэн сөхпүтүн биллэрбитэ. Отут биир саастаах Владимир Корякин ССРС устудьуоннарын чемпионатыгар боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Бүтүн Союзтааҕы күрэхтэһиилэргэ хаста да бастаабыта. Сотору-сотору буолар турнирдарга маастар уолаттар дьарык кэриэтэ үөрэ-көтө кытталлара. Анатолий Габышев, дойдутугар Майаҕа штанганан дьарыктаммыт буолан, илиитигэр лаппа күүстээҕэ, логлоруспут хойуу былчыҥнардааҕа. Утарсааччыларын өрүтэ көтөҕөн таһаартаан быраҕаттыыра.
Владимир Корякин бэйэтигэр барсар приемнары оҥортуура. “Сааһырбыт буолан приему бытааннык ылынар этим, киирэн биэрбэттэр этэ”, – диэн кэпсиир. Көбүөргэ туста киирдэҕинэ, этэ-сиинэ бытааран, тренерэ үөрэппит албастарын дэбигис оҥорон испэт этэ. Ол оннугар устудьуоннарга показательнайдары көрдөрүүлэргэ табыллара. Сөбүлээн тустар албастарынан уһун эбэтэр кылгас атахха киириилэр, стойкаттан тустуу, тактикалаан тустуу, куустуһа сылдьан илиитинэн утарсааччытын атаҕын олуйан охторуу буолаллара. Москватааҕы институтуттан “расстяжка” диэн приемҥа утары албаһы оҥорууну туттан, Дьокуускайга тустуунан дьарыктанааччылары соһуппута. Коркин киинэҕэ устан, көрдөрөн, эрчийэр уолаттара “Кэрээкиннээ!” дэһэр буола сылдьыбыттара. Дмитрий Петрович оннук тугу билбитин-көрбүтүн сыыска-буорга түһэрбэккэ дьарыктыыр оҕолоругар тута тиэрдэрэ, үөрэтэрэ.
УЛУУ ТРЕНЕРДИИН ДОҔОРДОҺУУ
Институтун 1963 с. бүтэрэн, Дьокуускайга “Спартак” физкультурнай-спортивнай уопсастыбаҕа оҕолору эрчийиигэ тренердээбитэ. Усулуобуйа суох буолан, гимнастическай мааттар баар 2, 3, 20 №-дээх оскуолаларын кытта кэпсэтэн, кэрийтэлээн дьарыктыыра. Кэлин, “Спартак” туспа саалаланан, оҕолор, улахан дьон уочаратынан, дьэ биир сиргэ түмсэн эрчиллэр буолбуттара. Онтон, 20-тэн тахса сыл тренердээбитин кэннэ, Дмитрий Максимович Данилов Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо спортоскуолатын Управлениетыгар дириэктэрдии олорон үлэҕэ ыҥыран, эмиэ 20-чэ сыл биэнсийэҕэ тахсыар диэри методистаабыта. Ол Управлениеҕа Владимир Прокопьевич үлэлиир кэмигэр Михаил Друзьянов, Иннокентий Григорьев, Владимир Фролов эмиэ дириэктэрдээбиттэрэ.
Владимир Прокопьевич Корякин өрөспүүбүлүкэ бастакы чемпионатын кэнниттэн Морозовка сборданыахтарыттан Дмитрий Петрович Коркинныын элбэхтик алтыспыттара. Москваҕа үөрэнэ сырыттаҕына, Коркин эрчийэр уолаттарын туһуннара соҕуруу кэлэ-бара ааһан иһэн, Владимир Корякины анаан-минээн кэлэн көрсөрө, устудьуон киһини остолобуойга илдьэн аһатара, үгүһү-элбэҕи анааран кэпсэтэллэрэ. Тустууну ырыталлара. Дьокуускайга хайаан да көрсөллөрө.
Москва институтун бүтэрэн кэлбит Владимир Корякин үрдүк үөрэхтээх специалист уонна дипломнаах массажист быһыытынан Саха сирин бөҕөстөрүн кытта Россия, ССРС чемпионаттарыгар сылдьыспыта. 1963 с. Горькайга буолбут Россия чемпионатыгар уонча саха бөҕөстөрүттэн Алквиад Иванов боруонса мэтээллэммитэ уонна Сергей Иванов сэттэ эргиири ааһан, ордук тахсыылаахтык тустаннар, салгыы Сойууска тустаары сборга хаалбыттара. Дойду сүрүн тренерэ Арташес Карапетян Владимир Корякины массажиһынан салгыы хааларыгар этэн, Владимир Прокопьевич дойду чемпионатыгар эмиэ сылдьыспыта.
