Саха сирин 28 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо саҥа дьиэлэннэ

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн, 2019 сыллаахтан хаарбах туруктаах дьиэттэн өрөспүүбүлүкэ 28,6 олохтооҕо көһөрүлүннэ диэн РФ Территорияларын сайыннарар пуонда пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«СӨ Олорор дьиэни тутуу дирекцията» СХТ информациятынан, быйыл 31 оройуоҥҥа 126 элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киириэхтээх, итиннэ алта тыһыынчаттан тахса киһи көһөрүллүөхтээх. Бүгүҥҥү күҥҥэ 19 саҥа дьиэ тутулунна, сорох эбийиэктэр тутулла тураллар. Олохтоохтор кыбартыыраларын бэлэм оҥоһуулаах ылыахтара уонна тупсарыллыбыт тиэргэннээх буолуохтара.
Ол курдук, Дьокуускайга быйыл ахсынньы ыйга 8 элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирэрэ былааннанар, итиннэ 330 киһи көһөрүллүөҕэ.
Иһитиннэриигэ бэлиэтэммитинэн, Арассыыйа үрдүнэн Саха сиригэр саамай элбэх хаарбах туруктаах дьиэ баар – 1,2 мөлүйүөн квадратнай миэтэрэ кэриҥэ. «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак көмөтүнэн 61 265 киһи олорор усулуобуйаларын тупсарыахтара.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар


