20.06.2022 | 12:40

Саха төрүт култууратын өйүүр Ыйаахха илии баттанна

Саха төрүт култууратын өйүүр Ыйаахха илии баттанна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Дархан Айсен Николаев Саха өрөспүүбүлүкэтин эпоһын харыстыыр уонна бөҕөргөтөр ыйаахха илии баттаата.

Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар Олоҥхо Ыһыаҕын аһыллар үөрүүлээх күнүгэр  «Олоҥхо дьиэлэрин биир кэлим ситимин уонна олоҥхоһуттары, оһуохайдьыттары, уустары – төрүт култуураны илдьэ сылдьар дьону судаарыстыба өйүүрүн туһунан» ыйаах олоххо киирдэ.

“Бу ыйаах өбүгэлэрбит хаалларбыт нэһилиэстибэлэрин харыстыырга уонна көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салгыы биэрэн иһэргэ төһүү күүс буолуоҕа. Бастатан туран, Олоҥхо дьиэлэрин биир ситимҥэ холбуоҕа, ый аайы 30 тыһ. солк. стипендия олохтонуоҕа – төрүт култуураны илдьэ сылдьар дьоҥҥо төлөнүөҕэ: олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, уустарга. Бырайыактары өйөөһүҥҥэ  уонна Олоҥхо дьиэлэрин тупсарыыга сыллата 50 мөл. солк. туһуланыаҕа”, - диэн Айсен Николаев телеграмм-ханаалыгар суруйда.

Санатан эттэххэ, бу күннэргэ Үөһээ Бүлүүгэ 15-с төгүлүн Олоҥхо Ыһыаҕа буола турар. Саха АССР 100 сылыгар Олоҥхо Ыһыаҕа биир сүрүн тэрээһин буолла. Быйыл бастакытын “Юнеско шедеврдэрэ Олоҥхо дойдутугар” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл ыытыллар. 100-тэн тахса сиэр-туом, спорт тэрээһинэрэ буолаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...