Саха сирин биллиилээх спорду сырдатар суруналыыһа Иннокентий Птицын алтынньы 23 күнүгэр 67 сааһыгар ыарахан ыарыыттан биһиги кэккэбититтэн туораата.
Иннокентий Иннокентьевич 1954 сыл бэс ыйын 21 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун 1-кы Мэлдьэхси нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Гражданскай ытык иэһин толорон Сэбиэскэй Армияҕа сулууспалаан, онтон тутууга биир сыл болуотунньуктаан баран, производсвтеннай гимнастика инструкторынан ананыаҕытан, олоҕун-үлэтин физкультура уонна спорт эйгэтигэр анаабыта. Өрөспүүбүлүкэ “Урожайыгар” инструктордаабыта, Эдьигээн оройуонун “Урожайын”, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар кадрдарын физическэй иитии үлэтин ситиһиилээхтик салайбыта, Горнай улууһун Атамай орто оскуолатыгар физкультура учууталынан, өрөспүүбүлүкэ оҕолорун ситиһиилэрин музейыгар үлэлээбитэ.
2003 сылтан өрөспүүбүлүкэ үөрэххэ Министиэристибэтигэр оҕо спордун сырдатыы пресс-сулууспатыгар тиһэх күннэригэр диэри үлэлээн кэллэ. 1999 сылтан спорка мунньуммут уопута, билиитэ-көрүүтэ, тэрийэр-көҕүлүүр үлэлэрэ, суруналыыс быһыытынан талаана-дьоҕура чаҕылхайдык арыллалларыгар улахан төһүүнэн буолбуттара. Дириҥ ис хоһоонноох, киэҥ ырытыылардаах суруйуулара, чэпчэки атлетика, сахалыы атах оонньууларын күрэхтэһиилэрин комментатор быһыытынан кэпсээн сырдатыылара улахан биһирэбилинэн туһаммыттара. Сэдэх справочниктар, кинигэлэр, буклеттар, брошюралар ааптардара. Спорт хатыламмат түгэннэрин хаартыскаҕа үйэтиппитэ.
Россия ФКС туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ ФКС сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэлээх, “Сахаада-спорт” лауреата, “Урожай” общество Бочуоттаах чилиэнэ, Иннокентий Иннокентьевич Птицын сырдык аата биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах, умнуллубат...