09.05.2024 | 12:00

Саха сириттэн сэриигэ ат хомуура

Саха сириттэн сэриигэ  ат хомуура
Ааптар: Наталия Степановна Степанова, СӨ Национальнай архыыбын дириэктэрин солбуйааччыта
Бөлөххө киир

1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду Улуу сэриитигэр дойду үрдүнэн ат хомуура диэн барбыта. Сэриигэ киһини кытта тэҥҥэ биир төһүү тыыннаах күүһүнэн ат буолбута. Кыһыл Аармыйа 1 мөлүйүөн 9 тыһыынча атыттан сэриигэ мөлүйүөнтэн ордугун сүтэрбитэ.

Аты таһар-тиэйэр күүс быһыытынан эрэ буолбакка, кавалерияҕа кытта туһаммыттара. Байыаннай-ветеринарнай сулууспа күүскэ үлэлээбитэ. Маныаха 6507 ветврач уонна 10 290 ветфельдшер мобилизацияламмыта. Оттон Кыһыл Аармыйа Байыаннай-ветеринарнай академията сэрии сылларыгар 1178 ветеринарнай бырааһы, 1220 ветфельдшери, 7016 младшай ветфельдшери, 660 инструкторы, 26 тыһыынчаттан тахса тимир ууһун бэлэмнээбитэ. Сэрии усулуобуйатыгар ветеринарнай лазареттар 3 555 764 аты эмтээн сэриигэ хат киллэрбиттэрэ, ол иһигэр 2 147 494 аты — стационарга сытыаран, 1 319 870 аты — таһыттан эмтээн. Ыарыыга сутуйсубаттарын курдук быһыы биэриигэ, профилактическай үлэҕэ улахан болҕомто ууруллубута. Бу ордук трофейнай (өстөөх ата) уонна кимэн киирии кэмигэр киһитин сүтэрэн муна сылдьар аттарга сыһыаннааҕа.

Сэрии иннинэ, 1939 сыллаахха, ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин уурааҕынан тыа хаһаайыстыбатын наркоматын иһинэн «Лошадь — Красной Армии» диэн пуонда тэриллибитэ. Дойду байыаннай күүһүн мобилизациятыгар диэн 1941 с. муус устар 8 күнүгэр Киин Кэмитиэт Политбюрота «норуот хаһаайыстыбатыттан 45 хонуктаах үөрэтэр хомуурга, өрөспүүбүлүкэлэринэн, кыраайдарынан, уобаластарынан тыыран туран, 57 500 аты хомуйарга» диэн  дьаһалы таһаарбыта, ол иһигэр обуос ата, артиллерия  ата уонна мииниллэр ат диэн тус-туспа уонна сааһынан тыырыллан. Холобур, 1941 сыл муус устар 10 күнүгэр Кыһыл Аармыйа генеральнай штабын директиватыгар: обуос ата — 20 000, артиллерия ата — 4000, мииниллэр ат  4000 наада диэн ыйыллыбыта. Сэрии бастакы сылын бүтэһигэр дойду үрдүнэн норуот хаһаайыстыбатыттан 26 620 ат хомуллубута.

Бу маннык улахан суолталаах дьаһалга Саха сирэ эмиэ кыттыбытын архыып докумуоннара туоһулууллар. Пуонда нөҥүө төһө сылгы уопсай хомуллубута көстө илик эрээри, САССР тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 1951 сыллааҕы отчуотугар сэрии сылларыгар холкуостар араас тэрилтэлэргэ атыыга, ордук Саха сирин тас өттүгэр барыта 50 726 сылгыны судаарыстыбаҕа туттарбыттарын туһунан суруллар.

Саха сирэ сэрии саҕаланыаҕыттан пуондаҕа аттары хомуйбут. Манна сыһыаннаах саамай эрдэтээҥи докумуон 1941 с. бэс ыйын 30 күнүгэр сыһыаннаах. Ол курдук, наркомзем наркомун солбуйааччы Трапезников Бүлүү райсэбиэтигэр «төһө сылгыны фондаҕа хомуйбуккутун от ыйын 5 күнүттэн уһаппакка анал формаҕа толорон биллэриҥ» диэн сорудахтаабыт: «Хомуйбут аттаргыт туруктарын уонна аһатыытын зооветеринарнай үлэһиттэр хааччыйыахтаахтар. Хабыллыбатах холкуостары уонна тэрилтэлэри эбээһинэстээҥ. Ыыттыбыт: форма №3, «Лошадь - Красной Армии» фонда инструкцията».

