06.12.2022 | 13:00

Саха сирин талааннаах оҕолоро наҕараадаланнылар

Саха сирин талааннаах оҕолорун гырааннарын куонкуруһа түмүктэнэн, кыайыылаахтары наҕараадалааһын А. и Н. Посельскайдар ааттарынан Дьокуускайдааҕы балет оскуолатын сыанатыгар ыытылынна диэн Үүнэр көлүөнэ пуондатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саха сирин талааннаах оҕолоро наҕараадаланнылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Түмэн ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спортка сис хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев, СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Марина Силина уонна Пуонда бэрэстэбиитэллэрэ кыайыылаахтары эҕэрдэлээтилэр уонна гырааннары туттардылар.

«Бу бэртээхэй түгэн. Эһиги саамай үрдүк таһымҥа Саха сирин дэгиттэр талаанын көрдөрөҕүт уонна өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүүгүт. Эҕэрдэлиибин уонна талбыт хайысхаларгытынан саҥа чаҕылхай үрдэллэри баҕарабын. Бу – элбэх сыллаах үлэҕит, төрөппүттэргит уонна салайааччыларгыт улахан кылааттарын түмүгэ», — диэтэ Наукалар аччыгый академияларын ректора Василий Павлов.

Саха сирин Үүнэр көлүөнэтин пуондатын Целевой бырагыраамаларга управлениетын начаалынньыга Сардана Попова кэпсээбитинэн, быйыл куонкуруска 147 сайаапка киирбит. Гырааннары Пуонда «Кэлэр кэм туһугар» целевой бырагырааматын чэрчитинэн «АЛРОСА» үбүлээбит.

«Регионнааҕы киини кытта бииргэ куонкуруһу иккис сылын ыытабыт. Сүрүн критерий – кыттааччы өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэр,   олимпиадалар уонна конференциялар кыайыылаахтара буолуохтаах. Маннык өйөбүл саҥа ситиһиилэргэ уонна идэтийии таһымын үрдэтиигэ төһүү күүһүнэн буолуоҕа диэн эрэнэбин», — диэтэ пуонда бэрэстэбиитэлэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....