04.08.2021 | 20:05

Саха сиригэр суукка иһигэр коронавируһунан ыалдьыы 144 түбэлтэтэ таҕыста

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэҕэ санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы уустугунан сыаналанар. Саха сирин территориятыгар коронавируһунан ыалдьыы 144 түбэлтэтэ таҕыста. Дьокуускай куоракка – 80 түбэлтэ. Вице-премьер Ольга Балабкина эппитинэн, ордук уустук балаһыанньа Сунтаар улууһугар үөскээбит, онно 15 киһи эбии ыалдьыбыт. 
«Бэҕэһээ суһал штаб мунньаҕар эбии хаачаахтааыһн миэрэлэрин ылынныбыт», — диэтэ Ольга Балабкина.
13 түбэлтэ Нерюнгри оройуонугар регистрацияламмыт. Оройуон суһал штаба уоппускаттан кэлбит дьону кытта үлэни күүскэ ыытар. Өрөспүүбүлүкэ суһал штаба уустук быһыы-майгы Мирнэй оройуонугар эмиэ үөскээбитин бэлиэтиир, итиннэ 7 киһи ыалдьыбыта биллибит.  Итинэн сибээстээн, суһал штабтар мунньахтарыгар Ил Дархан салалтатынан кэккэ санитарнай-эпидемиологическай миэрэлэр ылыныллыбыттар. Айхал уонна Удачнай суһал штабтарын иннигэр ИДЬМ сотрудниктарын кытта түүҥҥү кулууптар, дискотекалар үлэлэрин уонна гражданнар ирдэнэр нуормалары уонна быраабылалары тутуһалларын хонтуруоллуур сорук турда. Эбиитин итиннэ хойуу буруо турара этиллэр. 
«Мирнэй оройуонун олохтоохторугар туһаайан налыччы буола сатааҥ диибин. Наада буоллаҕына колл-кииҥҥэ уонна оройуоннааҕы Киин балыыһаҕа собуоннааҥ. Итинник буруо кэмигэр медицинскэй үлэһиттэр мааска кэтэри уонна таһырдьа аҕыйахта тахсары сүбэлииллэр», — диир өрөспүүбүлүкэ вице-премьера.
Суһал штаб информациятынан, өрөспүүбүлүкэҕэ кэлбит вакцина барыта Мирнэй оройуонугар ыытыллар. 
Коронавируһунан ыалдьыы 6 түбэлтэтэ Уус-Алдан улууһугар регистрацияланна. Алдан уонна Ленскэй оройуоннарыгар – 5-тии, Аллайыаха оройуонугар – 4, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа – 3, Чурапчы улууһа – 2, Үөһээ Халыма, Бүлүү, Нам, Хаҥалас – биирдии түбэлтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...