Саха сирин 4 өрүһүгэр ураты бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ биллэрилиннэ
Өлүөнэ өрүскэ муус күүскэ барыыта Иркутскай уобаласка бэлиэтэнэр. Саха сирин кыраныыссатыгар чугаһыыра 407 км хаалбыт. Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа билгэлээһининэн, Саха сиригэр муус ыам ыйын 12-13 күннэригэр чугаһыаҕа. Ленскэй уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар уу таһыма сууккаҕа 20-240 см эбиллэр. Билиҥҥи туругунан уу таһыма нуорма иһинэн.
Өлүөнэ өрүс хаҥас тардыытыгар Нүүйэ өрүскэ муус хамсааһына сэдэх, уу таһыма 345 см, нуорма иһинэн.
Өлүөхүмэ өрүскэ муус хойуутук устар, алын уонна үөһээ кытыылара Куду Күөл нэһилиэнньэлээх пууҥҥа бэлиэтэнэр. 100 км усталаах хамсааһын сууккаҕа 100 км сыҕарыйбыт.
Алдан өрүскэ уонна кини тардыыларыгар уу таһыма эбиллэн иһэр, ол курдук сууккаҕа 10-80 см үрдээбит. Уҥа тардыытыгар муус бара турар.
Амма өрүс мууһа Алдан уонна Амма оройуоннарыгар күүскэ хамсыыр. Устар муус уһуна 423 км. Аны 1-2 суукканан муус Амма, Чурапчы оройуоннарынан ааһыаҕа. Аллараа тардыытыгар, Таатта улууһун Төрүт гидропуоһугар 2-3 суукканан муус хамсыыра күүтүллэр.
Бүлүү өрүскэ уу эбиллэ турар, таһыма сууккаҕа 10-65 см үрдээбит. Сунтаар учаастагар Бүлүү өрүс мууһа ыам ыйын 12-17 күннэригэр хамсыыра сабаҕаланар.
Дьааҥы, Индигиир уонна Халыма өрүстэргэ уу таһыма сууккаҕа 3-13 см эбиллибит.
«Халаан уутун кэмэ саҕаламмытынан сибээстээн РСЧС Саха сиригэр Ленскэйдээҕи, Амматааҕы, Өлүөхүмэтээҕи уонна Алданнааҕы салаалара ураты бэлэмнээх буолуу эрэсиимигэр киирэн үлэлииллэр. Муус харарыгар бэлэмнэнэн 30 туонна дэлби тэбэр эттиктэр саппаастара хараллан сытар. Ону ыытар 2 хамаанда үлэлииргэ бэлэм», – диир СӨ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Кылаабынай управлениетын начаалынньыга Павел Гарин.