Саха сирин тэрилтэлэрэ үлэһиттэрин 50% “удаленкаҕа” көһөрөллөр
Ыам ыйын 13 күнүттэн коронавирус дьаҥын тарҕаппат сыалтан Саха сирин судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уонна олохтоох салайыныы уорганнарын, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин 50% тэйиччиттэн үлэлиир буоллулар. Ол туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Ити миэрэ коронавируһу кытта охсуһар суһал штаб быһаарыныытыгар олоҕуран таҕыста.
«Доруобуйа харыстабылын, үөрэҕирии уонна социальнай өҥө стационарнай тэрилтэлэрэ тэйиччиттэн үлэҕэ көспөттөр», — диэн пресс-киин иһитиннэриитигэр этиллэр.
Аан бастакынан тэйиччиттэн үлэҕэ 65 үөһэ саастаах уонна олохсуйбут ыарыылаах дьону, ону сэргэ инбэлииттэри, 14 саастарын туола илик эбэтэр 18 саастарын туола илик инбэлиит оҕолордоох төрөппүттэри уонна оҕо күүтэр дьахталлары көһөрөллөр.
Ыам ыйын саҥатыгар бүддьүөт тэрилтэлэрин 40% кэриҥэ үлэһиттэрэ “удаленкаҕа” олороллор.