Дмитрий Петрович Коркин 60-с сыллар саҕаланыыларыттан быарынан ыалдьар буолбута, сайын аайы соҕуруу баран эмтэнэн кэлэрэ. 1967 с. Болгарияҕа Карлово-Вары курордугар путевка ылан эмиэ эмтэнэ барар кэмэ кэлбитэ. “Спартакка” тренердии сылдьар Владимир Корякинтан Россия үөрэнээччилэрин спартакиадатыгар барыахтаах оҕолорун Чурапчыга тиийэн сборга эрчийэригэр уонна Ленинградка илдьэн туһуннартыырыгар көрдөспүтэ. Владимир Прокопьевич табаарыһын көрдөһүүтүн ылынан, көрдөһүүнү толорбута. Чурапчы интэринээт-оскуолатын дириэктэрэ Шадрин Алексей Спиридонович көрсөн, өйөөн, сбор тэрээһинигэр улаханнык көмөлөспүтэ. Сборга уонча уолу дьарыктаан баран, Ленинградка илдьэн туһуннартаабыта. Роман Дмитриев, Прокопий Шестаков, Семен Морфунов, Афанасий Матвеев Россия оҕолорун Спартакиадатыгар чаҕылхайдык тустан төрдүөн чөмпүйүөннээбиттэрэ. Ыарахан ыйааһыннарга Игорь Кудрявцев иккис, Петр Шестаков үһүс буолбуттара. Салгыы эмиэ сборга хаалан, ССРС оҕолорун чемпионатыгар кыттыбыттара. Онно Роман Дмитриев, Прокопий Шестаков, Афанасий Матвеев Сойууска чөмпүйүөннээбиттэрэ, Семен Морфунов иккис миэстэлэммитэ. Семен нөҥүө сылларга ССРС уолаттарыгар икки төгүл эрэллээхтик бастаабыта. Дмитрий Петрович Болгарияттан төннөн иһэн, Владимир Корякины көрсөн махтаммыта. “Спартакка” үлэлиир сылларыгар сыл аайы Корякин оҕолору соҕуруу илдьэн туһуннарар тренеринэн сылдьыбыта. Оннук сырыыларга олимпиецтар Роман Дмитриев, Александр Иванов, Павел Пинигин оҕо саастарыгар соҕуруу баран, Россия, ССРС көбүөрдэригэр аан бастаан сүрэхтэммиттэрэ. Ити туһунан Павел Пинигин Сунтаар спорду сырдатар суруналыыһыгар Владимир Николаевич Петровка-Бордоҥ Болуодьаҕа “Спартакка”, чуолаан, Владимир Прокопьевич Корякиҥҥа махтанан үтүө тылларынан ахтан турар.
Куоркуннаах Кэрээкин бэйэ-бэйэлэрин кытта үчүгэйдик өйдөһөллөрө. “Үчүгэй уолаттары миэхэ ыытаар”, – диэн кэпсэтиилээх буолаллара. “Спартак” нөҥүө сыл аайы Россияҕа күрэхтэһэллэрэ. Александр Иванов өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар “Спартакка” чөмпүйүөннээн Чурапчыга тиийбитэ. “Спартагынан” Россияҕа бастаабыта. Александр Иванов Сойуус улахан тренердэрэ ымсыырар бөҕөһө буола сайдыбытыгар, ССРС хамаандатын тренерэ Ялтырян Украинаҕа ыҥыра сатаабыта: “Иванов олус талааннаах уол, үөрэххэ киллэриэхпит, хамнас көрүөхпүт, күрэхтэһиилэргэ хааччаҕа суох илдьэ сылдьыахпыт, улахан таһымҥа таһаарыахпыт”, – диэн Сойуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар ылаары кэпсэтэ сатаабытын, Иванову Казахстаннар хайыы-үйэ кэпсэтэ охсубуттар этэ. Онтон Казахстан тренерэ Матущагы ол саҕана көрдөрүүтэ суоҕун иһин Преображенскайдаах чугаһаппаттар этэ. Егор Алексеев Чурапчыга тиийэн Россия чөмпүйүөнэ буолбута. Иннокентий Егоров ССРС Кубогар үһүстээбитэ. Итинник түгэн элбэх.
