22.12.2022 | 17:00

Саха сирин байыастара саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри тутуохтара

Саха сириттэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар байыастарга эбии тэрили кытта саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри тиэрдиэхтэрэ диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саха сирин байыастара саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри тутуохтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Саха сирин баһылыга уонна суһал штаба Донецкайдааҕы территориальнай тирэх пуун иннигэр итинник соругу туруордулар. Бүгүн хас даҕаны эриэйсэнэн байыастарга саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри тиэрдэргэ бэлэмнэнэбит, ол иһигэр Айсен Сергеевичтан уонна Саха сирин  олохтоохторуттан кэлбит аккырыыккалары. Билигин табыгастаах маршруттары үөрэтэбит, тиэхиньикэни бэлэмниибит, байыастары кытта көрсөр сирбитин быһаарабыт», – диэн иһитиннэрдэ Донецкайдааҕы территориальнай тирэх пуун бэрэстэбиитэлэ.

Кини бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэттэн таһаҕас бу күннэргэ кэлиэхтээх.

«Уолаттар инники кирбиигэ бырааһынньыктааҕы баһыылкалары күүтэллэр, настырыанньалара бойобуой. Регион баһылыгыттан уонна биир дойдулаахтарыттан кэлбит бэлэхтэргэ үөрүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Донецкайдааҕы территориальнай тирэх пуун байыастарын иннигэр турбут сорук туолуоҕа», – диэтэ пуун бэрэстэбиитэлэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...