28.09.2021 | 17:00

Саха сириттэн Испанияҕа көспүт Варвара Афонская

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн олоххо биир ураты көрүүлээх, өй-санаа өттүнэн сайдыылаах, билигин Испанияҕа олорор, үлэлиир риэлтор кыыс, икки оҕо күн-күбэй ийэтэ Варвара Афонская ыалдьыттыыр.

Варяны мин устудьуоннуур сылларбыттан билэбин. Сүрдээх үөрүнньэҥ, элэккэй киһи. 2013 сыллаахха дьиэ кэргэнин кытта Испанияҕа көһөн барбыта. Төһө да ыраах сиргэ олордор, биһиги куйаар ситиминэн билсэ олоробут. Аҕыйах хонуктааҕыта Варяны кытта Испания олоҕун туһунан кылгастык кэпсэтэргэ сананным. Хата, билиҥҥи үйэҕэ социальнай ситим диэн баара үчүгэйин! Интервьюбун онон бассаап нөҥүө ыллым.  

– Варя, үтүө күнүнэн! Биһиги Арассыыйа араас куораттарыгар, омук сирдэригэр олорор сахалары сөбүлээн сырдатабыт. Эн Испанияҕа 2013 сылтан олороҕун. Чуолаан Испанияны тоҕо талбыккыный? Хайдах соһуччу көһөргө санаммыккыный? Бу туһунан ааҕааччыларга кэпсээ эрэ…

– Үтүө күнүнэн, күндү Сахам сирин олохтоохторо! Бастатан туран, маннык биир дойдулаахтаргытын өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник сырдатаргыт олус хайҕаллаах. Бэйэбин билиһиннэрдэххэ, мин Дьокуускайга үөрэммитим, ыал буолбутум. Онтон 2013 сыллаахха дьиэ кэргэнинэн Испанияҕа көспүппүт. Тоҕо бу дойдуну талбыппытый диэтэххэ, климата үчүгэй, сылаас, экологията ыраас, муоралаах. Биллэн турар, бэйэбэр да, оҕолорбор да туһалаах. Иккиһинэн, дьоно-сэргэтэ үтүө майгылаахтар, холкулар, киһини тас көрүҥүттэн көрбөттөр, баай-дьадаҥы диэн араарбаттар. Үсүһүнэн, оҕо улаатарыгар, үөрэнэригэр, сайдарыгар усулуобуйа барыта баар. Бастаан туристическай визанан кэлэн баран, ипотеканан дьиэ ылан үргүлдьү хаалбыппыт.

– Биллэн турар, бастаан киһи барарыгар «Ханна олоробун?», «Тугу үлэлиибин?» диир. Тиийбит дьон бастаан дьиэ куортамнаһаллар, үлэ көрдүүллэр. Эйиэхэ бу боппуруос хайдах быһаарыллыбытай? Туох уустуктары көрсүбүккүнүй? Мин билэрбинэн, эн тута дьиэ ылбытыҥ быһыылааҕа… Дьиэ сыаната ол саҕана хайдах этэй?

– Дьиэ сыаната ыарахана суох. Икки мөлүйүөнтэн саҕаланар. Ол иһин көһөр дьон, баҕар, удамыр сыанаҕа булуоххутун сөп. Арай үлэ булар уустук. Үксэ онлайн үлэлээх дьон көһөллөр. Арассыыйаттан көспүт дьон үгүстэрэ парикмахердар, тыҥырах, депиляция оҥорор маастардар.

