25.04.2024 | 16:00

Саха сиригэр олорорбунан киэн туттабын!

Саха сиригэр олорорбунан киэн туттабын!
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Муус устар 27 күнэ өрөспүүбүлүкэбит уопсастыбаннай уонна политическай олоҕор икки улахан суолталаах сабыытыйаны кытта ситимнээх. 1922 сылга Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ (САССР) төрүттэммитэ. Онтон лоп курдук 70 сыл буолан баран, 1992 сыллаахха, өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституцията күүһүгэр киирбитэ, кини Арассыыйаҕа Саха сирин субъект быһыытынан статуһун быһаарбыта.

Биһиги бу национальнай бырааһынньыкпытын – Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит күнүн – 1999 сылга аан бастаан бэлиэтээбиппит; муус устар 27 күнэ өссө Өрөспүүбүлүкэ конституциятын күнүнэн биллэр.

Бу күн маассабай дьаһаллар уонна демонстрациялар, быыстапкалар ыытыллаллар. Бырааһынньыкка оскуола үөрэнээччилэрэ уонна устудьуоннар көхтөөхтүк кытталлар. Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр үгэс быһыытынан Ил Дархан баһылыктаах регион салайааччыларын дэлэгээссийэтэ Саха АССР тэриллиитин көҕүлээбит биллиилээх политическай деятель Максим Аммосов төрөөбүт дойдутугар Нам Хатырыгар ыалдьыттыыр.

Арассыыйа аан бастаан биһиги кыраайбытын XVII-с үйэ бастакы чиэппэригэр арыйбыта. Оччолорго саҥа сирдэри арыйааччы хаһаактар Өлүөнэ өрүс кытылларыгар тиийбиттэрэ уонна кыстыыр сирдэри, остуруоктары олохтообуттара.

1632 сыллаахха Өлүөнэ уҥа кытылыгар Дьокуускай куоракка кубулуйбут Саха остуруогун уурбуттара. Бу кэм Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирэр сылынан ааҕыллар. 1638 сыллаахха Дьокуускайдааҕы уезд тэриллэр, кэлин Саха провинциятыгар (1775 с.) уонна Саха уобалаһыгар (1784 с.) кубулуйар.

Бүгүн, Өрөспүүбүлүкэбит күнүн көрсө, хаһыаппыт ааҕааччылара бырааһынньыгынан дойдубут инники сайдыытын тула санааларын, эҕэрдэлэрин тиэрдэллэр.

Галина Афанасьевна Садыкова, А.Я. Филиппов аатынан Өлүөхүмэ улууһун Хоро орто оскуолатын учуутала, 70 саастаах.

– Биһиги Өрөспүүбүлүкэбитигэр муус устар 27 күнэ сүҥкэн суолталаах. Тоҕо диэтэххэ бу күн 1922 сыллаахха саха чулуу уолаттара, судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай, политическай деятеллэр М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.Н. Барахов, С.М. Аржаков Саха сирэ үүнүү, сайдыы суолунан барарыгар, инникибит кэскиллээх буоларыгар Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин төрүттэспиттэрэ.

1999 сылтан Саха сирин олохтоохторо Өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнүн, биир саамай сүдү суолталаах бырааһынньыгы, бэлиэтиир буолтара.

Билигин биһиги Сахабыт сирэ Арассыыйа биир сайдыылаах региона буолла диэн олус киэн туттабыт. Тус бэйэм төрөөбүт дойдубун, Сахам сирин туохха да биэрбэппин.

Өрөспүүбүлүкэ билигин балысханнык сайдар. Урут тыа хаһаайыстыбата ордук чорбойор буоллаҕына, билигин промышленнас биир инники күөҥҥэ турар. Олохтоох дьонтон элбэх киһи промышленнаска үлэлиир.

Барыта үчүгэй буолуоҕун, кэлин тыа хаһаайыстыбата сүөһү иитиитигэр “доҕолоҥноото” дии саныыбын. Киһи барыта ИП буолан, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаламмат. Аҕыйах сүөһүлээх дьон эмиэ урукку курдук, туох да субсидия ылбакка, быһыллыбыт сыанаҕа үүт туттараллара буоллар, дьоҥҥо барытыгар туһалаах буолуо этэ. Туттарааччы харчыланар, нэһилиэнньэ арыынан, сүөгэйинэн хааччыллар. Онон бу боппуруоһу үчүгэйдик ырыҥалаан үөрэтэллэрэ буоллар.

Оттон бу бырааһынньыкпытынан Сахабыт сирин бары олохтоохторун ис сүрэхтэн эҕэрдэлээн туран, бары иллээхтик-эйэлээхтик олорон, төрөөбүт сирбит өссө сайдарын туһугар таһаарыылаахтык үлэлээн, үөрэнэн, үүнэн-сайдан иһэллэригэр баҕарабын. Барыларыгар доруобуйаны, эйэлээх ыраас халлааны!

Виктор Борисов, “Арассыыйа мин историям” түмэл экскурсияҕа отделын салайааччыта, ыччат уонна култуура бэлиитикэтин туйгуна, тыл үөрэҕин магистра, кыраайы үөрэтээччи, историк.

– Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ историческай суолталаах. 1922 сыллаахха автономия тэриллибитэ, бэйэтин салайынар буолбута. Биллэн турар, биһиэхэ, саха норуотугар, култуурунай уонна сайдыылаах, үөрэҕи өрө тутар автономия ураты ис хоһоонноох. Тоҕо диэтэххэ билигин сокуонунан тылбытын үөрэтии төрөппүттэн тутулуктаах. Төрөппүт баҕарар буоллаҕына, оҕотун сахалыы үөрэттэрэр кыахтаах. Ханнык баҕарар судаарыстыба биир сүрүн өрүтэ төрүт тыла буоллаҕа, саха тыла баарын тухары судаарыстыбаннас баар буолуоҕа, онон тылбытыгар кыһаллыахпытын наада дии саныыбын. Автономияны тэрийбит уолаттар ону баҕаран бастакы маассабай үөрэхтээһини сахалыы тылынан киллэрбиттэрэ. Биһиги кинилэр саҕалаабыттарын сүтэриэ суохтаахпыт, төрүт тылынан үөрэтиини умулларбакка, сайыннара туруохтаахпыт.

Саха сирэ мин дойдум, улааппыт, киһи-хара буолбут сирим, манна төрөөбүппүнэн киэн туттабын.

Сүрүннээн, экономиканы сайыннарыахха наада, дьон үчүгэй хамнастаах, үлэлээх буоларын курдук, кыра биисинэскэ суолта биэриэххэ. Хайдах эрэ атын соҕус суоллары туттуохха наада. XXI-с үйэ информация кэмэ, онно сөп түбэһиннэрэн, экономиканы сайыннарыахтаахпыт. Мин санаабар, креативнай экономикаҕа улахан болҕомтону ууруохтаахпыт. Тоҕо диэтэххэ үгүс элбэх дьоҕурдаах ыччаттаахпыт, олору өйүөхпүтүн наада, оччоҕо, мин санаабар, сайдыы тахсыаҕа.

Биһиги өбүгэлэрбит судаарыстыбаннастаах норуот этилэр, кинилэргэ ил диэн өйдөбүл баара, ону тутуһаллара историяттан биллэр. Онон ааҕааччыларга өбүгэлэрбит курдук судаарыстабыннай өйдөөх-санаалаах буолууну баҕарабын.

Станислав Александрович Дьяконов, М.К. Аммосов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын историятын түмэлин култуурунай-сырдатар үлэҕэ методиһа, Нам, Хатырык:

– Муус устар 27 күнэ – Сахабыт сирэ судаарыстыбаннас ылыммыт кэрэ-бэлиэ күнэ. ССРС Киин толорор кэмитиэтин Бүтүн Сойуустааҕы президиума Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэни тэрийэр туһунан декрети таһаарбыта. Оттон 1992 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ саҥа конституцията олоххо киирбитэ.

Саха норуота үйэлэргэ баҕа санаатын – судаарыстыбаннастаах буоларбытын Максим Кирович Аммосов, Платон Алексеевич Ойуунускай, Исидор Никифорович Барахов ситиспиттэрэ.

Ханнык баҕарар саха киһитэ төрөөбүт төрүт түөлбэтигэр, нэһилиэгэр, сиригэр-уотугар оҕо эрдэҕиттэн дириҥ ытыктабыллаах, истиҥ иэйиилээх сыһыаннаах буола улаатар. Мин өбүгэлэрим дойдутугар олорорбунан, үлэлиирбинэн киэн туттабын.

Надежда Викторовна Егорова, иитээччи, “Мэҥэ Хаҥалас улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайката, буулдьанан ытыыга СӨ спорка маастара:

–  Өрөспүүбүлүкэбит күнүн биһиги, сахалар, норуот, омук быһыытынан хотонтон арахсан сырдыгы билбит, үөрэҕи ылыммыт, һай-һат диэн күн бүгүҥҥэ диэри олорор күммүтүнэн ааҕабыт, бу биһиги төрүт тылбытын, төрүт үгэспитин барытын тутуһар, саха буоларбытынан киэн туттар ураты күммүт буолар.

Мин саха буоларбынан киэн туттабын. Араас омук сирдэригэр сырыттахха, лааппыларга киирэн таҕыстахха, бу диэн киһи хараҕа хатанар сувенира да, оҥоһуга да суох буолар. Билигин дойдубар быыстапкаларга сырыттаҕым аайы саха норуотунан киэн туттарым дириҥээн иһэр. Саха сатаабата суох: түүлээх буоллаҕына – түүлээх, мас диэтэххэ – мас, тимир буоллун – тимир, тугу барытын сатыыр. Соҕуруу дойдуга көмүстэрин киһи тарбаҕынан өҕүлүннэриэх курдук. Онно тэҥнээтэххэ биһиэннэрэ оһуобайдар. Аҥаардас төрүт аспыт-үөлбүт иҥэмтиэтэ сыттаҕа дии.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр тыа сирин сайыннарыахха наада. Тыа сирэ эстэр кутталлаах. Хамнастара да кыра, аны кэлэн быстыбат, үлэһиттэр дьиэлэрэ-уоттара тиийбэт. Дьиэ-уот көрүллэрэ, сөптөөх усулуобуйа тэриллэрэ буоллар, син тыа сиригэр дьон иҥниэ этэ дии саныыбын. Хамнаһы бастатан туран тыа хаһаайыстыбата сайдарын туһугар үлэлиир дьоҥҥо биэриэххэ наада, ол кэннэ дьэ онно сыһыаннаах министиэристибэлэр, тойоттор, хотуттар ыллыннар ээ, оччоҕо тыа хаһаайыстыбатын харчыта хамсыа этэ.

Өрөспүүбүлүкэм олохтоохторугар, “Киин куорат” хаһыат ааҕааччыларыгар бастатан туран эйэни баҕарабын, ону тэҥэ саха буоларбыт быһыытынан сахабыт төрүт тылын, үгэһин умнумуоххайыҥ, барыта этэҥҥэ буоллун, тылбытын сайыннарыахха, оччоҕо саха омук быһыытынан хаһан да өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...