29.06.2021 | 14:37

Саха сирин территориятыгар 268 ойуур баһаара баар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ойууру харабыллыыр авиация информациятынан, регион территориятыгар 268 ойуур баһаара баар, суукка иһигэр 12 умуруоруллубут диэн иһитиннэрэр СӨ ЫБМ кылаабынай управлениетын пресс-сулууспата.  
Горнай уонна Мэҥэ-Хаҥалас улуустарыгар Арассыыйа ЫБММ специалистара үлэлииллэр. Горнай улууһугар 14 ойуур баһаара баар. Үөһээ Бүлүү улууһугар Ми-8 бөртөлүөт суукка иһигэр ойуур баһаарыгар 10 төгүл, уопсайа 30 туонна ууну куппут. 
Уустук быһыы-майгы өрөспүүбүлүкэ 13 оройуонугар – Үөһээ Бүлүүгэ,  Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Мирнэйгэ, Сунтаарга, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Нерюнгрига, Өлүөхүмэҕэ, Өймөкөөҥҥө, Уус-Майаҕа, Томпоҕо оннунан турар. Ити оройуоннарга 178 тыһыынча гектардаах сиргэ 218 баһаар көрдүгэнэ регистрацияламмыт. 
«Суукка иһигэр сэттэ көрдүгэн эбилиннэ, саҥа булуллубуттары эбэн туран баһаар иэнэ сэттэ тыһыынчаттан тахса гектар буолла. 19 оройуон территориятыгар баһаар кутталын 4-5 кылааһа оннунан хаалар», - диэн иһитиннэрбит СӨ ЫБМ кылаабынай управлениетын начальнига Павел Гарин.
Итини сэргэ Ньурбачаан, Маар, Ударник сэлиэнньэлэриттэн чугас баар ойуур баһаардара ураты хонтуруолга сылдьалларын бэлиэтээтилэр. 
Ойууру харабыллыыр авиация биллэрбитинэн, Саха сирин территориятыгар оҥоһуу ардаҕы түһэрэргэ бэлэмнэнэллэр. 
«Билиҥҥи туругунан Саха сирин ойуурдарын баһаардарын үрдүнэн оҥоһуу ардаҕы түһэрээри былыттар „ситэллэрин“ күүтэбит. Быһа холоон бэс ыйын 30 күнүгэр ойууру харабыллыыр авиация ардаҕы түһэрэр үлэтин саҕалыа», - диэн этиллэр пресс-сулууспа иһитиннэриитигэр. 
Оҥоһуу ардах бүлүү бөлөх уонна киин улуустар баһаардарыгар түһэрэ сабаҕаланар. 
Региоҥҥа +30+35°С кыраадыс итии туран, этиҥ түспүт ыраах, киһи дэбигис тиийбэт сирдэринэн  саҥа баһаар көдүгэннэрэ үөскээбиттэр. 
СӨ экологияҕа Министиэрситибэтин информациятынан, өрөспүүбүлүкэ ойуурун пуондатыгар 99 355,8 га иэннээх 113 ойуур баһаарын умуруора сылдьаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....