Саха сирин мелодистарын ассоциацията тэриллибитэ 30 сыла Ырыа тускулун туһугар
Саха сирин мелодистарын ассоциацията (20.10.1991 с.) итиэннэ Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун мусуойа (21.02.1991с.) дойду уустук кэмигэр тэриллибиттэрэ. Ол саҕана киһи санаабычча ону-маны тэрийэргэ ылсыбат этэ, улахан өйөбүллээх хамсааһыннар, тэрээһиннэр эрэ олоххо киириэхтэрин сөптөөҕө. Онтон ыла номнуо отут сыл ааһа охсубут эбит...
Ол кэмтэн ахтыылар:
Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй:
– 1991 сыл муус устар ыйыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин тэрээhининэн, Илин Сибиирдээҕи самодеятельнай ааптардар сүбэ мунньах-сэминээрдэригэр Саха сириттэн алта киhини ыытар буолбуттара. Анатолий Семенов салайааччылаах, Афанасий Моргусов (Ньурбаттан), Елена Олбутцева (Бүлүүттэн), Николай Саввинов (Горнайтан), Гаврил Слепцов (Намтан) уонна мин буолан түмсэммит, Бурятияҕа Улан-Удэ куоракка көппүппүт. Ол семинарга Бурятияттан, Туваттан, Хакасияттан, Алтаайтан уонна Саха сириттэн ааптардар уонна муусукааннар түмсэммит, биир нэдиэлэлээх семинар-практикум барбыппыт. Сүнньүнэн, “ааптардар хайдах түмсүүлээх, тэрээhиннээх олороҕут, тугу айаҕыт, билиҥҥи кэмҥэ хайдах-туох буолабыт” диэн боппуруостар турбуттара. Туваларга 50-ча киhилээх ааптардар түмсүүлэрэ тэриллэн үлэлиир уопутун сэҥээрбиппит. Саха сиригэр 100-тэн тахса мелодистардаахпытын кэпсээн-сырдатан, ыллаан-туойан иhитиннэрэн сөхтөрбүппүт. Дьэ, ол онтон кэлээт, араас таhымнаах кэпсэтиhии-ырытыhыы буолбута. Мин билсэрдии, өрөспүүбүлүкэ култуурунай олоҕор биллэр-көстөр, ырыа эйгэтигэр, мелодистарга ырытан суруйуулаах, киэҥник тарҕаммыт ырыалардаах Виталий Андросовка тиийэн, ассоциация форматын тобулан дьүүлгэ таhаарыахха диэбитим...
Ол саҕана саха суруйааччылара «Саха литератора» диэн ассоциация тэринэн үлэлии сылдьар этилэр. Кинилэргэ тиийэн, эппиэттиир сэкирэтээр Дмитрий Зверевтэн элбэх сүбэни ылбыппыт. Култуура миниистирэ Андрей Борисовка эмиэ санаабытын быhааран эппиппит. Кини өйөөбүтэ уонна тэрээhин конференцияны ыам ыйын 27-29 күннэригэр ыытарга уонна Норуот айымньытын дьиэтин иhинэн сорудахтыырга быһаарыныыны ылбыппыт. Н.С. Толбонова уонна А.Н. Семенов тула түмсэн, өрөспүүбүлүкэ мелодистарын кытары үлэлэhэн, 100-тэн тахса айар үлэһит кыттыылаах конференция буолбута. Самодеятельнай композитор Тимофей Стручков өлөр ыарыыга ылларан сытан, балыыhаттан көҥүллэтэн тахсан, конференцияҕа туhаайан, кэлин санаатахха, кэриэс тылларын, сүбэтин этэн хаалларбыт эбит: «Ассоциацияны өйүүбүн, түмсэн бииргэ саха ырыата сайдарын туhугар үлэлээҥ, биhиги үлэлээбиппитин салҕааҥ...», – диэн. 100-тэн тахса кыттааччылаах конференцияҕа ассоциация тэриллэрин өйөөннөр, бэйиэттэр Моисей Ефимов, Иннокентий Артамонов, композитор Захар Степанов уонна мелодистар Аркадий Алексеев, Федор Лобанов, Виталий Андросов, Елена Олбутцева, Афанасий Моргусов уо.д.а. тыл эппиттэрэ. Онон, уопсай куоластааhынынан «Саха сирин мелодистарын айар ассоциацията» диэн бастакы уопсастыбаннай тэрилтэ тэриллибитэ, бэрэссэдээтэлинэн миигин талбыттара, солбуйааччынан В.Т. Андросовы, сэбиэт чилиэннэринэн А.Н. Павлов, В.И.Никаноров, А.Н.Семенов, В.И.Заболоцкай, Г.Г.Мамонтова буолбуттара.
