23.07.2021 | 17:26 | Просмотров: 754

Саха сиригэр «Предупреди пожар – установи АДПИ!» социальнай акция ыытыллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

 «Предупреди пожар – установи АДПИ!» социальнай акция нэһилиэнньэ олорор пуондатыгар баһаары сэрэтэр тэрили туруортарарын көҕүлүүр бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи челлендж буолар. 
Акцияны тэрийээччи – СӨ нэһилиэнньэтигэр куттала суох олоҕу хааччыйар Судаарыстыбаннай кэмитиэт. 
Акция кыттыылааҕынан СӨ ханнык баҕарар олохтооҕо буолуон сөп. 
Кыттааччылар АДПИ-ны атыылаһан ылан ханна баҕарар – дьиэлэригэр (кыбартыыраларыгар), төрөппүттэрин, аймахтарын, билэр дьоннорун дьиэлэригэр, нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох араҥата олорор сирдэригэр төһөнү баҕарар туруортарыахтарын сөп. 
АДПИ – автономнай, буруо сытын ылла даҕаны суһаллык биллэрэр баһаары утары тэрил. 
Акция усулуобуйатынан, АДПИ-ны туруоруу видеоматырыйааллара уонна хаартыскалара баар буолуохтаахтар. Итиннэ эбии АДПИ туһатын туһунан видеонан кэпсиэххэ сөп. 
Инстаграм сирэйигэр акция уонна АДПИ-ны туруортарбыт туһунан информацияны Госкомобеспечение @gkbjd_yakutia инстаграм-аккаунун бэлиэтээн уонна #предупредипожарсАДПИ хэштеги суруйан туран угуллуохтаах. 
Салгыы челлендж атын кыттааччыларга (бииргэ үлэлиир дьоҥҥутугар, доҕотторгутугар, билэр дьоҥҥутугар, судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уонна бэйэни салайыныы уорганнарыгар, тэрилтэлэргэ) бэриллиэхтээх. Кыттааччы ахсаана хааччаҕа суох. 
Акция кыттыылаахтара, усулуобуйаны толорон баран, быһаччы сүүйүүлээх оонньуу (розыгрыш) кыттааччылара буолаллар. 
Сүүйүүлээх оонньуу усулуобуйалара:
Госкомобеспечение @goskomobzh_yakutia инстаграм-аккаунугар подпискалаах буолуохтааххыт.
Госкомобеспечение сүүйүүлээх оонньуу туһунан суруйан таһаарбытын лайктыыгыт.
Госкомобеспечение сүүйүүлээх оонньуутун туһунан репост оҥороҕут. 
Акция 2021 сыл муус устар 22 күнүттэн 2021 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри ыытыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.