Саха сирин ойуурдарыгар солко өрөөччүнү утары химияны туттуу саҕаланна
Бу күннэргэ Саха сирин үс ойуурун хаһаайыстыбатын сиригэр солко өрөөччүнү утары авиация көмөтүнэн химияны ыстарыы саҕаланна. Ол туһунан СӨ экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
"Рослесзащита" ФБТ филиалын хонтуруоллуур чинчийиитинэн, Нам, Хаҥалас уонна Дьокуускай территорияларыгар 204440,4 га сиргэ солко өрөөччүнү кыдыйар тоҕоостооҕо биллибит. Муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарыгар ойуурдарыгар ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин киллэрэргэ сорудах бэриллибит.
Солко өрөөччүнү утары "Клонрин" диэн буортулааччылары утары киэҥ дьайыылаах инсектицид туттуллубут. Бу дьаат 3-с кылаастаах кутталлаах, ол аата киһиэхэ уонна ынах сүөһүгэ куттала суох эбит. Ойуур харыстабылын Департааменын старшай госиниспиэктэрэ Николай Никитин эппитинэн, 11312 га ойуур эмтэммит, ол эбэтэр уопсай иэнтэн 5,53% сир.
"Сэттэ борт кыра-кыралаан ыстарда, 3 лиитэрэни биир гектарга. Үлэбитин бэс ыйын бүтүүтүгэр - от ыйын саҕаланыыта бүтэрэр былааннаахпыт", - диир Николай Никитин.
Бэс ыйын 21 күнүгэр Нам ойуурун харыстабылыгар ыстарыы бүппүт, билигин Хаҥалас уонна Дьокуускай ойуурдарыгар салҕанар. Госиниспиэктэр эппитинэн, дьааты ыстарыы сарсыарда эрдэ, эбэтэр түүн ыытыллар эбит