25.09.2024 | 11:50

Саха сиригэр оҥоһуу өй лабораторията арылынна

Саха сиригэр оҥоһуу өй лабораторията арылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Дьокуускай куорат IT-пааркатыгар оҥоһуу өй (искусственный интеллект) лабораторията арылынна. СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, манна оҥоһуллар технологиялары олох араас эйгэтигэр – доруобуйа харыстабылыттан саҕалаан ойуур баһаардарын утары киллэрэллэрэ былааннанар.

Бу – Бырабыыталыстыба, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ уонна Сбер холбоһуктаах бырайыактара, былырыын сэтинньи ыйга түһэрсиллибит үс өрүттээх меморандум чэрчитинэн олоххо киирдэ.  

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, кылгас кэм иһигэр бэрт үгүс үлэ ыытылынна, ол түмүгэр кэскиллээх бырайыак олоххо киирдэ.

Лабораторияҕа хайыы үйэ түөрт бырайыактыыр хамаанда үлэлээн саҕалаата, онно 26 киһи кыттар. 

 

Хаартыска: Мария Васильева түһэриитэ, СИА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...