05.10.2023 | 14:00

Саха сирин физкультурата уонна спорда үбүлүөйгэ бэлэмнэнэр

Саха сирин физкультурата уонна спорда үбүлүөйгэ бэлэмнэнэр
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Сахабыт сиригэр физкультурнай хамсааһын быйыл төрүттэммитэ үбүлүөйдээх 100 сылыгар аналлаах дьаһаллар өрөспүүбүлүкэ спорка министиэристибэтинэн, улуустарга, оройуоннарга да хото ыытыллаллар, күрэхтэһиилэр, тэрээһиннэр буолаллар. Спорт историятыгар тиһиллиэхтэрин сөптөөх чахчылары, биирдиилээн бастыҥ спортсменнар, тэрийээччилэр, салайааччылар, актыбыыстар ааттарын үйэтитии, саҥа үүнэр көлүөнэлэргэ билэ-көрө сылдьалларыгар хаалларыы – тустаах салаалар үлэһиттэрин ытык иэстэрэ.

Чаҕылхай идеяларынан салайтаран

Биһи күннээҕи олохпутугар, үлэбитигэр, хамсатыыны таһаарар этиилэрдээх, олоххо киллэриллэр чаҕылхай идеялардаах дьон бааллар. Кинилэр ортолоругар сааһын былаһын тухары өрөспүүбүлүкэ спорда сайдыытыгар олоҕун анаан, күн бүгүнүгэр диэри түбүгүрэ сылдьар, билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка музейын дириэктэрэ Михаил Егорович Друзьянов спорт эйгэтигэр үчүгэйдик  биллэр.

Чурапчы Арыылааҕыттан төрүттээх-уустаах, ааспыт үйэ 50-60-с сылларыгар кыайыыга дьүккүөрдээх физкультура учуутала, кэлин өрөспүүбүлүкэ күүстээх хайыһардьыта, бэлисипиэтчитэ, хайыһар үтүөлээх тренерэ Иван Николаевич Попов, тустууга ураты ньымалардаах үтүөлээх тренер Михаил Егорович Захаров, улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин иитиллээччилэрэ, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, Душанбетааҕы физкультурнай институту 1975 с. аан бастакынан бүтэрэн кэлбит Михаил Егорович Друзьяновы кэлээтин кытта, хоту үлэлии барар баҕалааҕын мөккүһүннэрбэккэ, “Спартак” спорт уопсастыбата оҕо спорт оскуолатын дириэктэринэн анаан, күн бүгүнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрийэр-салайар дуоһунастарга үлэлээн, үгүс көлүөнэни спорка көҕүлээтэ, күрэхтэһиннэрдэ. Олор истэригэр спорка үрдүкү маастарыстыба оскуолатын дириэктэрин солбуйааччынан, Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин иһинэн Госкомспорт спорка холбоһуктарын управлениетын начаалынньыгынан, бырабыыталыстыба аппараатын консультант-референинэн, спорт, ыччат уонна туризм миниистирин солбуйааччынан, үөрэх министиэристибэтин иһинэн өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна спорка холбоһуктарын генеральнай дириэктэринэн, спортивнай тутуулар генеральнай дириэктэрин солбуйааччынан, “Азия оҕолоро” Дирекция салайааччытын солбуйааччытынан, онтон, биэнсийэҕэ тахсан баран өрөспүүбүлүкэ спорка музейын дириэктэринэн – бииртэн биир тутаах салааҕа өрөспүүбүлүкэ спордун таһымыгар 47 сыл усталаах туоратыгар араас салайар дуоһунастарга таһаарыылаах уонна үрдүк эппиэтинэстээх үлэ судургута суох.

Ол сиэринэн билэрэ-көрөрө үгүс, коллекционер быһыытынан матырыйаала элбэх.

Былаас, систиэмэ  уларыйыытын, ыһыллыы-тоҕуллуу охсуутун эрдээхтик ааспыта.

