Саха сиригэр суукка иһигэр коронавирус дьаҥынан ыалдьыы 105 түбэлтэтэ билиннэ
От ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус дьаҥынан ыалдьыы 105 түбэлтэтэ регистрацияланна. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб иһитиннэрдэ. Ити иннинээҕи күн ыалдьыбыт ахсаана 103 этэ.
Саамай элбэх ыалдьыбыт киһи Дьокуускайга – 56 киһи (ол иннинээҕи күн 54). Ыалдьыбыт дьон ахсаана өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 42 771 тиийдэ.
От ыйын 15 күнүнээҕи туругунан коронавирус дьаҥынан ыалдьыы уопсай хартыыната маннык буолла:
- Дьокуускай куорат – 56,
- Алдан оройуона – 7,
- Мирнэй, Нерюнгри оройуоннара – 5-тии,
- Бүлүү, Эдьигээн, Чурапчы оройуоннара – 4-түү,
- Горнай, Ньурба, Хаҥалас оройуоннара – 3-түү,
- Ленскэй, Мэҥэ-Хаҥалас, Аллараа Халыма, Уус-Алдан оройуоннара – 2-лии,
- Үөһээ Дьааҥы, Нам, Сунтаар оройуоннарыгар биирдии түбэлтэ.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ 2 823 чинчийии оҥоһуллубут.
Суһал штаб дааннайдарынан, Саха сиригэр уопсайа 816 киһи өлбүт, 38 973 киһи үтүөрбүт.
Вакцинация бастакы түһүмэҕин – 245 744, ол иһигэр 50 474 60 саастарын ааспыт киһи ылбыт. Иккис түһүмэҕи – 188 567, ол иһигэр 42 228 60 саастарыттан үөһээ киһи ааспыт.
Өрөспүүбүлүкэҕэ кэлбит вакцина 90,2% туттуллубут.