1942 с. төһө сылгы хомуллубута чуолкайа архыып докумуоннарыттан толору көстөр. Ити сыл тохсунньуга РСФСР Сирин наркоматын бирикээһинэн Саха сиригэр акка былаан түспүт. Таарыйа эттэххэ, ханнык да «атыыга» эҥин диэн тыл көстүбэт, былаан босхо туолуохтаах диэн. Ити сыл устата пуондаҕа 8368 сылгы түһүөхтээҕэ былааннаммыт: үс сааһыттан үөһээ – 5020, үһүгэр диэри саастаах – 3348. Саха сирин Наркомзема оройуоннарынан былаан түһэрбититтэн көрдөххө, саамай элбэх былаан (810 төбө) Сунтаар оройуонугар түспүт; Уус Алдаҥҥа – 690, Үөһээ Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Орджоникидзевскайга – 650-нуу, Намҥа – 620, Бүлүүгэ – 600, Ньурбаҕа – 570, Амма, Таатта оройуоннарыгар – 500-түү о.д.а. 1942 с. сэтинньи ыйын түмүгүнэн былааннаммыт аттан аҥаара эрэ – 4217 төбө хомуллубут. Ордук Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Орджоникидзевскай оройуоннара үчүгэйдик хомуйбуттар. Ол курдук, бүлүүлэр былааннарын толоро сыһан 591 сылгыны туттарбыттар. Сааһынан араарар буоллахха, бу оройуон 3 сааһыгар диэри – 153, 3 саастаах – 68, 4 саастаах – 111, 5 саастаах – 65, 6 саастаах – 78, 7 саастаах 93 сылгыны туттарбыт. Лаппа үчүгэй көрдөрүүлээх оройуоннарынан Үөһээ Бүлүү (533), Таатта (449), Орджоникидзевскай (543), Амма (344), Өлүөхүмэ (398 былааннааҕыттан 303) буолбуттар.

Биллэрин курдук, 1938 сылтан уонна сэрии сылларыгар, кэннигэр даҕаны 1950-с сылларга диэри кураан, эрдэттэн хаһыҥнаах, аһыҥалаах сыллар этилэр. Онон сүөһү иитиитигэр кытаанах кэмнэр ааспыттара, хаһан аһыыр саха сылгытын ахсаана биллэрдик аҕыйаабыта. Холобур, Сунтаар оройуона 1940 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 3633 сылгылаах буоллаҕына, 1942 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи  сибидиэнньэнэн 435 хаалбыт. Бу манна кураантан ураты таһаҕас тиэйиитигэр, араас бэдэрээт үлэтигэр 2342 ат тыырыллыбытыттан сылгы ахсаана аҕыйаабыт уонна «Лошадь — Красной Армии» пуондаҕа туттарыллыбыт буолуон сөп (ити сибидиэнньэ көстө илик). 1940-1941 сс. таһаҕас тиэйиитигэр барыта 2342 ат тыырыллыбытыттан көрдөххө, «Лензолото» таһаҕаһыгар – 150, «Алданзолото» таһаҕаһыгар — 600, Кэмпэндээйи тууһугар (Баагинскайтан Кэмпэндээйигэ туус  тиэйиитигэр) — 1000, Сунтаартан Дьокуускайга диэри оройуон заготконторатын таһаҕаһын тиэйиигэ — 292, райсойууска Сунтаарга Мухтуйаттан, Витимтэн, Бүлүүттэн таһаҕас тиэйиитигэр 300 ат былааннаммыт. 1942 с. хомуурга саамай элбэх былааннаах сунтаардар баара-суоҕа 112 төбөнү туттарбыт биричиинэлэрэ итиннэ сытар. Ситинник балаһыанньалаах оройуоннар: Ньурба – 108, Уус Алдан – 180, Нам – 166, Мэҥэ Хаҥалас – 203, Горнай 28 төбөнү туттарбыттар. Сааһынан ыйар буоллахха, сунтаардар, ньурбалар, намнар, горнайдар, кэбээйилэр, уус алданнар 3 сааһыгар диэри биир да сылгылара суох, үксэ кырдьаҕас, 5-7 саастаахтары туттарбыттар.

Аны туран, бу туттарбыт уопсай 4217 сылгыларыттан хамыыһыйа көрүүтүнэн 2098 сылгы сааһынан уонна уҥуоҕунан хапсыбатах. Ону бэлиэтээн маннык суруллубут: «некондиционность лошадей в нашей республике по росту, очевидно, и является главной причиной того, что по районам план не выполняется, а между тем согласно приказа НКЗ РСФСР №6 от 30.1.42г. вопрос о снижении кондиций по росту лошадей, выделяемых в фонд «ЛКА», можно и нужно было поставить перед Областным военным комиссариатом, которому предоставлено право этот вопрос решить».

Сэриигэ сылдьар аттары отунан хааччыйыыга Саха сирэ эмиэ кыттыспыта. Докумуоннартан көрдөххө, холхуостарга оннук былаан сүктэриллибит.

Сэрии сылларын историятын үөрэппит учуонай Д.Д. Петров «Лошадь – Красной Армии» пуонда туһунан суруйбатах. Онон бу арылла илик тиэмэ өссө да ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтиигэ наадыйар.

1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Саха сириттэн 62 091 буойун саллааттарбыт кыттыбыттарын таһынан, Саха сиригэр үөскээбит чулууттан-чулуу сылгыларбыт талыллан, снаряд таһыытыгар, кавалерияҕа, обуоска, обороннай завод үлэтигэр, оккупацияттан босхоломмут дьон олоҕор-дьаһаҕар көмөҕө уо.д.а. сэрии кыһалҕатыгар кыттыбыттара. Аҕа дойду сэриитин историята кэлин сааһыланнаҕына, сэрии хонуутугар охтубут мөлүйүөнтэн ордук акка кэнэҕэс пааматынньык да туруоруохтара дии саныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...