– Билигин риэлторынан үлэлиигин. Испанияҕа үлэ булар төһө уустугуй? Хайдах үлэ булбуккунуй? Ол туһунан билиһиннэр…

– Мин көһүөм иннинэ үлэбин эрдэ кэпсэтэн барбытым. Барытын эрдэ быһаарсар ордук буоллаҕа. Билигин риэлтор быһыытынан үлэлии-хамсыы сылдьабын.  Кэлээт да, тута  испанскай тылы үөрэтэн барбытым. Сыал-сорук туруоруннахха киһи син биир үөрэнэр, өйдүүр. Оҕолорум көһөллөрүн саҕана 3-4 саастаах этилэр, тылы аҕыйах ыйынан билбиттэрэ.  Үс сыл курдук тустууга сылдьаллар, Испанияҕа күрэхтэргэ элбэх куораттарга миэстэлэспиттэрэ.

– Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэриэҥ дуо? Оҕолоруҥ хаһыс кылаастарый? Туох интэриэстээхтэрий? Тугунан дьарыктаналларый?

– Улахан уолум Эмиль билигин 13 саастаах, үөрэх иккис хардыытын (ESO) иккис кылааһа (8 кылаас курдук), үөрэҕэр туйгун. Кыра оҕом Миша сотору 12 сааһын туолар, алтыс кылааска үөрэнэр. Оҕолорум интэриэстэрэ киэҥ. Онон үөрэнэн, үүнэн-сайдан иһиэхтэрэ диэн эрэнэбин.

– Кыһыҥҥы кэмҥэ омук сиригэр сылаас буолуохтаах. Саамай муҥутаан сылыйбыта төһө буоларый?

– Биллэн турар, Саха сиригэр тэҥнээтэххэ, быдан сылаас буоллаҕа. Күнүскү кэмҥэ саамай сылыйбыта +7+8.

– Испанияҕа ас, таҥас сыаната хайдаҕый?

– От ыйыгар уонна тохсунньу ыйдарга таҥас маҕаһыыннарыгар улахан чэпчэтиилэр буолаллар. Ол курдук, элитнэй брендовай таҥастары чэпчэкитик атыылаһыахха сөп. Холобур, күннээҕи таҥнар таҥаһы 171.86 солк. саҕалаан ылыахха сөп.

– Биир эмит олохтоох сөбүлүүр бүлүүдэлээххин дуо?

– Испания куукуната баай диэххэ сөп. Биһиги дьиэ кэргэн ордук муора бородуукталарын ордоробут. Чуолаан «Паэйа» диэн бүлүүдэни сөбүлүүбүт. Маны астыырга саамай сүрүнэ, арыы, сымыыт, куурусса уонна сибиинньэ этэ наада.

– Европа диэки олорор, уопсайынан, төһө ыараханый?

– Ким хайдах кыахтааҕынан олорор. Ханна баҕарар буоларын курдук харчыгын суоттанан, көрөн, удамыр сыанаҕа олоруохха эмиэ сөп. Күннээҕи олоҕу билиһиннэрдэххэ, холобур, уот уонна гаас +-8646,77 солк., страховка ыйга 1719.76 солк. Онтон үс киһилээх дьиэ кэргэҥҥэ ыйдааҕы аһылыккар быһа холуйан 21 497 солк. барар. Аны туран күн аайы араас бөһүөлэктэргэ агро-баһаардар ыытыллаллар. Манна сылдьан олохтоох фермердэртэн аһылык, бородуукта арааһын ылыахха сөп.

– Саха сирин, аймахтаргын, доҕотторгун төһө ахтаҕыный?

– Биллэн турар, ахтабын, суохтуубун. Ол гынан баран интэриниэт баар буолан куруук билсэ, көрсө олоробут.

– Испанскай тылы үөрэтэр төһө уустук эбитий? Номнуо холкутук саҥарар буолуохтааххын…

– Барыта киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Мин үөһэ этэн аһарбытым курдук, кэлээт да тута үөрэппитим, билигин холкутук саҥарабын. Оҕолорум эмиэ түргэнник ылыммыттара. 

– Варя, атын омук сирдэригэр төһө сынньанаҕыный? Ханнык дойдуларга сылдьыбыккыный? Инникитин ханна айанныыр былаан баарый?

