24.06.2021 | 11:00

Саха сирин бүттүүнүгэр ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ киллэрилиннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин бүттүүнүгэр ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ киллэрилиннэ. Ойууру авиациянан харабыллыыр сулууспа зондировщик-сөмөлүөттэр көмөлөрүнэн ардаҕы түһэрэргэ бэлэм.
Бэс ыйын 23 күнүгэр Саха сирин баһылыга Айсен Николаев региоҥҥа ойуур баһаардарыынан сибээстээн ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин киллэрэр туһунан ыйаахха илии баттаата. Ол туһунан социальнай ситим быһа эфиригэр Госкомобеспечение бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ.  
«Бүгүн өрөспүүбүлүкэ баһылыга региоҥҥа ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ киллэрэр туһунан ыйаахха илии баттаата. Итинэн сибээстээн өрөспүүбүлүкэ салайар уорганнарыгар эмиэ быһыы-майгы эрэсиимэ киирдэ», - диэтэ Дмитрий Лепчиков.


Кини бүгүҥҥү күҥҥэ ураты болҕомто бүлүү бөлөх улуустарыгар уурулларын эттэ. 
«Ньурба улууһун территориятыгар 11 679 га уопсай иэннээх сиргэ түөрт ойуур баһаара баар, онтон биирэ бохсулунна. Баһаары умуруорууга федеральнай резервэттэн уонна олохтоох нэһилиэнньэттэн 160 тахса киһи, 26 тиэхиньикэ үлэлээтэ», - диэн кэпсээтэ Госкомобеспечение бэрэссэдээтэлэ. 
Итини сэргэ Дмитрий Лепчиков Арассыыйаҕа билиҥҥи кэмҥэ ардаҕы түһэрэр араас технология баарын, ойуур хаһаайыстыбатын анал федеральнай агентствота үлэлиирин, онон зондировщик-сөмөлүөт көмөтүнэн туһаныахха сөп диэн эттэ. Ити сөмөлүөт былыттарга анал састаабы ыстардаҕына ардах түһэр эбит.  
«Ойууру авиациянан харабыллыыр сулууспа уонна айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ ити боппуруоһу хонтуруолга ылан сылдьаллар, ити салгын суудуната Иркутскай уобаласка баазалаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ ойуур баһаардарын үрдүнэн ардах былыта суох, былыт кэллэ да көмөҕө кэлэргэ бэлэмнэр», - диэн бэлиэтээтэ кини.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

«Кэлиэм, эргиллиэм буоллаҕа дии» ...
Дьон | 12.04.2025 | 10:00
«Кэлиэм, эргиллиэм буоллаҕа дии» ...
Ийэ барахсан... Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан төһөлөөх ийэ утуйар уута көппүтэ, аймаммыта, хараҕын уутунан сууммута буолуой? Уол оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн баран эдэр сааһыгар илиитин соттуута ийэҕэ, аҕаҕа, чугас дьонугар олус абалаах, кыһыылаах. Бүгүн кэпсэтэр ийэм Евдокия Андреевна Баишева оҕотун, сүрэҕин чопчутун туһунан кэпсиири олус ыарырҕаттар да, сөбүлэҥин биэрбитигэр улаханнык...
Оҕурсу ыам ыйын  5 күнүттэн ыһыллар
Дьон | 11.04.2025 | 16:00
Оҕурсу ыам ыйын 5 күнүттэн ыһыллар
Билигин ханна да тиий, хаһаайкалар биир сүрүн түбүктэрэ – оҕуруот аһын олордуута. Социальнай ситимнэргэ анал бөлөхтөргө мустан, кэпсэтии эрэ барыта арассаада, сибэкки тула. Оттон олох сатабыллаахтар түннүккэ олордубут оҕурсуларын амсайан эрэллэр, клубникалара хайыы-үйэ сибэккилээн ыраатта.  Бүгүн биһиэхэ Мэҥэ Хаҥалас Ороссолуода сэлиэнньэтин олохтооҕо, анал идэлээх оҕуруотчут Тамара Михайловна Степанова ыалдьыттыыр.   –...
Хабырылла Хаабыһап албаһа
Сынньалаңңа | 17.04.2025 | 10:00
Хабырылла Хаабыһап албаһа
Хабырылла Хаабыһап бу манна, айан суолун айаҕар, төрүт уус өбүгэлэрин сиригэр, Харыйа үрэҕин үрдүгэр олохсуйан олорор. Аҕата кини сүүрбэлээҕэр сэбиргэхтэтэн бу сиртэн барбыта, ийэтэ эмээхсин суох буолбута уонча сыл буолла. Бииргэ төрөөбүттэрэ бэһиэлэр, киниттэн ураты бары кыргыттар. Онон кинилэр кэргэн тахса-тахса эрдэрин дойдуларыгар баран, инньэ Сунтаарынан, Бүлүүчээнинэн, олохсуйбуттара. Бастаан утаа...
Айыына: «Бэйэбитин ситэрсэн-хоторсон биэрэбит»
Дьон | 10.04.2025 | 10:00
Айыына: «Бэйэбитин ситэрсэн-хоторсон биэрэбит»
Бүгүҥҥү дьоруойум – «Алаҕаркаан» дьабака ааптара, этэргэ дылы, ааттыын амарах, санаалыын сайаҕас талааннаах дизайнер, үс оҕо күн күбэй ийэтэ, эрэллээх кэргэн, көхтөөх дьүөгэ, СВО кэмигэр саха волонтёрдарын хамсааһынын саҕаласпыт саппаас рядовойа Айыына Иевлева-Храмова.   Айыына оҕо сылдьан аҕата Виссарион Дмитриевич төрөөбүт-үөскээбит сиригэр – олоҥхо дойдута Сунтаарга олорбут. Ийэтэ Марианна Алексеевна  –...