16.12.2020 | 17:20

«Саха суруйааччылара оҕолорго» электроннай сыһыарыы

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билигин  олох-дьаhах  уларыйа,  сайда  турар  кэмигэр, нууччалыы эттэххэ «информационнай эпохаҕа”, дьон-сэргэ  өйө-санаата,  дьулуура,  олохтон  дуоhуйуута  тосту  уларыйда.  Онон,  алын кылаас оҕотун  үөрэтии  лаппа  уларыйда. Ити  барыта  олох  ирдэбилэ  буолар.

Билиҥҥи  оскуола   сүрүн  соруга – оҕону  наука  төрүттэригэр үөрэтии  уонна  иитии.  Билиҥҥи  оҕону  иитии, үөрэтии  уустугурбут  кэмигэр  сүрүн  оруолу  учуутал  толорор.  Ханнык  баҕарар уруокка  учуутал  ИКТ туттан үлэлиир  эрэ  буоллаҕына,  үлэтин  көдьүүhэ  үрдүүр,  ситиhиилэнэр. 

Бары билэрбит курдук, нуучча тылын уруоктарыгар эрэ буолбакка, атын да предметтэргэ ананан оңоһуллубут мультимедийнай уруоктар, электроннай босуобуйалар уонна сыһыарыылар элбэхтэр. Онтон алын кылаас учууталыгар төрөөбүт тылы, ааҕыыны үөрэтиигэ бэлэм электроннай сыһыарыыны  туттара  наадалааҕа көстөр. Ол курдук, аныгы олоҕу кытта тэңңэ хардыылыыр  учуутал үлэтигэр учебнигынан эрэ муҥурдаммакка,  бэйэтин кыаҕынан презентация оҥорон,  интэриниэттэн матырыйаал хомуйан уруоктарга туһанар. ИКТ көмөтүнэн оңоһуллубут уруок алын кылаас үөрэнээччилэригэр ордук өйдөнүмтүө, тиийимтиэ буолар.

Онон, алын кылааска ааҕыы уруогар аҥаардас учебнигынан үөрэтии улахан көдьүүhэ суох буолар. Мантан  сиэттэрэн ааҕыы уруоктара оҕолорго интэриэhинэй, тиийимтиэ, өйдөнүмтүө буоларын иннигэр, биhиги бэйэбит «Саха суруйааччылара оҕолорго» диэн көмө сыһыарыы оҥордубут.

Бу электроннай сыһыарыыбытын 2 уонна 4 кылаас учебниктарыгар киирбит суруйааччылар айымньыларыгар олоҕуран оҥордубут: Л.В. Захарова, Л.К. Избекова «Саhарҕа» уонна Л.К. Избекова «Ньургуhун».

Иккис кылааска – биэс саха суруйааччыларын, төрдүс кылааска – сэттэ суруйааччыны  киллэрдибит. Хас биирдии суруйааччыга хаартыскаларын, кылгас биографиятын, айар үлэтин, айымньыларын, сорох суруйааччылар айымньыларыгар викториналары оҥорон, киинэттэн быhа тардан киллэрдибит.   

Холобур, биир суруйааччыны ылан көрдөххө:

Бастакынан, хаартыскалаах биографията. Бу иккис кылаас үөрэнээччилэригэр анаммыт презентация, онтон төрдүс кылаас оҕолоругар суруйааччы биографията арыый кэҥээн киирэр. Учуутал талан наадалаах этиилэрин уhултарыан сөп.

Иккиhинэн, айар үлэтэ. Суруйааччы айар үлэлэригэр биллэр айымньыларын ааттарын уонна хаhан суруллубутун информация быhыытынан киллэрдибит.

Үсүhүнэн, айымньылара. Манна суруйааччы айымньылара хронологическай таблица быhыытынан киирэр, сорох айымньыларыгар аудиозапись уонна уруhуйдары, хаартыскалары оҕолорго тиийимтиэ буоллун диэн киллэрэн биэрдибит.

Көннөрү суруйааччыны кытта билсиhии буолбакка викторина, таайбараҥ эбии киллэрдибит. Маннык сорудахтар оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннараллар. Учуутал бу үлэни бэйэтэ көрөн уруокка сөптөөх, туhалаах диэтэҕинэ киллэриэн сөп, эбэтэр кылаас таhынан ааҕыы уруоктарыгар туттуон сөп.

Бу электроннай сыһыарыыны ааҕыы уруоктарыгар туhанан оҕо билиитэ үрдүүрүгэр, сайдарыгар учебнигынан эрэ муӊурдаммакка, эбии матырыйаалы, аудиозапиhы туhаннахха үөрэнээччи  билэрэ-көрөрө кэӊиир, төрөөбүт литературатын  үөрэтэригэр  интэриэhэ үрдүүр, көдьүүстээх, туhалаах  буолар  дии саныыбыт.

Евдокия Афанасьева,

Дьокуускай куорат

26-с №-дээх оскуолатын учуутала

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....