27.05.2022 | 13:00

Саха сиригэр социальнай хантыраагы 5 тыһыынчаттан тахса дьиэ кэргэн ылыаҕа

Саха сиригэр социальнай хантыраагы 5 тыһыынчаттан тахса дьиэ кэргэн ылыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай хантыраагы 5 тыһыынчаттан тахса кыһалҕалаах, кыаммат дьиэ кэргэттэр ылыахтара диэн иһитиннэрдэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сириэстибэни бэйэ дьыалатын арыйыыга, үлэ көрдөнөргө, кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэргэ туттуохха сөп. Ити информацияны  Андрей Тарасенко бэрэссэдээтэллээх улуус баһылыктарын мунньаҕар үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрдэ. 
«Социальнай хантыраакка олоҕурбут судаарыстыбаннай социальнай көмө олох уустук балаһыанньатыгар сылдьар дьиэ кэргэттэр дьарыктаах буолууларыгар, дьиэ кэргэн дохуота үрдүүрүгэр туһуланар. Сүрүн сыала – кыаммат ыаллары социальнай харалта уорганнарын, дьарыктаах буолуу киинин,  предпринимательство, тыа хаһаайыстыбатын эйгэлэрин көмөлөрүнэн, көхтөөх хамсааһыҥҥа көҕүлээн, ыарахан балаһыанньаттан таһаарыы», – диэн бэлиэтээтэ миниистир. 
Социальнай хантыраак чэрчитинэн профессиональнай үөрэҕи эбэтэр хос атын хайысханан үөрэнээһини төлүөххэ сөп, үлэ көрдөнөр бастакы үс ыйга көмө оҥоһуллар. Ол курдук, 2021 сылга 188 киһи үлэҕэ киирдэ, 100 киһи профессиональнай үөрэхтээһини ааста. 
Быйылгыттан көмө саҥа хайысхата баар буолла – 2022 сыл кулун тутар 1 күнүттэн саҕалаан үлэлэрин сүтэрбит гражданнары өйүүр анал бырагыраама. 
Итини иннинэ Ил Дархан Айсен Николаев социальнай хантыраакка олоҕурбут судаарыстыбаннай социальнай көмө кээмэйин улаатыннарарга сорудахтаабыта. Билигин предпринимательствонан дьарыктаныан баҕалаах дьоҥҥо 300 тыһыынча солкуобай, оттон кэтэх хаһаайыстыбаҕа – 250 тыһыынча солкуобай көрүллэр.
Санатар буоллахха, социальнай хантыраак Саха сиригэр олохтоммут муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тиийбэт дохуоттаах дьиэ кэргэҥҥэ эбэтэр соҕотох олорор киһиэхэ бэриллэр. 
2021 сылга регион олохтоохторо  5 044 социальнай хантыраагы түһэрсибиттэр, итинтэн 381 – үлэ көрдөнүүгэ, 1 419 – кэтэх хаһаайыстыбанан уонна предпринимательскай үлэнэн дьарыгырыыга, 3 244 – уустук балаһыанньаттан тахсыыга туһуламмыт араас тэрээһиннэргэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....