08.05.2024 | 18:00

Саха сирин үүнээйилэриттэн оҥоһуллар косметика

Саха сирин үүнээйилэриттэн оҥоһуллар косметика
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Билигин “Erica Salus” диэн натуральнай косметика брендин үлэлэтэр Эрика Сысоева урбаан эйгэтигэр үгүс бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат хайысхаларга ылса сылдьыбытын истэн сөҕүөххэ эрэ сөп. Онон баай уопуттаах урбаанньыт косметиканы оҥорон таһаарыыга хайдах кэлбитин кэпсээтэ:

– Бэйэм Өймөкөөнтөн төрүттээхпин, 15 сааспар РФМШ үөрэнэ киириэхпиттэн куоракка олохсуйбутум. Новосибирскайдааҕы архитектурнай-тутуу университетыгар үөрэммитим. Аан бастаан экономист быһыытынан үлэлээбитим. 2000 сылтан бэйэм урбаанньыттаан саҕалаабытым.

Бастаан тутуу эйгэтигэр бэйэ дьыалатын арыммытым. Онтон өр сылларга флористика салонун арыйан үлэлэппитим. Иккистээн олохпун оҥостон, үһүс оҕобун оҕолонон баран ол бизнеспин атыылаабытым. Ол кэннэ wellness-индустрия хайысхатыгар сайдан саҕалаабытым. Аан бастаан сирэй гимнастикатыгар маастар, онтон пилатес тренеригэр үөрэммитим. Пандемия кэмигэр нутрициологияны үөрэппитим. 2018 сылтан ароматерапия диэнинэн умсугуйан дьарыктанабын.

Улахан кыыстаахпын, Прагаҕа үөрэммитэ, ыал буолан Лос-Анжелеска олорбута уонча сыл буолла. Барыта киниттэн саҕаламмыта диэхпин сөп эбит. Оҕобор биэс ыйдааҕар сыыһа антибиотик дозатын биэрэннэр доруобуйата наһаа улаханнык айгыраабыта. Кыс ортото хаары хаһан дөлүһүөн угун тоһутан киллэрэн, ону оргутан иһэрдибиппитигэр оҕобут бэттэх кэлэн барбыта. Онтон ыла айылҕа үүнээйитин күүһүгэр итэҕэйбитим. Оҕом доруобуйатын натуральнайынан эмтиир, өйүүр этим. Эдэр ийэ этим, уонна оҕобун эмп иһэрдибэккэ кэриэтэ улаатыннарбытым. Аспытын көрүнэр буолбуппут, салгыҥҥа элбэхтик сылдьарбыт, туһалаах хамсаныылары оҥоро, сэрээккэлии үөрэммиппит.

Кэргэним байыаннай, ХИФУ Байыаннай-учебнай киинигэр үлэлиир. Ол иһин кини эмиэ чэбдиктик, чэгиэнник сылдьарга интэриэстээх. Кыра уолаттарбытын чэбдигирдиигэ улахан болҕомто уурабыт. Хаамар буолуохтарыттан кэлээскэлэммэтэхпит, сатыы хаамтарабыт. Эһээхэй эрдэхтэриттэн салгын сиэтэн, балкоҥҥа утутан улаатыннарабыт. Айылҕаҕа элбэхтик сырытыннарабыт. Александр Константинович Чиряев салайааччылаах математическай кылаастардаах 12-ис оскуолаҕа үөрэнэллэр, онно кинилэр айылҕаҕа чугас буола улааталлар, сиэри-туому билэллэр, төрөөбүт дойдуларын туһунан сахалыы үөрэҕи ылаллар. Кыыһым да, уолаттарым да бары сахалыы үөрэнэллэр, төрөөбүт тылларыттан тэйбэтэхтэрэ.

 

 

Гидролат диэн тугуй?

Косметиканы оҥорууга туох санааттан ылсыбыккыный?

– Саха сирин үүнээйитин илиибинэн тутан-хабан косметика оҥоруохха сөп диэн санаа маҥнай эфирнэй арыылары үөрэтиибиттэн саҕыллыбыта. Хас да сыл буккуллубутум, хантан атыылаһарбын, кимиэхэ үөрэнэрбин... Ароматерапияҕа Арассыыйа, Франция, Америка оскуолаларыгар үөрэммитим. Бары атын-атын соҕустук биэрэллэр этэ. Эфирнэй арыылары киһи сыттаан уонна иһэн туһаныан сөп. Ол эрэн ароматерапевтар мээнэ иһэри көҥүллээбэттэр.

Маны таһынан, бу арыылары тириигэ бистиэххэ сөп – натуральнай косметика мантан үөскүүр. Өссө ароматерапевтар гидролаттары туһаналлар.

Саха сирин үүнээйилэриттэн гидролаттары оҥоро үөрэниэхпин баҕарбытым. Ол эрэн манна үөрэтэр киһи олус сэдэхтик көстөр эбит. Ароматерапевтар бөлөхтөрүгэр Красноярскайга олорор гидролат оҥорор кэрэ аҥаары булан, киниэхэ үөрэммитим уонна былырыын бэйэм оҥорон саҕалаабытым.

