24.11.2022 | 11:00

Саха сирин бастыҥ IT-бырайыактара

Саха сиригэр айыллан тахсар IT-бырайыактар таһымнара, кыахтара аан дойду бары муннугар биллэллэр. Аныгы үйэ дьонун өйө-санаата, идеята, талаана күн-түүн сөхтөрөрө элбээн иһэр. Төһө даҕаны тымныы сиргэ олорбуппут иһин, сайдыы аартыга Саха сириттэн саҕыллан тахсар.
Саха сирин бастыҥ IT-бырайыактара
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит Уһук Илиҥҥэ үрдүкү технологиялары айааччы быһыытынан биһирэнэр уонна, быһаччы эттэххэ, Арассыыйа тарбахха баттанар биир сүрүн цифровой региона. Дэлэҕэ да, Уһук Илин IT-тыттан 85 %-на Саха сиригэр баар буолуо дуо?
Сүүһүнэн ахсааннаах айтишниктарбытын омук дойдуларын инвестордара  ымсыырар гына кыахтаахтык айа-тута олоробут. Бу сырыыга тас дойдуларга кытта киэҥник биллибит “Якутия” IT-паарка резиденнэрин кэрэхсэбиллээх үлэлэрин билиһиннэрэбит. 

«Под присмотром» төрөппүттэри абырыыр

Билиҥҥи балысхан сайдыылаах үйэҕэ оҕо көрүүтэ – туспа кыһалҕа. Эн төһө даҕаны кыайыылаах-хотуулаах, ситиһиилээх буол, кырачааҥҥын көрөр-истэр көмөлөһөөччүгэ син биир наадыйаҕын. Куруук кими эрэ көрдөһө-ааттаһа, бириэмэ манаһа сылдьыахтааҕар анал сыһыарыы көмөтүнэн оҕо көрөөччүнү булар туох куһаҕаннааҕый?

Дьокуускай куоракка эдэр ыаллар кылгас кэмҥэ оҕолору көрөр «Под присмотром» диэн ааттаах сыһыарыыны оҥорбуттар. Мантан быстах кэмҥэ оҕону көрөр-истэр ньээҥкэни булуохха сөп. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу  өҥөнөн уопсайа 300-тэн тахса төрөппүт уонна 100-тэн тахса оҕо көрөөччү туһаммыт.

Бэлиэтээн эттэххэ, оҕо көрөөччү туох баар тустаах докумуоннары туттарар, тургутуулары ааһар. Сыһыарыыга билигин  үөрэхтээх, уопуттаах иитээччилэр, учууталлар, медицинскэй үлэһиттэр, ону тэҥэ устудьуоннар үлэлииллэр. Үлэ орто чааһа 300 солк. сыаналанар. Үс ыйдарыттан тоҕус саастарыгар диэри оҕолору көрүөхтэрин сөп.

Хас биирдии ньээҥкэ смартфонугар камера холбонор эбит, инньэ гынан, төрөппүт оҕото тугу гына сылдьарын илэ хараҕынан кэтээн олорор, сибээстэһэр, кэпсэтэр кыахтаах. Онон төрөппүт уонна оҕо көрөөччү икки ардыгар ураты сыһыан үөскүүр.

Аны хас биирдии төрөппүт бэйэтин рейтинин эмиэ сыаналыыр, итэҕэстэри сонно тута сыһыарыы көмөтүнэн туоратар кыах баар.

«Stone miner» оонньуу аан дойдуга таҕыста

Саха сиригэр таҥыллан оҥоһуллубут оонньуу билигин аан дойдуга тиийэ билиннэ. «Stone miner» мобильнай оонньууну 40 мөл. тахса киһи хачайдаабыт. Хаамыыта олус судургу: оонньооччу (Шахтер) анал тиэхиньикэ көмөтүнэн тааһы хостуур уонна тиэйэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, бу оонньуу платформаларга саамай хачайданар оонньуулар ортолоругар үһүс миэстэни ылар.

Кэрэ буолуу өҥөлөрө –  биир ситимҥэ

Саха сирин IT-пааркатын резиденнэрэ «Т-ФИРСТ» хампаанньа кэрэ аҥаардарга, маастардарга, фрилансердарга (бэйэлэригэр үлэлиир предпринимателлэр)  уонна кинилэр килийиэннэригэр туһаайан “iMAKE» диэн сыһыарыыны оҥорбуттар.

Сыһыарыы кэрэ буолуу 15 араас хайысхатыгар суолу арыйар, туһанааччы бүддьүөтүттэн көрөн табыгастаах салоннары көрдүүр. Сарсыарда да, киэһэ хойут да өҥөнү буларга олус судургу.

Абыраллаах сыһыарыы туһанааччы бириэмэтин кэмчилиир, уһун күнү бараабакка, аҕыйах мүнүүтэ иһигэр талбыт салоҥҥар суруйтарыахха сөп.

“iMAKE» сыһыарыы Саха сиригэр таҥыллыбыт буолан, уопсайа 60-ча салон дааннайдарын түмпүт.

Бырайыак хамаандата кэнэҕэскитин Арассыыйа куораттарыгар киэҥ далааһыннанар былааннаах. Билигин Москваҕа уонна Санкт-Петербурга сыһыарыыны сайыннарыы стратегията, ырытан оҥоруута бара турар.

Айан таһаарааччылар кэрэ буолуу салоннар хаһаайыннарын уонна фрилансердары бииргэ үлэлэһэргэ ыҥыраллар.

«AyanEat» — эрэллээх доҕор

“Айтим” тэрилтэ уһун айаҥҥа сылдьар суоппардарга уонна пассажирдарга анаан “AyanEat” диэн сыһыарыы оҥорбут. Ол көмөтүнэн аһыыр, хонор сири, гостиницаны, чааһынай дьиэни булуохха сөп. Ону тэҥэ суоппардар ханна сылдьалларын каартаҕа уонна атын суоппардар ханан айаннаан иһэллэрин эмиэ кэтээн көрүөхтэрин сөп. Өссө биир туһата диэн чугастааҕы шиномонтаһы, автосервиһи эмиэ ыйан көрдөрөр.

Өскөтүн айан кэмигэр суолга саахал тахсар эбэтэр массыына туох эмит буолар түгэнигэр, тута тустаах салааларга тыллыахха, иһитиннэриэххэ сөп.

Уһун айаҥҥа сылдьар суоппардарга бэрт абыраллаах сыһыарыыны оҥорбуттар диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.

Кыһалҕаны «Oneclick» көмөтүнэн быһаарыахха сөп

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «Oneclick» сыһыарыы үлэлиэҕиттэн уопсайа 15 тыһыынча кэриҥэ араас кыһалҕа быһаарыллыбыт. Манна хас биирдии киһи нэһилиэнньэлээх пууннарга, ону сэргэ олох-дьаһах хомунаалынай эйгэтигэр олоҕу тупсарыыга идеяларын киллэриэн сөп. Холобур, ааспыт сылга Дьокуускай куорат олохтооҕо уу счетчигын сыыһа ааҕан биэрбиттэригэр, «Oneclick» портал көмөтүнэн 11 тыһыынча солкуобайы төнүннэрбит.

Платформа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сайаапкалары ылар. Киирбит суруктар, этиилэр бары суукка устата үлэҕэ ылыллаллар уонна былаас эппиэттээх уорганнарыгар салгыы ыытыллаллар.

«Oneclick»  –  дьон олоҕор элбэх быһаарыллыбат кыһалҕаны быһаарар кыахтаах аныгы цифровой бородуукта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...