Өрөспүүбүлүкэ маҥнайгы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаевы кытта утары олорон кэпсэтэн, сөптөөх өйү-санааны саҕан, кэккэ көрүүлэрэ олоххо киллэриллибиттэрэ. Олор истэригэр “Азия оҕолоро” спортивнай Оонньуулары бэлэмнэспитэ, тэрийсибитэ. Аныгы кэм уһулуччулаах суруналыыһа, комментатора Вячеслав Степановтыын “эн-мин” дэһэн өйдөһөн бииргэ үлэлээбиттэрэ. Тэрээһин мунньахтарга сылдьыбыттара, Оонньуулары ымпыгар-чымпыгар диэри тэрийсибиттэрэ, иннэлээх сап курдук бииргэ сылдьан ыытыспыттара. Ол кэмҥэ, төһө да үп-харчы суоҕун иһин, дьон хамнас да ылбакка олордохторуна, утарсыылар да баалларын үрдүнэн, 1996 с. бастакы “Азия оҕолоро” Оонньуулар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыылара ситиһиллибитэ, аан дойдуга киэҥ билиниини ылбыта. Оонньуулар аһыллыыларыгар 34 оройуонтан 15-20-лии оҕо кэлэн кыттыбыта. Күрэхтэһиилэр уон икки күн устата барыыларын былаһын тухары кэнсиэрдэр көрдөрүллэннэр, Оонньуулар оҕо аймах дьиҥнээх бырааһынньыгар кубулуйбуттара, норуоттар үйэлээх, чиҥ доҕордоһуулара түстэммитэ. Сахабыт сирин бары муннуктарыттан, тапталлаах Ийэ дойдубут киэҥ Арассыыйа, Азия дойдуларын оҕолоро Оонньуулар үөрүүлээх быһыыга-майгыга сабыллыыларыгар өссө истиҥник билсибиттэрэ.  Дьэрэкээнник таҥнан-симэнэн, үгүһү-элбэҕи билэн-көрөн, өйдүүн-санаалыын сайдан, ыраах хоту сир сиэдэрэйин көрдөрөр, билиһиннэрэр араас сувенирдары илиилэригэр тутан, харахтара уунан, дьолунан туолан тарҕаспыттара. Спорт миниистирэ В.П. Ноговицын бирикээһинэн балаҕан ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайга кэлэ сылдьыбыт “Азия оҕолоругар” кыттыбыт оҕолор кылаастарыгар, оскуолаларыгар көрсүһүүлэри, ахтыылары оҥорбуттара. Култуура уонна спорт бииргэ буолуулара, чахчы, өрөгөй көстүүтүнэн буолбута.

«Үбүлүөй бэлиэтэниэхтээх»

– диир Михаил Друзьянов уонна “өрөспүүбүлүкэҕэ спорт сайдыбыта 100 сылын үрдүк тэрээһиннээхтик ыытар туһунан үс сыллааҕыта бырабыыталыстыба уурааҕа тахсыбытын” санатар. “Былааннар ылыллыбыттар. Дойду үрдүнэн бүрүүкээбит уопсай балаһыанньа ыараханынан, үп-ас кэмчитинэн, улахан тыаһа, дарбаана суох, үбүлүөйгэ бэлэмнэниилэр сэмэйдик бара тураллар”, – диэн кэпсиир.

Этиллибитин курдук, үбүлүөйү ыытар уопсай былаан баар. Смета оҥоһуллан, үбэ-аһа бырабыыталыстыбанан бигэргэммит. 2023 сылга Сахабыт сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар үс улахан дьаһал бэлиэтэммит. Бастатан туран, үбүлүөйдээх дьаһал “Туймаада” ыһыаҕар тэрээһиннээхтик ыытыллыбыт. Элбэх сиртэн ыалдьыттар ыҥырыллыбыттар. Сүрүн ыалдьыттарынан  Арассыыйа Олимпийскай эрэл училищеларын дириэктэрдэрэ кэлэ сылдьыбыттара. Иккиһинэн, сайын атырдьах ыйын 13-гэр Физкультурник күнүгэр маассабай дьаһаллар буолан ааспыттарын бары билэбит. Куорат уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ көхтөөхтүк кыттыбыттара.  Хомсомуол болуоссатыгар киэҥ өрүттээх физкультурнай-спортивнай көрдөрүүлэрдээх дьаһалларга элбэх оҕо-ыччат кыттыыны ылбыта.

