18.10.2022 | 14:00

Саха сирин артыыстара байыаннай чаастарга барыахтара

Саха сирин артыыстарын бастакы айар бөлөҕө байыаннай чаастарга быстах хомуурга ыҥырыллыбыттарга барыаҕа диэн регионнааҕы Култуура министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Саха сирин артыыстара байыаннай чаастарга барыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Тоҕус киһилээх артыыстар бастакы айар бөлөхтөрө алтынньы 19 күнүгэр Приморьеҕа көтүөҕэ.  Делегацияны өрөспүүбүлүкэтээҕи Театр үлэһиттэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Саха театр артыыһа Айаал Аммосов салайар. Бөлөх састаабыгар Саха театр, Эстрада, Үҥкүү, Олоҥхо театрдарын артыыстара, Саха сирин филармониятын солистара киирдилэр», - диэн кэпсээтэ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин.

Саха сирин Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ икки айар бөлөҕү тэрийдэ, онно, үөһэ этиллибит кэлэктииптэри сэргэ, «БалАнс» ансаамбыл уонна Филармония саксофонистарын бөлөҕө бааллар. Айар бөлөхтөр байыаннай чаастарга, итиэннэ Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэргэ барарга бэлэмнэр.

Манна даҕатан эттэххэ, «Симэх» норуот айымньытын киинэ быстах хомуурга ыҥырыллыбыттарга анаан тигиллибит аптечкалары уонна сахалыы харысхаллары артыыстарынан ыытыаҕа. Айар бөлөх сырыытын уһуна – алтынньы 19-24 күннэрэ. Артыыстар Еврейскэй автономнай уобаласка, Приморскай кыраайга, Владивостокка сылдьыахтара.

Култуура тэрилтэлэрэ быстах хомуурга ыҥырыллыбыттары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр үлэтин салгыыр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...
Ый түбүктэрэ
Тускар туһан | 25.04.2024 | 14:20
Ый түбүктэрэ
«Киин куорат» хаһыаппыт «Тускар туһан» рубрикатын оҕуруокка аналлаах таһаарыытыгар Саха сиригэр биллэр оҕуруотчут Ньурбаттан Агафья Тарасова эксперт быһыытынан үлэлэһэр. Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр Агафья Афанасьевна муус устар бүтэһик дэкээдэтин түбүктэрин уонна үүннэрии кистэлэҥнэрин үллэстэр.   Тыква Тыкваны эмиэ бу күннэргэ ыһыллар. Арассааданан олордорго сиэмэтин кутуругун сэрэнэн кыра кыптыыйынан кырыйан көмөлөһөн биэрэбин уонна муохха...