Саха сиригэр сибиир солко өрөөччүтүн суох оҥорор үлэ түмүктэннэ
Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Хаҥалас, Нам уонна Дьокуускай территорияларыгар ойуур хаһаайыстыбалара сибиир солко өрөөччүтүн утары эмтээһини түмүктээбиттэр.
Буортулааччыны уодьуганныыр тэрээһиннэр авиация көмөтүнэн химическэй ньыманан ыытыллыбыттар. «Буортулааччыны кытта охсуһууга 7 сөмөлүөтүнэн көтө сылдьан кыра-кыра ыстарылынна», - диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Сибиир солко өрөөччүтэ буулаабыт учаастактарыгар «Клонрин КЭ» диэн араас буортулааччыны суох гынар препарат туттуллубут. Кини үһүс кылаастаах кутталлаах, ол иһин дьоҥҥо, ынах-сүөһүгэ уонна атын да кыылларга буортута суох үһү.
Итини сэргэ специалистар эмтээһин сибиир солко өрөөччүтүн суох оҥорорго төһө туһалаабытын көрүөхтээхтэр. Барыллаан бэрэбиэркэ тэрээһин туһалаабытын көрдөрбүт. Итини таһынан, буортулааччы олохсуйбут сирдэрин ситэри үөрэтии, таһаарар хоромньутун учуоттааһын ыытыллыа.