23.08.2021 | 10:00

Саха сирин национальнай тэриллиилэрэ судаарыстыбаннай былаах Күнүн бэлиэтээтилэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Судаарыстыбаннай былаах Күнэ – көҥүл уонна гражданскай эйэ бырааһынньыга. А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй  аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтэ ити күҥҥэ «Народный плов» аахсыйаны ыытта. Ол туһунан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Плов – элбэх омук олорор дойдутун сүрүн бүлүүдэлэриттэн биирдэстэрэ. Кини 2016 сыллаахха ЮНЕСКО материальнайа суох култуурунай нэһилиэстибэтинэн билиниллибитэ. 
Саха сиригэр баар Кыргызтар конгресстара уонна таджиктар Холбоһуктара мустубут дьону минньигэс пловынан  күндүлээтилэр. Ити бүлүүдэ ыалдьытымсах буолуу эрэ буолбакка, өссө аһымал уонна бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү бэлиэтэ. Ити аһынан былыр-былыргыттан айанньыттары уонна көмөҕө наадыйар дьону күндүлүүллэр. Бу бэлиэ күн астаммыт бүлүүдэлэр куорат социальнай остолобуойугар бэриллибиттэр. 
Аахсыйа кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттарын тас сибээстэргэ уонна Саха сирин норуоттарын дьыалаларыгар миниистирэ Гаврил Кириллин, өрөспүүбүлүкэ норуоттарын Ыччатын  Ассамблеятын бэрэссэдээтэлэ Нурудин Нурудинов бырааһынньыгынан эҕэрдэлээбиттэр. 
Арассыыйа былааҕын Күнэ – аныгы Арассыыйа саамай «эдэр» бырааһынньыга 1994 сылтан бэлиэтэнэр. Ити күн нацияны сомоҕолуур, норуот санаатын тиэрдэр, уруккуну, билиҥҥини уонна инникини ситимниир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....