Алтынньы 18-19 күннэригэр Опера уонна балет театрыгар, Эстрада театрыгар «Чароикка» күргүөмнээх, ырыалаах-тойуктаах, киэҥ кэпсэтиилээх ассоциацияны билиhиннэрии түhүлгэтэ тэриллэн ыытыллыбыта, ол туһунан хаhыаттарга, араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ киэҥник ырытан сырдаппыттара.
Ити кэмтэн ыла ырыа туhугар диэн элбэх тускуллаах дьаhаллар утуу-субуу ыытыллан барбыттара. Ассоциацияҕа чилиэнинэн ылыы, тыаларга түмсүүлэри тэрийии уо.д.а. Аҕыйах кэм иhигэр мелодистарга туhаайыллыбыт кэккэ дьоhун тэрээhиннэр, тускуллар түстэммиттэрэ, өрөспүүбүлүкэ 16 улууһугар мелодистар түмсүүлэрэ үөскээбитэ. Бастаан Виктор Никаноров уонна Анатолий Семенов 200 мелодист айар үлэтин сырдатар “Саха сирин мелодистара” диэн икки түһүмэхтээх ыйынньык-кинигэни таһаарбыттара, 1992 с. Дмитрий Дыдаев хоһоонноругар анаммыт ырыа күрэҕэ, 1992-1993 сс. «Сахам сирэ барахсан» өрөспүүбүлүкэтээҕи телевизионнай ырыа күрэҕэ, 1993 с. «Саха ырыатын сайдар саҕахтара» научнай-практическай конференция, 1995 с. «Ырыа эйгэтигэр билиҥҥи хайысхалар» диэн конференция, «Дьүһүй» ырыа кулууба (саҥа ырыа айыллыытын сүрэхтэниитэ). «Кэскил» оҕо хаһыатын нөҥүө Анатолий Павлов 1991 сылтан балаһа арыйбыта, 1994 с. «Чолбон» сурунаалга «Уйулҕам уһугуннаҕына» диэн мелодистар айар үлэлэрин чинчийэн үөрэтиигэ рубрика аһыллыбыта. 1993 с. «Ырыа ыһыаҕа – Ньургуһун ыһыаҕа» Хатас ыһыахтыыр сиригэр сибэкки оһуордаах Сэргэ туруоруллубута. Онно К.Уткин “Ньургуһун ырыата” хоһоонугар ырыа күрэҕэр уонтан тахса мелодист кыттыбыта, онтон ньургуһун туһунан ырыаларга, 1994с. «Ньургуһуннар” хомуурунньук тахсыбыта.1995 с. «Күөх уот” – Саҥа дьыллааҕы мелодистар эҕэрдэ киэһэлэрэ буолбута. 1996 с. Туймаада ыһыаҕар ассоциация 5 сылын бэлиэтээбитэ, «Үрүҥ Чөмчүүк» ырыа куонкуруһа, баянистар-гармонистар аһаҕас күөн күрэстэрэ аан бастаан ыытыллыбыта. Мелодистар үбүлүөйдэрин (50, 55, 60 саастаахтары) бэлиэтээн радиокомпозициялары, биэчэрдэри, кэнсиэртэри тэрийии, айар үлэлэрин сыаналаан араас таһымнаах наҕараадаларга түһэрии. 1993 с. Виталий Андросов сүрүннээн, 29 мелодист-дьахтар “Күөх түүл” диэн хомуурунньуктара күн сирин көрбүтэ. Национальнай култуураны сайыннарыы концепциятыгар олоҕуран, Дьокуускай куорат 30-тан тахса нуучча тыллаах оскуолатыгар мелодистар көрсүhүүлэрин тэрийэн ыытыы биир улахан хабааннаах үлэнэн буолбута. Ырыа тылын суруйар ааптардары кытта бииргэ үлэлээhин, сүбэлэhии, ырытан дьүүллэhии, Суруйааччылар сойуустарын кытта бииргэ айар суолбут чугастык ыпсыбыта.
Биллэн турар, саҥаны саҕалааhын, тэрийии, олоххо киллэрии, суоҕу баар гыныы ыарахан, булкуурдаах, ыhыллыы-тоҕуллуу, харчы-хамнас суох кэмнэригэр ассоциация араас форманы көрдөөн, киирэн-тахсан, булан-талан сүрүн сыалын ыhыктыбакка ити курдук үлэлээбитэ. Ырыа сайдыытын пуондата тэриллиитэ, ол тула «саҥа сахалар» салайар үптээх-астаах тэрилтэлэрин көмөҕө түмэ тардыы ырыа туhугар диэн араас тэрээhиннэргэ тирэх буолбуттара, ону иилээн-түмэн салайбыт киhибитин А.А. Гольдманы бүгүн бэлиэтээн, ахтан ааhар, махтанар иэстээхпит.
