15.08.2022 | 18:00

Саха төрүт култууратыгар олоҕурбут мультсериал сүрэхтэннэ

Дьокуускайга ыытыллыбыт «YKT GEEK FEST» бэстибээлгэ ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан кыттыбыт "Феникс" анимация устуудьуйата "Айыы оҕолоро" мультсериалы сүрэхтээтэ.
Саха  төрүт култууратыгар олоҕурбут мультсериал сүрэхтэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мультсериалга Эрчим уонна Айаана диэн бииргэ төрөөбүт оҕолор былыргы Саха сиригэр тиийэн мүччүргэннээх сырыыларга түбэһэллэрин туһунан кэпсэнэр. "Айыы Оҕолоро" мультсериал – саха фольклоругар олоҕурбут дьиэ кэргэн драмата.

«Саха фольклоругар олоҕурбут бырайыакка үлэлиирбитин олус биһирээтибит. Мульсериал 20-лии мүнүүтэлээх 5 серияттан турар. Сахалыы колорит сериалы олус ураты оҥордо. Биһиги регион култууратын киэҥ араҥаҕа таһаарыахпытын баҕарабыт»,– диэтэ анимация устуудьуйатын тэрийээччитэ Федор Нечитайло.

Айар кэлэктиип түөрт исписэлиистээх – Фёдор Нечитайло, Софрон Варламов, Вильгельм Чеппе уонна Сергей Федоров. Кинилэр мультиктары, комикстары, оонньуулары уо.д.а. айан-таҥан таһаараллар. Билиҥҥи кэмҥэ мультсериал оҥоһулла сылдьар, айар хамаанда сценарийын суруйар, саҥатын-иҥэтин уонна раскадровкатын оҥорор.

Бэстибээл кэмигэр анимация устуудьуйата мультсериалтан быһа тардыыны көрдөрдө. Манна даҕатан эттэххэ, хамаанда бырайыак олоххо киирэригэр спонсор буолуон сөптөөх дьону көрдүүр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...