11.01.2023 | 12:00

Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун куонкуруһа түмүктэннэ

Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун бириэмийэтигэр сылын аайы ыытыллар куонкурус түмүктэннэ.
Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун куонкуруһа түмүктэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бириэмийэ уон номинациянан ыытылынна. «Кыһыл көмүс бөрүө» бириэмийэ хаһаайынынан «Киин куорат» хаһыат корреспондена Ксенофонтова Айыына Ивановна буолла.

Телевизионнай суруналыыстар ортолоругар «Кыһыл көмүс микрофон» «Саха» НКИХ телебырайыактарын ааптара уонна ыытааччыта Березин Максим Викторовичка тигистэ.

Араадьыйа суруналалыыстарын ортотугар «Кыһыл көмүс микрофон» «Саха» НКИХ араадьыйа биэриилэрин эрэдээктэрэ Тарасов Иван Петровичка бэрилиннэ.

«Сыл дебюта» «Саха» ГТРК «Вести Саха» информационнай бырагыраама корреспондена Павлов Айтал Андреевич буолла.

«Сыл интэриниэт-таһаарыыта» – «Саха» НКИХ «Чохоон» оҕо ханаала.

 «Сыл дизайна» – «Сахабэчээт»  «Хаҥалас» хаһыатын эрэдээксийэтин техническэй эрэдээктэрэ Афанасьев Арсентий Александрович.

«Түмүктээх үлэ иһин» бириэмийэ «Кыым» хаһыат корреспондена Багынанова Саргылана Ивановнаҕа тигистэ.

«Сыл Медиа-персоната» – «Ситим-Медиа» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньах норуодунай дьокутаата Христофорова Мария Николаевна.

«Сыл уопсастыбаннай корреспондена» – «Ил Түмэн»  хаһыат уопсастыбаннай корреспондена Соломонова Валентина Николаевна.

«Сыл пресс-сулууспата» анал бириис Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспатын салаатыгар тигистэ. 

Түгэнинэн туһанан, «Киин куорат» хаһыат эрэдээксийэтин аатыттан, күндү кэллиэгэбитин Ксенофонтова Айыына Ивановнаны үрдүк ситиһиигинэн ис-сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Сытыы бөрүөҥ сыппаабатын, өссө үрдүк ситиһиилэнэн ис, чэгиэн туруктаах, дьоллоох буол диэн алгыспытын аныыбыт.

Бириэмийэ кыайыылаахтарын барыларын эҕэрдэлиибит уонна бары үтүөнү баҕарабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...