 

Гидролат диэн тугуй?

– Гидролат диэн үүнээйи ууга суураллар эттиктэрэ. Оту паарынан оҕустарабын, ол паар үүнээйи нөҥүө ааһан ууга суураллар компоненнарын ыган таһаарар. Ол паары хомуйан ылан төттөрү уу оҥороҕун. Аҕыйах хааппыланы да ууга эптэххэ, уу тутула уларыйар. Хас биирдии үүнээйи бэйэтэ ураты химическэй састааптаах. Ыарыылары сэрэтэр доза диэн баар. 3 нэдиэлэ курдук иһэн баран, атын гидролаттары туттуохха сөп.

Гидролат үчүгэйэ диэн туох да куттала суох. Холобур, эфирнэй арыыны сыыһа тутуннахха, быһа сиэтиэххэ, сүһүрүөххэ да сөп. Сатаан туттар эрэ киһи туһанар. Оттон гидролаты сыыһа тутуннахха да улахан буортута суох.

Гидролат суурадаһынтан (отвартан) туох атыннааҕый диэтэххэ, суурадаһын 1-2 күн турар, онтон саҥаны оҥорбут ордук буолар. Гидролат биир сылга диэри холодильникка хараллыан сөп. Гидролаты баттаххар, эккэр, тириигэр кириэм, лосьон курдук туттуоххун сөп. Иммунитеты күүһүрдэргэ, уһун ыарыы кэнниттэн чөлгө түһэргэ наһаа туһалаахтар.

Кыһын устата мутукчалаах үүнээйилэр гидролаттара туһалааҕын билэн дьон хото атыыласпыттара. Олус туһанабыт дииллэр. Ордук вируснай ыарыыларга, сөтөлгө туһаналлар. Аптекаттан химия эми атыылаһан иһэрдиэхтээҕэр, оҕоҕо айылҕа үүнээйитин гидролатынан сымнаҕастык көмөлөһүөххэ сөп.

Үүнээйини хаһан баҕарар хатаран баран гидролат оҥоруохпутун сөп. Билигин саас бастакынан хатыҥ үнүгэһин, харыйа саҥа тахсыбыт иннэтин уонна сайын устата араас үүнээйини гидролат оҥоруохтаахпын.

 

Миэнэ барыта натуральнай

– Эн оҥорон таһаарар бородууксуйаҥ атыттартан туох уратылааҕый?

– Маҕаһыыҥҥа атыыланар бородууксуйаны кытта тэҥнээтэххэ, барыта натуральнай. Искусственнай арыылар диэннэр эмиэ бааллар, мин натуральнай рафинированнайа суох арыылары туттабын. Маҕаһыыҥҥа атыыланар косметика аччаабыта үс сыл буорту буолуо суохтаах – оннугу натуральнай арыы тулуйбат. Натуральнай арыы эттиктэрэ барыта хамсыы сылдьаллар, тыыннаахтар, ол иһин тас дьүһүнэ уларыйыан сөп.

Гидролаттары дьиэ усулуобуйатыгар киһи бэйэтэ аҕыйах лиитэрэни оҥостор. Онтуҥ төһө эмэ хаачыстыбалаах, туһалаах буолар.

Илиилэрин тириитэ хатырар дьон натуральнай кириэми сөбүлээтилэр. Төбөлөрүн тириитэ бааһырар дьон шампуннарбын астыннылар.

– Саха сирин айылҕатыттан тугу туһанаҕын, ылаҕын?

Үөрэ ото, оҕонньор отун (Вероника Седая), мутукчалаах мастар иннэлэрин туттабын. Арыылаах экстрактарын оҥорон таһааран кириэмнэрбэр булкуйабын. Үлэлиирим тухары үөрэнэбин. Бренд быһыытынан комтетикабын барытын Саха сирин үүнээйилэринэн эрэ оҥоруохпун баҕарабын. Үксүн бассаапка, телеграмҥа, ЮДС сыһыарыытын нөҥүө элбэҕи кэпсиибин.

 

– Сырьеҕун хантан аҕалаҕыный?

Арассыыйа киин куораттарыттан ылабын. Сертификаттаах эттиктэри атыылыыр хампаанньалар бааллар. Ши арыы, саҥа үүнэн эрэр бурдук арыыта, виноград арыыта, абрикос уҥуоҕун арыыта, лүөн, кунжут арыытын о.д.а. ылабын. Үүнээйилэртэн арыыны ыган ылар дьоҕус тэрилтэлэр бааллар, олору кытта үлэлиибин. Дьон билэр отторун ыла сатыыллар – лаванда, календула, ромашка курдуктары Кавказтан, Крымтан ылабын.

 

Сыаната хаачыстыбатыгар эппиэттиир

– Билигин Кореяттан кэлбит косметиканан үлүһүйэр буоллубут, үлүгэрдээх сыанаҕа да атыылаһан туттуохпутун сөп. Эйиэнэ сыаната хайдах быһылларый? Орто дохуоттаах киһи эн косметикаҕынан туттар кыахтаах дуо?