– Манна үчүгэйэ диэн, Испанияттан атын дойдуларга барар чэпчэки. Уһун өрөбүллэрбитигэр хайаан да сири-дойдуну көрөбүт. Холобур, Испанияны, Андорраны, Монаконы массыынанан сылдьан кэрийэбит. Инникитин круизка барар былааннаахпыт, билиҥҥитэ маршруппутун тала иликпит.

– Испанияҕа сахалар төһө бааллар быһыылааҕый? Төһө билсэҕитий, түмсэҕитий?

– Сахалар бааллар. Бэйэ-бэйэбитин кытта куруук билсэбит, көрсөбүт. Аҥаардас мин олорор сирбэр түөрт ыал Саха сириттэн көһөн кэллэ. Атын килийиэннэрим уоппускаларыгар кэлэллэр, суох кэмнэригэр дьиэлэрин куортамҥа туттарабын.

– Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараргын сөбүлүүгүнүй?

– Киинэ көрөбүт, оҕолорбун кытта сынньанабын. Сынньалаҥ диэн интэриэһинэй буолуохтаах. Эрдэ былааннаан билэр дьоммун эҥин кытта көрсөн үчүгэй көрсүһүүлэри оҥорооччубут.

– Омук сиригэр көһүөн, үөрэнэ барыан баҕалаахтарга тугу сүбэлиэҥ этэй? Лайфхак.

– Туохтан да толлубакка баҕа санааҕытын толорорго кыһаллыҥ, тоҕо диэтэххэ, бастакы хардыы кэнниттэн суол бэйэтэ арыллан иһэр эбит. Үрдүкү кылааска үөрэнэр оҕолордоох дьоҥҥо манна Арассыыйа оскуолата арыллыбыта. Ол курдук, ОГЭ, БКЭ туттараллар, аттестат ылаллар, сыаната удамыр. Ону бүтэрэн баран Европа үрдүк үөрэҕэр киирэллэр. Быйыл саха оҕолоро 8 уонна 11 кылааска киирдилэр. Ол эбэтэр, бэлиэтээн эттэхххэ, ордук үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр испанскай оскуолаҕа үөрэнэр уустук.

– Инники былааннарыҥ. Баҕа санааҥ.

– Былааным элбэх. Саха сириттэн сылдьар оҕолорго лааҕыр арыйыахпын баҕарабын. Ол иһин билиҥҥиттэн араас кэпсэтиилэри ыытабын. Ону таһынан Сахам сирин олохтоохторун Испанияҕа муора кытыытыгар даачаланыан, көһөн кэлиэн баҕалаахтары куруук күүтэбит. Барытын көрдөрүөм, сүбэлиэм, көмөлөһүөм диэн эрэннэрэбин. Инстаграмҥа @varvaraafonskaya диэн булуоххутун сөп.

Түмүккэ

Аахпыккыт курдук, билигин аан дойду аана куруук аһаҕас. Баҕарар буоллаххына, ханна баҕарар тиийэн олоруоххун сөп. Урукку сылларга Москваҕа олорор дьону «курутуойдар» курдук саныыр эбит буоллаххына, билигин саха омук тас дойдуларынан кытта олорор буолла. Америкаҕа, Испанияҕа, Италияҕа, Таилаҥҥа, Турцияҕа, о.д.а. сахалар бааллар, оттон Арассыыйабыт киин куораттарын –  Москваны, Питеры, Сочины, Краснодары, Калининграды этэ да барбаккын. Ханна да тиий, сахалар түмсүүлэрэ, сахалар тэрээһиннэрэ, ыһыахтара элбэх.

Биһиги мантан кыһын сахалар Арассыыйа куораттарыгар, тас дойдуларга тиийэн хайдах олороллорун, тугунан дьарыктаналларын, тугу үлэлииллэрин кэмиттэн кэмигэр эһиэхэ анаан билиһиннэриэхпит диэн эрэннэрэбит.

 

Хаартыскаларга: Варвара Афонская

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...