Коркин куоракка кэллэҕинэ Орджоникидзе уулуссатыгар турар “Тайга” гостиницаҕа түһэрэ. Киһи элбээтэҕинэ, табаарыһыгар Владимир Корякиҥҥа тиийэн хоноро. Истиҥник кэпсэтэллэрэ. Биирдэ Дмитрий Петрович “бу кэргэн ылаары сылдьар кыыһым, Дириҥ” диэн хаартыска көрдөрбүтэ. Ол туһунан кэлин Александра Семеновна “Дмитрий Петрович миэхэ кэпсиир этэ” диэн үтүө сыһыаннарыгар махтанан этэн турар. Биир түгэҥҥэ куоракка тустуу улахан күрэхтэһиитэ буолбутугар билиэт былдьаһыга. Онно Владимир Прокопьевич билиэт булан 6-7 кылаас оҕотугар биэрбитин бэлиэтии көрөн, Дмитрий Петрович: “Улахан кэскиллээх дьыаланы оҥордуҥ!”, – диэн хайҕаабыта. Оннук иккиэн олус көнө, судургу майгылаах, кырдьыгы сөбүлүүр дьон буоллахтара. “Дмитрий Коркин истиҥник саныыр дьонугар аһаҕастык, элэккэйдик сыһыаннаһара. Онтон ылыммат дьонугар чугаһыы сатаабата, тэйиччи туттара”, – диэн Владимир Прокопьевич сэһэнин салгыыр. Биирдэ Нальчикка Россия күрэхтэһиитигэр Корякинныын бииргэ сылдьан, Владимир Прокопьевичтан икки сыл аҕа Дмитрий Петрович биир олохтоох дагестанецтан дьээбэлэнэн ыйыппыт: “Биһи иккиттэн хайабыт аҕа саастаах курдук көстөрүй, кини дуу, мин дуу?”, – диэн. Онуоха дагестанец Коркиҥҥа: “Эн аҕа курдук көстөҕүн!” – диэн хоруйдаабыт. Онтон ыла Дмитрий Петрович табаарыһын Владимир Корякины “убайым” диэн ааттыыр буолбут. Оннук дьээбэлэнэн ылара үһү.
ТУСТУУ ТУҺА ДИЭН
Владимир Прокопьевич Корякин “Спартакка” тренердиир сылларыгар Саха сирин сүүрбэҕэ тиийэ ССРС спордун маастардарынан буолбут уолаттары эрчийтэлээбитэ. Олор истэригэр Валерий Колодезников, Николай Черкашин, Алексей Мокрощупов, Валерий Завозин, Егор Алексеев, Иннокентий Егоров, Семен Владимиров, Анатолий Верхотуров, Валерий Карчинов, Юрий Атласов, Анатолий Михайлов, Владимир Тарасов, Иннокентий Данилов, Андрей Александров бааллар, уо.д.а. ыччат-улахан саастарыгар Корякинтан атын тренердэргэ баран, Россия, ССРС турнирдарыгар маастар нуормаларын толорбуттара, Россияҕа тиийэ бастыыллара. Афанасий Лугинов, Егор Черкашин тренердэрин туйаҕын хатаран Саха Республикатын үтүөлээх тренердэринэн буолбуттара.
