23.06.2021 | 16:00

Саха сиригэр ойуур баһаарын ахсаана эбиллибит

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Регионнааҕы ЫБМС пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ территориятыгар суукка иһигэр 16 ойуур баһаара эбиллибит.
«Суукка иһигэр ойуур баһаара 16-нан элбээтэ, саҥа умайа турар сирдэр эбиллэн баһаар иэнэ 5 тыһыынчаттан тахса га буолла. 12 оройуоҥҥа 4-5 кылаастаах баһаар куттала баар», - диэн иһитиннэриигэ этиллэр. 
Ойууру авиациянан харабыллыыр сулууспа суһал дааннайдарынан, региоҥҥа 67 ойуур баһаара баар. Суукка иһигэр 9 баһаар умуруоруллубут. Итиннэ 1611 киһи уонна 182 тиэхиньикэ үлэлээбиттэр. Ньурба улууһугар Арассыыйа ЫБМС авиацията биир сууккаҕа 17 төгүл барыта 135 туонна ууну куппут. 
Ойуур баһаардарынан Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба, Сунтаар, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн уонна Томпо оройуоннарыгар уустук балаһыанньа оннунан хаалар. Итиннэ 39 көрдүгэн регистрацияламмыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...