23.03.2022 | 16:00

Саха сиригэр түөрт сылгы собуота баар буолуоҕа

Саха сиригэр түөрт сылгы собуота баар буолуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ньурба улууһугар ыытыллыбыт сылгы иитиитин сайыннарыыга анаммыт мунньахха түөрт хандьыдаакка «саха боруодатын үөскэтэр сылгы собуота» статус иҥэриллэр буолла. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов иһитиннэрдэ. 
«Саха боруодатын үөскэтэр сылгы собуота» статус иҥэриллэр хаһаайыстыбалара – «Хорообут» ХЭТ (Мэҥэ Хаҥалас улууһа), «Победа» ХЭТ (Таатта улууһа), Иван Яковлевич Строд аатынан СХПК (Амма улууһа) уонна «Арыылах» ПК (Үөһээ Дьааҥы оройуона).
Ити этиллибит сылгы собуоттарыгар статустара муус устар ыйга өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын Министиэристибэтин иһинэн ыытыллар экспертнэй сүбэ мунньахха иҥэриллэрэ былааннанар. Инники өттүгэр кинилэргэ племенной үлэҕэ судаарыстыбаннай өйөбүл эбии миэрэлэрэ көрүллүөхтээхтэр.
«Өрөспүүбүлүкэ салалтата үөр сылгыны иитиигэ улахан болҕомтону уурар. 2017-2019 сылларга регион сылгы иитээччилэригэр 250 баазаны туттарга хас биирдии эбийиэккэ биирдии мөлүйүөн солкуобайдаах субсидия көрүллүбүтэ. Былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ сылгы иитиитэ сайдарыгар 427 мөлүйүөн солкуобайтан тахса судаарыстыбаннай өйөбүл оҥоһуллубута», - диэн бэлиэтиир Ил Дархан Айсен Николаев. 
Ил Дархан «Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан» Ыйааҕар сылгы собуоттарын ахсаанын 4-тэн 8-ка диэри элбэтэр соругу туруорбута. Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ территориятыгар 4 сылгы собуота үлэлиир, кинилэргэ 4 саҥа статуһу ылааччы эбилиннэ. 
Регион үрдүнэн сылгы иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга 1631 сылгыһыт үлэлиир. Хаһаайыстыбалар бары категорияларыгар 182 тыһыынча кэриҥэ сылгы баар. Сылгы ахсаанынан Саха сирэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка эрэ буолбакка, РФ атын субъектарын ортотугар эмиэ бастакы миэстэҕэ сылдьар. 
Үөр сылгыны иитии хаһаайыстыбаларыгар аадырыстаах көмөнөн саҥа саҕалыыр уонна дьиэ кэргэнинэн үлэлиир фермердэргэ гыраанынан өйөбүл буолар. 2012-2021 сылларга 1 тыһыынчаттан тахса гыраан бэриллибит, итинтэн 273-һэ – сылгы иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалары тэрийиигэ уонна сайыннарыыга. Саха сирин фермердара 548 мөлүйүөн солкуобайдаах граннары ылбыттар.
Ил Дархан «Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан» Ыйааҕар 200 типовой сылгы баазатын тутуу соруга киирэн сылдьар. 2021 сылга 10 баазаны тутууга 3-түү мөлүйүөн солкуобайдаах субсидия көрүллүбүт. Быйыл өссө 18 бааза тутуллара былааннанар, хаһаайыстыбаларга ити сыалга эмиэ 3-түү мөлүйүөн солкуобайдаах субсидия бэриллибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...