Киһи быһыытынан эҥкилэ суох бэрээдэктээх, олус сэмэй, мүчүк эрэ гынар аҕыйах саҥалаах, кыраһыабай, сүр аккуратнай буочардаах, тустууга олус бэриниилээх, табах тардыбат, арыгы испэт, чөл олох аргыстаах, анал үрдүк үөрэхтээх тренер Владимир Прокопьевич Корякин өрөспүүбүлүкэ көҥүл тустууга Федерациятын эппиэттээх сэкирэтээринэн хамнаһа суох үйэ чиэппэрэ эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Федерация бэрэссэдээтэлинэн Өрөспүүбүлүкэ Бэчээтин салайааччыта Николай Слепцовтуун, бэрэсэдээтэли солбуйааччынан Үрдүкү Сэбиэт кэнсэлээрийэтин салайааччыта Спиридон Трапезниковтыын уһуннук, тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Үгүс тэрийэр-көҕүлүүр үлэ ыытыллара. Спорткэмитиэт бэрэссэдээтэллэрэ Семен Иванович, Афанасий Егорович Алексеевтар тустууну эрчимнээхтик өйүүллэрэ. Үтүөлээх тренер Д.П. Коркин этиилэрэ болҕомтоҕо ылыллаллара.
Сэкирэтээр быһыытынан “оҕонньоттору” кытта кэпсэтиилэрин сүнньүнэн федерацияҕа киллэртиир идеялара, этиилэрэ ылыныллан, олоххо дэбигис киирэллэрэ. Олортон маннык түгэннэр бааллар. Оройуоннар илин эҥээр, хоту, Бүлүү бөлөх зоналарга араарыллыбыттара. Ол түмүктээх буолбута. Хоту сир хоһууннара Эдьигээнтэн бырааттыы Роман, Гаврил Дмитриевтэр, Дьааҥыттан бырааттыы Ноговицыннар, Өлөөнтөн бырааттыы Христофоровтар, Абыйтан Николай Неустроев, о.д.а. тахсыталаабыттара. Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ, призердара онтон төрүөттээх этэ диэтэххэ, сыыстарбаппыт.
Владимир Прокопьевич улахан суруксут этэ. Спорт үлэһиттэрэ кыбартыыранан хааччыллыахтаахтарын туһунан ССКП КК ген.сэкирэтээрэ Л.И. Брежневкэ суруйан, 60-с сыллар ортолорун эргин Петр Попов, Алексей Еромолаев, Аркадий Алексеев, Владимир Корякин бэйэтэ, о.д.а. элбэх тренер, спортсмен бэрт кылгас болдьох иһигэр кыбартыыралана түспүттэрэ. Спортивнай тутуулары ыытыахха сөптөөх миэстэлэр баалларын туһунан обком I сэкирэтээрэ Г.И. Чиряевкэ суруйан, дьаһал ылыллан, кэлин улахан хамсааһын тахсан, “Самородок” комплекс, 17-с кыбаарталга тустуу саалата тутуллубуттара.
1998-2000 сыллар эргин федерация мунньаҕар Илья Михальчук Дьокуускай куорат мээринэн уонна куорат тустуутун федерациятын салайа олорон федерация мунньаҕын тэрийэн ыыппыта. Ол мунньахха Владимир Прокопьевич: “Педучилище таһыгар таах турар хочуолунай каркаһын спортивнай саалаҕа кубулутан тутарга көмөлөс”, – диэн ыйытыы аҥаардаах этии киллэрбит. Онуоха Илья Филиппович “Будем решать!” диэн хоруйдаабыт уонна уһаппакка, үбүлээһинин быһааран, тустуу саалата түргэн тэтимнээхтик тутуллан, 2001 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Ол спортсаалатыгар бүгүн В.П. Керемясов аатынан 3 №-дээх оҕо спортоскуолатын иитиллээччилэрэ үрдүк ситиһиилэринэн үөрдэллэр.
Владимир Прокопьевич Корякин тустуу эйгэтигэр өр сыллаах айымньылаах, көдьүүстээх үлэтэ өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатынан үрдүктүк сыаналаммыта. Үрдүк наҕараадалары сэргэ “Якутия” диэн халыҥ 250 страница кээмэйдээх “Рекортар. Бастакылар” диэн Саха сирин чулуу дьоно киллэриллибит норуот хаһаайыстыбатын киэҥ эйгэтин хабар историческай кинигэ 175 страницатыгар “Первый чемпион г. Москвы Корякин В.П., мастер спорта СССР, заслуженный работник физической культуры и спорта” диэн суруллубут.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык Сүбэтин чилиэнин, саха тустуута сайдарыгар кылаатын киллэрсибит Владимир Прокопьевич Корякины 90 сааһын томточчу туолбутунан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, чэгиэн-чэбдик туругу баҕарабыт!
Баһылай Посельскай