15.10.2021 | 18:00 | Просмотров: 592

Саха сиригэр QR-кодтар киирэллэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр сокуоннай саастарын сиппит гражданнар култуура, спорт уонна уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр киирэллэригэр QR-код ирдэнэр буолар. Бүгүн, алтынньы 15 күнүгэр, туһааннаах ыйаахха Айсен Николаев илии баттаата. Бу туһунан СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ыйаахха олоҕуран, QR-код систиэмэтэ 2021 сыл алтынньы 20 күнүттэн култуура тэрилтэлэригэр – театрдарга, музейдарга, култуура дьиэлэригэр, бибилэтиэкэлэргэ уо.д.а., алтынньы 25 күнүттэн спорт эбийиэктэригэр – фитнес-кулууптарга, бассейҥа, спорт саалаларыгар уо.д.а., сэтинньи 1 күнүттэн уопсастыбаннай  аһылык тэрилтэлэригэр – кафеларга, остолобуойдарга, эрэстэрээннэргэ, банкеттыыр саалаларга киирэр. 
Ити тэрилтэлэргэ киирэргэ гражданнар COVID-19 утары быһыыны ылбыттарын туһунан сэртипикээттээх эбэтэр коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыт дьон QR-кодунан бигэргэтэн уонна бэйэни туоһулуур докумуону бииргэ көрдөрөллөр. 
Сэртипикээти уонна QR-коду вакцина ылбыт кэннэ Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталтан ылыллар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.