Ассоциацияҕа 1991-2000 сылларга 120 мелодист чилиэнинэн киирбитэ. Кэскиллээх тэрээһиннэр мелодистары саҥа айымньыларга кынаттаабыттара, хас биирдии мелодист бэйэтин айар үлэтин күүһүрдэригэр, ис хоһоонун байытарыгар саргылаах санаалары салайбыта.
***
1994 с. олунньу ый 4 күнүгэр муусука мусуойугар мелодистар саалалара аһыллыбыта. Ырыа айааччылар ырыалара киэҥ эйгэҕэ иһиллэр, научнай өттүнэн үөрэтиллэр, үйэтитиллэр, пуондаҕа хараллар дьылҕаламмыттара:
Аиза Решетникова, муусука уонна фольклор мусуойун дириэктэрэ (мелодистар саалалара аһыллыытыгар этиититтэн) :
— Муусука мусуойугар мелодистар саалалара хайдах суох буолуой?! Национальнай култуураны ылан көрдөххө, мелодистар айымньылара суох хайа да өттүттэн сатаммат. Кинилэр үгүстэрэ анал үөрэҕи барбатах дьон, ол да иһин айар ырыалара барыта ис сүрэхтэн, уйан туруктан төрөөн тахсаллар уонна бар дьон сүрэҕин ортотунан киирэллэр, билиниини ылаллар. Мелодистар айымньылара олох бары араҥатын хабар, киһи өйүн-санаатын байытар, дириҥэтэр, толкуйдатар, дууһаны уйадытар күүстээх. Кинилэр айар алыптара чуолаан лиирикэҕэ сытар уонна ону ханнык да түгэҥҥэ уларыппаттар, бу мэлдьи нарын иэйии, кыыс кэрэ айылҕалыы дьахтар уобраһа...
***
1995 с. мелодистарга “Дьүһүй” диэн саҥа ырыаны истэр, дьүүллүүр түмсүү тэриллибитэ. Манна бастакынан сүрэхтэнэн, Айыы Уола айар аартыгар киирбитэ уонна утуу-субуу эдэр айааччылар: Галина Мамонтова, Игорь Тараховскай, Николай Андросов, Семен Николаев, Николай Слепцов, Василий Петухов, Ефим Дегтярев, Николай Донской, Аскалон Павлов, Байбал Семенов, Егор, Гаврил Толбоновтар, Анатолий Егоров, Мария Бурнашова ырыалара-тойуктара алгыстаммыта, ааттара-суоллара иһиллибитэ.
2005 с. “Дьүһүй” иккис тыынын ылан, саха ырыатын сайдыытыгар үлэлиир ааптарыскай кулууп быһыытынан 16 сыл устата айымньылаахтык үлэлээн кэллэ. Бу кулууп иһинэн саха ырыатын сайдыытын концепцията оҥоһуллубута. Саха ырыатын үйэтитиигэ, кини төрүт тыынын харыстааһыҥҥа чинчийэн үлэлэһээччилэргэ, уһуйааччыларга, тарҕатааччыларга анаан кинигэлэр таҕыстылар.
“Дьүһүй” кулуубун бырайыагынан Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгэр “Сибэкки биһикки” духуобунас сквер тутуллубута 10 сылын туолла, Хаҥалас Улахан Ааныгар Айыы Уолугар “Ийэҕэ махтал” пааматынньыктаах сквер оҥоһуллубута, бу бырайыактар эмиэ саха ырыатын тула үлэлии турар, эдэр ыччакка кэрэни саҕар, айар түһүлгэ түөлбэтэ буоллулар.
2010 сылтан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэҕэ Ырыа күнүн олохтооһуҥҥа туруорсан, 2013 сылтан сыл аайы Ырыа күннэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ тэриллэн, ыытыллан кэллилэр. Сахабыт сирин ырыа куттаах бар дьоно Ырыа күнүн уонча сыл өйөстүлэр, санааларын туһаайан эттилэр, суруйдулар, 15 тыһыынча киһи ыҥырыы таһааран куоластарын биэрбитэ элбэҕи этэр...
Саха ырыатын туһугар үгүс үтүөнү саҕар, кэрэни кэрэһилиир, үйэлээҕи айар-тутар, бииргэ алтыһан ааспыт үтүө дьоммутун, Саха сирин мелодистарын ассоциацията тэриллибитэ 30 сылынан истиҥник эҕэрдэлиибит!
Айар аартыккыт алгыстаах, үрдүк үрдэллээх, киэҥ эйгэлээх буолуохтун!