Саха сирин кылаабынай бырааһа вакцинация туһунан
Суһал штаб бүгүҥҥү брифинигэр СӨ кылаабынай санитарнай бырааһа Маргарита Игнатьева муус устар ыйтан уустук эпидемиологическай балаһыанньа үөскээбитин бэлиэтээтэ.
«Эпидемия хаамыыта сааһыттан тутулуга суох, киһиэхэ бары сыһыаннаах. Ыарыы саамай үрдүк көрдөрүүтэ нэһилиэнньэ үлэлиир араҥатыгар көстөр уонна намтыыр сибикитэ суох. Ол иһин мин ыам ыйын 19 күнүгэр нэһилиэнньэ бүттүүнүн иммунизациялыыр туһунан уураах таһаарбытым», — диэтэ кылаабынай санитарнай быраас.
Онно тэрилтэ салайааччылара үлэһиттэригэр быһыы туруортаралларын курдук сүбэ биэрбитим. Профилактическай прививкалары оҥорорго национальнай халандаар баар. Онно олоҕуран, өрөспүүбүлүкэбит улахан дьонун 70% вакцина ылыахтаах.
«Ыам ыйын саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэбитигэр 120 тыһыынчаттан тахса киһи быһыы ылбыта. Бастакы уочарат Дьокуускай куорат уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэнньэтин 70% вакцинациялыахтаахпыт», — диэн Маргарита Игнатьева тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Кэнники 4 хонук иһигэр Дьокуускайга уонна Мэҥэ Хаҥаласка 18 тыһыынча кэриҥэ киһи быһыы ылбыт. Кылаабынай санитарнай быраас этэринэн, медицина, үөрэҕирии уонна социальнай эйгэ үлэһиттэрэ, ону сэргэ промышленность, энергетика, тутуу уонна ОДьКХ үлэһиттэрэ, быраабы араҥаччылыыр уорганнар сотрудниктара, 60 саастарын ааспыт уонна олохсуйбут ыарыылаах дьон коронавируһу утары быһыы ылаллара булгуччулаах.
«Биһиги бары вакцинация кууруһун көхтөөхтүк ааһыахтаахпыт. Кылгас кэм иһигэр нэһилиэнньэ иммунизациятын оҥордохпутуна, биһиэхэ уопсай иммунитет үөскүөҕэ», — диэн түмүктээтэ Маргарита Игнатьева.