02.07.2021 | 10:00

Саха сиригэр вакцинация тэтимэ бытаарбыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев «Саха» НКИХ уонна «Якутия 24» телевизионнай ханаалларыгар ааспыт бэс ыйын түмүктэрин таһаарда. Кини вакцинация хаамыытын, ойуур баһаардарын уонна Казань куоракка сырыытын туһунан кэпсээтэ. 
Ил Дархан коронавируһу утары вакцинация тэтимэ өрөспүүбүлүкэ кэккэ оройуоннарыгар бытаарбытын туһунан эттэ. Кини этэринэн, ыам ыйынааҕы маассабай вакцинация туһунан быһаарыныы, төһө да нэһилиэнньэ өттүттэн кириитикэ баарын иһин, саамай сөптөөх буолар. «Мин Роспотребнадзор өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин маассабайдык, сорох араҥатын булгуччулаахтык вакцинациялыыр туһунан этиитин өйөөбүтүм. Элбэх мөккүөр баара, ол эрэн билигин атын субъектар, ол иһигэр Москва уонна Санкт-Петербург эмиэ ити суолунан барбыттарын көрөбүт», - диэтэ Айсен Николаев. 
Бэс ыйын 27 күнүгэр коронавируһунан ыалдьыбыттар ахсааннара аҕыйаабыт соҕотох субъегынан Саха сирэ буолбута. «Атын субъектарга барыларыгар үрдээһин баран иһэр. Специалистар этэллэринэн, Саха сиригэр ыарыы намтаабыта вакцинация оҥоһулларыттан уонна хааччахтыыр миэрэлэр киирбиттэриттэн тутулуктаах. Атын регионнар хааччахтыыр миэрэлэри устубуттар. Биһиги ыарыы тарҕанарын тохтоттубут, онон намтаан иһэр», - диэн бэлиэтээтэ баһылык. 
Итини сэргэ, Айсен Николаев нэһилиэнньэни вакцинациялааһын оройуоннарынан араастык ыытылларын эттэ. «Сорох оройуоннарга нэһилиэнньэ көхтөөхтүк быһыыны ылар, сорохторго вакцинацияны утара сылдьаллар, ол иһин тэтимэ түстэ. Итиннэ үксүн олохтоох былаастартан тутулуктаах, төһө вакцинация наадатын өйдөтөллөрүттэн», - диэтэ кини.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...