21.02.2022 | 14:30

Саха сиригэр «Предприниматель ийэ» бырагыраама ыытыллар

Саха сиригэр «Предприниматель ийэ» бырагыраама ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 14 күнүттэн 18 күнүгэр диэри региоҥҥа «Предприниматель ийэ» бырагыраама ыытыллар, итиннэ үөрэммиттэр бэйэ дьыалатын арыныахтарын сөп. 
Бырагыраама чэрчитинэн ийэлэр бэйэ дьыалатын арыйарга ирдэнэр наадалаах билиини ылыахтара. Үөрэнии биэс күн иһигэр сирэй тренинг быһыытынан ыытыллар. Ийэлэри уопуттаах бизнес-тренердар уонна дьоҕус бизнеһи өйүүр салаа бэрэстэбиитэллэрэ үөрэтэллэр. Саамай сүрүнэ – үөрэнии босхо!
Тренинг тиһэх күнүгэр, бизнес-былааннар куонкурустарын чэрчитинэн, кыттааччылар экспертнай хамыыһыйаҕа бэйэлэрин бырайыактарын билиһиннэрэн бэйэ дьыалатын сайыннарыыга 100 000 солкуобай суумалаах грант иһин киирсиэхтэрин сөп. 
Ситиһиилээх бизнес-леди буолар түгэни мүччү тутумаҥ, mamapredprinimatel.ru сайтка киирэн анкетаны толоруҥ. 
Сайаапкалары 2022 сыл кулун тутар  7 күнүгэр диэри туталлар (ити күнү киллэрэн туран). 
Бырагыраама туһунан @mamapredprinimatel аккауҥҥа киирэн көрүөххүтүн сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...