24.03.2021 | 09:44 | Просмотров: 647

Саха сирин бастыҥ педиатра Дьокуускайга үлэлиир

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат 3 №-дээх балыыһатын бырааһа Чэмэлиинэ Сокорутова “Бастыҥ оҕо бырааһа” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска “Бастыҥ учаастактааҕы педиатр” номинацияҕа кыайыылаах аатын ылла. Бу туһунан кини үлэлиир кэлэктиибэ киэн тутта кэпсээтэ.

Чэмэлиинэ Петровна  3 №-дээх балыыһаҕа 2010 сыллаахтан үлэлиир. “Кинини эппиэтинэстээх, идэтин баһылаабыт специалист быһыытынан сыаналыыбыт. Биһиэхэ, кырачааннарга уонна төрөппүттэргэ истиҥ сыһыанын бэлиэтиибит”, – дииллэр кэллиэгэлэрэ. Эдэр быраас балыыһа уопсастыбаннай олоҕор олус көхтөөх диэн бэлиэтээтилэр.

“Чэмэлиинэ Петровнаҕа былырыын “СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна” үрдүк аат иҥэриллибитэ. Бу саҥа ылбыт үрдүк наҕараадата кини идэтигэр бэриниилээҕин өссө төгүл бигэргэттэ”, – диэн Дьокуускай куорат 3  №-дээх балыыһатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.             

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.