Натуральнай косметика компоненнарын сыаната ыарахан. Илиибинэн оҥорор буоламмын, сүүһүнэн оҥорбоппун, аҕыйахтыы устууканы оҥорон таһаарабын. Маҕаһыын сыанатын курдук сыаналаах шампунь буолан тахсыбат.

Ол эрэн атыылаһан туттубут дьон “тоҕо наһаа чэпкэкигэ биэрэҕиний?” диэн ыйытааччылар. Мин кириэмнэрбин уонна шампуннарбын чиэһинэй бородууксуйалар диибин. Холобур, маҕаһыын шампунун күн аайы туттар буоллаххытына, миэнин ылан эһиги күн аайы сууммаккыт. Тоҕо диэтэххэ төбөҕүт ыраас буолар, мээнэ киртийбэт. 250 мл иккилии ый тутталлар. Ол иһин сыаната хаачыстыбатыгар эппиэттиир дии саныыбын.

Бэйэм биир кириэми сирэйбэр, илиибэр-атахпар барытыгар туттабын. Хайаан да тус-туһунан буолуохтаах диэн маркетинг диибин. Биир үчүгэй “универсальнай” кириэм барытын быһаарыан сөп. Кириэмнэрбин пробнигынан туттан көрөн баран атыылаһыахтарын сөп.

Натуральнай өттүгэр талаһар дьон элбээтилэр. Күүскэ рекламаламматаҕым да иһин дьон билэн кэлэллэр.

 

Тугу үчүгэйдик быһааран кэпсиигин да, ону атыылаһаллар

Баттаҕы, төбө тириитин көрүнүүгэ ураты болҕомто уурар, шампунь, бальзам эҥин оҥорон таһаарар эбиккин дии. Киһиэхэ сакааһынан, киниэхэ эрэ барсар шампунь оҥоһуллан тахсыан сөп дуо?

– Бастаан үөрэнэ сылдьаммын дьон баттахтара, төбөлөрүн тириитэ элбэх кыһалҕалаах буоларын билбитим. Оннооҕор эп-эдэр оҕолор куйахалара бааһырар. Дьон тугу ирдииригэр урбаанньыт эппиэттэһэн иһиэхтээх.

Косметикаттан саамай уустуктук оҥоһуллар бородууксуйа шампунь эбит диэтим. Элбэххэ үөрэнним. Туһанар дьон хайҕалларыттан кынаттанабын. Холобур, бииргэ төрөөбүт балтым төбөтө бааһырарын көннөрүннэ.

Төбө тириитэ хоһоҕолуон, аһара хатыан, бааһырыан сөп. Ол барыта киһи сэниэтин эһэр. Ол иһин сууйарга сымнаҕас састааптаах шампуннары туһаныахха сөп. Эрдэ баҕайы маҥхайар баттахтаах дьон баар, кырааскаланнахтарын аайы баттахтара буорту буолар – ону барытын натуральнай шампунунан аһарыныахха сөп. Ол иһин бу хайысханан шампунь, бальзам, мааска, спрей-кондиционер оҥорон эрэбин. Дьон сакааһынан кинилэргэ барсар шампуну эмиэ оҥоруохпун сөп.

 

– Дьон ордук ханнык көрүҥү туһанарый, ыйыталаһарый? Атыыга туох ордук хамаҕатык барарый?

– Тугу үчүгэйдик быһааран кэпсиигин да, ону атыылаһаллар. Кыһын гидролаты үчүгэйдик ылаллар этэ. Киһи илиитэ тымныыга наһаа хатар буолан баттердары, кириэмнэри ылбыттара. Сирэй кириэмин көрдүүллэр. Кыралаан дьыл кэмиттэн көрөн атыым барар.

Сайын оҕо эчэйиитигэр, кумаар ыстыырыттан көмөлөһөр лавандалаах гидролаттары, көлөһүннүрүүттэн дезодораннары, тилэх тириитин көрүнэргэ аналлаах кириэмнэри о.д.а. атыыга таһаарар санаалаахпын.

 

– Судаарыстыбаттан туох эмэ көмөнү туттубутуҥ дуо?

Суох. Туох да көмө ыла иликпин. Үөрэтэ сылдьыбытым эрээри, сааспынан да хапсыбаппын. Үлэһиттэри ылыахпын эҥин наада курдук, билигин барытын бэйэм оҥоробун.

Урбаанньыт быһыытынан  “самозанятай” буолар ньыманы талбытым. Билигин отчуот эҥин өттө олус чэпчээбит диэн үөрэбин, уруккуттан бэйэ дьыалатынан дьарыктанар буоламмын тэҥнээн көрөр кыахтаахпын. Барыта судургутуйбут, усулуобуйа барыта тэриллэр. Баҕалаах киһи үлэлиэн эрэ наада.

 

– Бэйэ дьыалатынан дьарыктаныан баҕалаахтарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

Урбаанньыт, биллэн турар, дохуот киллэриниэн баҕарар. Онуоха бастаан наһаа ыксыыр наадата суох. Саҕалаабыт дьыалаҥ олоххо көрүүгэр, бэйэҥ толкуйгар тирэҕириэхтээх, оччоҕо эрэ түмүктээх буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....