11.08.2021 | 10:30

Саха сиригэр окко 30 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиир

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 9 күнүгэр ыраах оттуур  учаастактарга 108 биригээдэ барбыт, 30 тыһыынча кэриҥэ киһи 8 971 звеноҕа үлэлииллэр. Ол туһунан СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бүлүү улууһугар ыраах учаастактарга 13 биригээдэ оттуу барбыт, 1034 т. оту бэлэмнээбит. Мэҥэ-Хаҥаласка 10 биригээдэ 573 т. оту, Ньурба улууһугар 25 биригээдэ 527 т. оту, Сунтаар улууһугар 10 биригээдэ 100 т., Уус-Майаҕа 3 биригээдэ 107 т, Хаҥалас улууһугар 20 звено 525 т., Чурапчы улууһугар 21 биригээдэ 201 т. оту бэлэмнээбиттэр. Дьокуускай куорат территориятыгар «Туймаада Экоферма» ХЭТ 300 т. оту оттообут. Биригээдэлэр уопсайа 3537 т. оту бэлэмнээбиттэр. 
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыраах оттуур сирдэргэ 35 838 т от бэлэмнэнэрэ былааннаммыт. Ити сыалга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 2021 сылга 34 мөл. солк. көрүллүбүт. 
Тыа хаһаайыстыбатын Управлениеларын суһал дааннайдарынан, атырдьах ыйын 9 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ бары хаһаайыстыбаларыгар 8 971 звено састаабыгар 30 286 киһи үлэлиир, ол иһигэр 1934 механизированнай, 4874 механизированнай аҥаардаах, 166 атынан-илиинэн уонна 1887 илиинэн оттууллар, 11 566 тыраахтыр үлэлэһэр. 
Атырдьах ыйын 9 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 219621 га ходуһа охсуллубут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...