Алтынньы 26 күнүгэр, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын тэриллибит күнүгэр, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет уонна Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институттарын киэҥ ыҥырыылаах научнай-практическай конференция үбүлүөйгэ анаан үлэлиэҕэ. Онно бэлэмнэнии бара турар. Бу күннэргэ экспонаттарынан саҥардылла, байытылла турар спорт музейа үлэлиэҕэ.

“Итиэннэ үс-хас кинигэ тахсыахтаах. Биир кинигэни мин оҥоруохтаахпын, кинигэм “Лауреаты спортивного года” диэн этэ, ону билигин уларытан “Герои якутского спорта” диэн ааттыыр буоллубут”, – диир Михаил Друзьянов. Салгыы: “Иккис кинигэни суруналыыс Родион Юрьевич Кривогорницын оҥоро сылдьар. Спорт историятын барытын хабыахтаах. Урут 90 сылыгар В.П. Кочневтыын оҥорбутун эбэн, саҥалыы тыын киллэрэн оҥоруохтаах. Уопсастыбанньык, суруналыыс Владислав Петрович Коротов бэйэтэ урукку мунньубут спортсменнар тустарынан энциклопедия кинигэтин бүтэриэхтээх. 100-тэн тахса кинигэни спорка анаан таһаарда. Ити курдук, спорт туһунан кинигэ элбээтэ. Барытын мунньан иһэбин. Спорка сыһыаннаах барыта 236 кинигэ баар. Д.П. Коркиҥҥа үс кинигэ таҕыста. Ону таһынан, улуустарга, куораттарга кинигэлэр эмиэ тахсаллар. Олору көрдөөн ыламмын манна музейбар мунньа сатыыбын. Аҥаардас тустууга аналлаах сүүсчэкэ кинигэни дьон көрдүн диэн аҕалан туруорабын. Онон кинигэ таҕыста даҕаны, бу өрөспүүбүлүкэ спордун музейыгар аҕалан туттараргытыгар көрдөһөбүн. Уонна физкультура-спорт салайааччылара оройуоҥҥут спортивнай сайдыытын туһунан тахсар кинигэлэргитин хаартыскалаан, бэйэҕит хаартыскаларгытын эмиэ, биһиэхэ хайаан даҕаны ыытаҕыт. Былырыын сурук улуустарга баран турар. Ол түмүгүнэн баара-суоҕа 17 эрэ оройуон ахтыыны ыытта. Бу хаалбыт кэмнэргэ бары түргэн соҕустук Спорт министиэристибэтигэр ыытыа этигит”. 

 

Ити курдук, Сахабыт сиригэр физкультурнай хамсааһын төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах дьаһаллар көхтөөхтүк ыытыллаллар. Түмүк быһыытынан эттэххэ, 100 чулуу актыбыыс аатын билиэхпит. Ол категорияҕа спортсменнар, салайааччылар, тренердэр, учуонайдар, быраастар, суруналыыстар киириэхтэрэ. Спорт куттаах Сахабыт сиригэр спорка көлөһүннэрин тохпут, кылааттарын киллэрбит дьон элбэхтэр. Олорор сирдэринэн бэлиэтэниэхтээхтэр.

Бу сыл бүтүүтэ, ахсынньы ый 23-25 күннэригэр, Дьокуускай куоракка баар баараҕай “Триумф” спорт комплексыгар үс күннээх улахан дьаһал буолуоҕа. Онно бары улуустартан, оройуоннартан бастыҥтан бастыҥнар ыҥырыллан кэлэн кыттыахтара,  физкультура уонна спорт сайдыыларын көрдөрөр быыстапкалар туруоруллуохтара. “Баһылыктар, салайааччылар, спорт кэмитиэттэр бэрэссэдээтэллэрэ, управлениелар начаалынньыктара спортсменнарын түмэр дьаһаллары ыытарга кичэллээхтик бэлэмнэниэхтэрин наада”, – диэн баҕа санаатынан Михаил Егорович сэһэргэһиибитин түмүктүүр.

Үбүлүөйдээх дьаһалларга сертификаттар, үбүлүөй мэтээллэрэ, бэлиэлэрэ, махтал суруктар, наҕараадалар, сувенирдар туттарыллыахтара.

Бара турар дьаһалларга көхтөөхтүк кыттыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...